20.09.2021 | 09:00

Быыбар үһүс күнэ түмүктэннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров бэҕэһээ киэһэ «Якутия 24» телевизионнай ханаал эфиригэр региоҥҥа үс күннээх куоластааһын түмүктэммитин туһунан иһитиннэрбитэ. 
«РФ Судаарыстыбаннай Думатыгар депутаттары, ону сэргэ Саха сирин икки быыбардыыр уокуругар парламеммытыгар депутаттары эбии талыыны уонна 76 муниципальнай быыбардары өрөспүүбүлүкэ 29 оройуоннарыгар үс күнү быһа ыытан түмүктээтибит. Бүгүн куолас ааҕытын саҕалыахпыт», – диэн эппитэ Евгений Федоров.
Кини бэлиэтээбитинэн, регионнааҕы Киин быыбардыыр хамыыһыйа дойду үрдүнэн бары быыбардыыр учаастактар үлэлэрэ түмүктэннэҕинэ биирдэ куоластааһын түмүгүн таһаарыы саҕаланар. Итини сэргэ, бэрэссэдээтэл олус көхтөөх, киирсиилээх быыбар буолан ааспытын эбэн эттэ. 
Балаҕан ыйын 17-18-19 күннэригэр араас таһымнаах быыбардар буолан аастылар. Саха сиригэр гражданнар РФ Судаарыстыбаннай Думатын депутаттарын, Университет 3 №-дээх биир мандаттаах уокуругун норуодунай депутаттарын талар, Халыма-Индигиир 3 №-дээх биир мандаттаах уокуругун уонна өссө 76 муниципальнай быыбар хампаанньаларыгар кытыннылар. 
Быыбар түмүктэрин салҕыы сырдата туруохпут.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...