17.09.2021 | 17:55

Быыбардыыр учаастактарга СOVID-19 инфекциятыттан харыстанар миэрэ тутуһуллар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быыбар бары учаастактарыгар коронавирус инфекциятыттан харыстанар миэрэ барыта тутуһуллар. Ол туһунан брифиҥҥэ суһал штаб  аатыттан өрөспүүбүлүкэ вице-премьера Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.  
«Бу күннэргэ, балаҕан ыйын 17-19 күннэригэр, быыбарга баран куоластыыбыт. Өрөспүүбүлүкэ суһал штаба территориальнай быыбар хамыыһыйаларын кытта миэстэтигэр, учаастактарга, куттал суох буолуутун хааччыйар бары миэрэлэри киллэрдибит. Бэйэм сарсыардаттан кэккэ учаастактарга сылдьан нуорманы тутуһаллар эбит диэн көрдүм. Барыгытын сэрэтэр миэрэлэри тутуһаргытыгар ыҥырабын», — диэтэ Ольга Балабкина.
«Амбулаторнай ыарыһахтары уонна изоляцияҕа олорон анаалыстарын түмүгүн кэтэһэр, эбэтэр хантаактаах дьону үс күн иһигэр сайабылыанньанан учаастактааҕы быыбар хамыыһыйатын бэрэстэбиитэлэ куоластатыаҕа. Конституциянан көрүллүбүт быраап толору туһаныллыаҕа», — диэн эбэн эттэ кини.
Санатан эттэххэ, бүгүн сарсыарда 8 чааска Саха сирин бары быыбардыыр учаастактара үлэлэрин саҕалаатылар. Быыбар үс күн — балаҕан ыйын 17, 18, 19 күннэригэр ыытыллыаҕа. Саха сирин олохтоохторо РФ Судаарыстыбаннай Думатын депутаттарын, итини сэргэ сорох улуустарга оройуон, нэһилиэк баһылыктарын уонна оройуон сэбиэтин, бэрэстэбиитэллээх уорганнарын депутаттарын талыахтара

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...