19.01.2023 | 21:43

Бытархай таас ордук дуу, кумахха төннөбүт дуу?

Быйыл кыһын киин куорат уулуссаларыгар халтарааны утары үгэс буолбут кумах оннугар бытархай таас кутулларын нэһилиэнньэ өйдөөн көрбүт буолуохтаах.
Бытархай таас ордук дуу, кумахха төннөбүт дуу?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

 Урут туттуллубатах сонун ньыма туһунан биһиэхэ Куорат хаһаайыстыбатын салайар МКУ салайааччыта Владимир Аммосов бу курдук кэпсиир:

– Билиҥҥитэ халтарааны букатын кыайдыбыт диэн этэр кыах суох. Бииринэн, саҥа ньыманы боруобалаабыппыт бастакы кыһына, онон ааспыт сезону кытта тэҥниир статистика суох; иккиһинэн, бу ньыма куорат быылын хаптатыыга оруолун эмиэ билбэппит. 2021 уонна 2022 сылларга суол саахалын тэҥнээн көрдөххө, улахан араастаһыы суох. Ол эрээри 2021 сыллааҕы пандемияны, тэрилтэлэр, оскуолалар тэйиччиттэн үлэлээбиттэрин, ол аата сырыы аҕыйаҕын, ону кытта нэһилиэнньэ ахсаана арыый намыһаҕын учуоттаатахха, куһаҕана суох көрдөрүү. 

Биллэн турар, «отсев” диэн ааттанар бытархай тааһы биһиги уулуссалар быһа охсуһууларыгар, оптуобус тохтобулугар, ол эбэтэр тырааныспар бытаарар сирдэригэр кутар буоламмыт, массыыналаах дьоҥҥо кутталы үөскэппэт. Онон бу ньыманы атын дойдуларга туһаммыттара ыраатта. Биһиги тыйыс усулуобуйабытыгар халтарааны кытта охсуһар мантан көдьүүстээх ньыма суох. Холобура, намыһах температураҕа реагеннар суолу катокка кубулутар кыахтаахтар, ону ааһан ирбэт тоҥҥо, сир кырсыгар алдьатыылааах дьайыылаах буолан, экологияны дэбигис кэбирэтэр кутталлаахтар. Оттон бу сыллар тухары биһиги кумаҕы туттан кэлбит буоллахпытына, атын куораттар бары быыл төрдө-төбөтө буолар кумахтан аккаастанан эрэллэр. Онон сүрүн түмүгү – быыл аҕыйыырын/суоҕун аны сайын көрүөхпүт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...