28.12.2022 | 12:00

Быыһааччы күнүнэн эҕэрдэлээтилэр

Ахсынньы 27 күнүгэр Арассыыйа Федерациятын Быыһааччытын күнэ бэлиэтэннэ, ЫБММ регионнааҕы Кылаабынай управлениетын быыһааччыларын, сотрудниктарын уонна үлэһиттэрин наҕараадалаатылар.
Быыһааччы күнүнэн эҕэрдэлээтилэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үөрүүлээх тэрээһини эҕэрдэ тылынан ЫБММ регионнааҕы Кылаабынай управлениетын начаалынньыга Павел Гарин саҕалаата.

«Кутталлаах түбэлтэлэргэ сылдьыыны күннээҕи үлэнэн оҥостубут дьоҥҥо махталбын тиэрдэбин. Тус бэйэҕитигэр уонна дьиэ кэргэҥҥитигэр күүстээх санааны, эйэни, этэҥҥэ буолууну баҕарабын. Быыһааччы – профессионал, киниэхэ дьон итэҕэйэр уонна киниттэн көмөнү күүтэр», – диэн эҕэрдэлээтэ Павел Сергеевич.

Чулуу үлэлээх сотрудниктарга уонна үлэһиттэргэ Павел Гарин анал уонна уочараттаах сололорун, итиэннэ «За отличие в службе», «За безупречную службу», «За усердие» и «За отличие в ликвидации последствий чрезвычайной ситуации» биэдэмистибэ мэтээллэрин туттартаата. Наҕараадалары ЫБММ регионнааҕы Кылаабынай управлениетын 20-тэн тахса сотрудниктара уонна үлэһиттэрэ туттулар.

«Сотрудниктар эр санаалара, хорсун быһыылара, үрдүк маастарыстыбалара уонна эппиэтинэстэрэ – быыһыыр сулууспа үчүгэй үлэтин мэктиэтэ. Сылын аайы техническэй база саҥардыллар, үлэ ньымалара тупсар, идэтийии таһыма үрдүүр», – диэн эбэн эттэ Павел Гарин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....