Быстах кэмҥэ олорор пуун арылынна
Куорат баһылыга Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, Өлүөнэ эбэҕэ муус устарынан сибээстээн, Дьокуускайдааҕы промышленнай техникум дьиэтигэр намыһах сиргэ олорор дьоҥҥо анаан бастакы быстах кэмҥэ олорор пуун тэрилиннэ.
«Бүгүн манна 200 киһиэхэ аналлаах пуун арылынна. Куорат уокуругар маннык пууннар өссө Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр уонна Табаҕа сэлиэнньэтигэр бааллар», – диэтэ Евгений Николаевич.
Үөһэ этиллибит 2 пуун, ыксал тирээтэҕинэ, 20 мүнүүтэ иһинэн дьону суһаллык киллэрэр кыахтаахтарын баһылык бэлиэтээтэ. Пууҥҥа киирэр дьоҥҥо пандемиянан сибээстээн санитарнай-эпидемиологическай ирдэбил тутуһуллара этилиннэ.
Маны таһынан куттал суох буолуутун хааччыйар миэрэ чэрчитинэн “ЯПАК” тиэхиньикэтэ бэлэм турар.
Евгений Григорьев эппитинэн, куорат уокуругар халаан уутугар барар кутталлаах дьиэлэргэ 1450 киһи олорор.