16.08.2021 | 14:00

Бырактыкааннардыын ыкса үлэлиэһиэхпит

Бырактыкааннардыын ыкса үлэлиэһиэхпит
Ааптар: Ольга СТЕПАНОВА
Бөлөххө киир

Тыйаатыр киһини абылыыр сүдү күүстээх. Бу эйгэҕэ киирбит киһи олоҕун тухары манна “ытарчалыы” ыга ылларар. Тыйаатыр аҥаардас артыыстартан, режиссердартан эрэ турар буолбатах. Бу – элбэх идэлээх дьонтон турар бэйэтэ туспа судаарыстыба кэриэтэ. Тыйаатыр литературнай чааһын сэбиэдиссэйэ,  эдэр туспа көрүүлээх Ангелла Поповалыын бүгүҥҥү кэпсэтиим  бэрт сэргэхтик ааста. Ол эбэтэр, тылбаас курдук уустук идэҕэ үөрэнэ сылдьар магистраннар быраактыкаларын тула сэһэргэстибит.

 

-         Ангелла, маннык быраактыка хаһааҥҥыттан ыытылларый уонна бу санаа туохтан үөскээбитэй?

-          Саха тыйаатырын литератураҕа чааһын кытта М.К.Аммосов аатынан  Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет, чуолаан саха тылын истилиистикэтин уонна нууччалыы-сахалыы тылбаас кафедрата, өссө Саха тыйаатырын литератураҕа чааһын   сэбиэдиссэйэ Иннокентий Аксентьевич Дмитриев-Сиэн Чолбодук саҕаттан бииргэ  үлэлиир. Ол курдук, тылбаас кафедратыттан үгүс устудьуон Сиэн Чолбодук курдук номоххо киирбит киһини кытары чугастык алтыһан, бииргэ үлэлээн турар.

Быйылгы магистраннар салайааччылара Акулина Александровна Васильева  тыйаатыр дириэктэрэ Петр Тимофеевич Макаровка быһа тахсан, сөбүлэһэн, тыйаатыр уонна университет хардарыта илии баттаһаннар бу быраактыка олоххо киирбитэ. Онон  быраактыка - Акулина Васильева идиэйэтэ. Кини хара маҥнайгыттан биһигини, магистраннарын, бастакы семестр саҕаланыаҕыттан уус-уран тылбааска бэлэмнээн, эрчийэн, бу сыл түмүгэр уус-уран тылбааска дьиҥнээхтии холонорбутугар үктэл биэрдэ дии саныыбын.

Онтон пьеса тылбааһа быраактыка быһыытынан эмиэ бастакытын ыытыллар диэбэппин.  Аҕыйах сыллааҕыта  устудьуоннарга Олжас Жайнадаров аатырбыт “Магазин” пьесатын тылбаастатан көрбүтүм, куһаҕана суохтук тылбаастаабыттара дии саныыбын.

Онтон быйылгы тылбаас быраактыкатын театровед Надежда Осиповалыын сүбэлэһэн, икки сыллааҕыта ыытыллыбыт драматурдар лабораторияларыгар нууччалыы тылынан суруллубут пьесалары:  “Искусство тут ни при чем” (Елена Яковлева), “Сын тундры” (Күннэй Еремеева)  тылбаастатыах буолбуппут.  Маны таһынан, артыыс, режиссер Василий Борисов:  ““Ночь Гельвера” пьесаны туруоруом, тылбаастыыргыт буоллар”, --  диэн литературнай чааска киирэн бу саас кэпсэтэ сылдьыбыта, ону тылбаастаттыбыт.

“Искусство тут ни при чем” пьеса тылбааһа уустук буолуо диэн түөрт магистрант буолан тылбаастаатыбыт. Мин бэйэм үлэбэр күннэтэ тылбаастаан түбүгүрдэр киһим Мария Петрова – силиэстийэлиир кэмитиэккэ үлэлиир идэлээх тылбаасчыт. Ону сэргэ,   Татьяна Егорова уонна Регина Николаева – тыйаатырга ордук сыстаҕас магистраннар.  Бу пьесаҕа тыйаатыр ускуустубата сүрүннүүр, көдьүүс күүс кэриэтэ көстөр. Онон,  тыйаатыры таптыыр, тыйаатырга сылдьар дьон тылбаастыылларыгар да интэриэһинэй буолуон сөп диэн кинилэргэ итэҕэйбиппит.

“Сын тундры” – оҕо пьесата. Онон, бу пьесаны оҕону кытта ыкса үлэлэһэр, оҕо психологиятын билэр идэлээх дьоммутугар Июлия Григорьеваҕа уонна Сандаара Гаврильеваҕа итэҕэйбиппит. Оттон “Ночь Гельвера” – абсурд дыраама курдук уустук жанры кыайахтара диэн Яков Титовка уонна Марфа Семеноваҕа сүктэрбиппит. Бу пьесаны олоххо сиппит-хопут көрүүлээх дьон тылбаастыыра оруннаах этэ. Кимиэхэ ханнык пьеса сөп түбэһэрин магистраннар уонна салайааччылара Акулина Александровна Васильева, Надежда Осиповна Осипова  бастакы күн түмсэн, бары бииргэ сүбэлэспиппит.

- Бырактыкааннар бэйэлэрин соруктарын хайдах толордулар дии санаатыҥ?

- Мин санаабар, магистраннар туруоруллубут соругу толору ситистилэр. Биир ый иһигэр бэрт улахан үлэни оҥордулар диэн сыаналыыбын. Билигин ханнык баҕарар режиссер бу үс пьеса тылбааһын ылла да, сыанаҕа туруорар кыахтанна. Онон, түмүк олус үчүгэй.

- Бэрэбиэркэ түмүгэ хайдах ааспытай?

- Быраактыканы салайбыт Надежда Осиповна бэлиэтииринэн, бэрэбиэркэ түмүгүнэн хас да магистрант тылбааһа уһулуччу үчүгэй. Холобур, Надежда Осиповна быйыл кыһын ыытыллыахтаах режиссура лабораториятыгар кыттыахтаах Борис Павлов “Сюзанна” пьесатын Яков Титовка нууччалыы тылынан тылбаастата биэрбит. Ол аата, магистрант тылбаасчыт быһыытынан быраактыка кэмигэр кыаҕын толору арыйбыт, туһаммыт.  Үлэ түмүгэр атын үлэ үөскүүр буоллаҕына – ол ситиһии буоллаҕа дии.

- Маннык интэриэһинэй бырайыактар былааҥҥар өссө бааллар дуо?

- Литература чааһыгар  тылбаастанар пьеса өрүү киирэ турар. Онон инникитин да бырактыкааннары кытары ыкса үлэлэһэр былааннаахпыт.

- Эн санааҕар, ханнык пьеса билиҥҥи кэмҥэ ордук сөптөөҕүй?

- Елена Яковлева “Искусство тут ни при чем” диэн пьесата аныгы кэм үгүс кыһалҕаларын көрдөрөр олус суолталаах, наадалаах пьеса. Бу пьеса саха көрөөччүтүгэр тиийэрэ буоллар,  улахан сонун, өйгө-санааҕа дьайыылаах буолуо эбит диэн көрөбүн.

- Ангелла, кэпсээниҥ иһин махтал! Инникитин даҕаны ситиһиилээх үлэни, тыйаатыр үлэтигэр саҥа сүүрээннэри киллэрэ тураргар баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...