20.04.2021 | 08:58

Бырааһынньыктаабаппыт! Маассабай тэрээһиннэр тохтууллар

Эпидемиологическай балаһыанньа уустугуран, Саха сирин суһал штаба Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр уонна ыам ыйын 1 күнүгэр маассабай тэрээһиннэри тохтотор туһунан быһаарыныы ылла.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу нэдиэлэҕэ Саха сиригэр коронавирустаабыт киһи ахсаана элбээтэ, чуолаан аҕам саастаах дьон, оскуола үөрэнээччилэрэ, устудьуоннар ыалдьаллара үксээтэ. 

Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаата муус устар 20 күнүттэн ыам ыйын 8 күнүгэр диэри дьон тоҕуоруһар бырааһынньыктарын, спортивнай күрэхтэһиилэри, быыстапкалары, о.д.а. тэрээһиннэри тохтоторго сүбэлээтэ. Ону таһынан ыам ыйыгар уһун өрөбүллэргэ корпоративтары хааччахтыырга ыҥырда. Бу этиилэри ылынан, Ил Дархан Айсен Николаев муус устар 19 күнүгэр Саха сиригэр эбии хааччахтааһыннары киллэрэр туһунан ыйаахха илии баттаата.

Ол курдук, өрөбүллэргэ уонна бырааһынньык күннэригэр  өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн конференциялары, форумнары, култуура, үөрэх тэрээһиннэрин ыытар бобулунна, ол эрээри онлайн формат көҥүллэнэр. Маннык тэрээһиннэр үлэ күнүгэр буолуохтарын сөп, кыттааччы ахсаана 50-тан элбиэ суохтаах.    

Ас-үөл тэрилтэлэрэ, ол иһигэр банкет саалалара муус устар 20 күнүттэн түүн 00:00  чаастан сарсыарда 06:00 чааска диэри сабыллаллар.   

Театрдарга, киинэ театрдарыгар, кэнсиэртэргэ, култуура дьиэлэригэр саала 50 % туолара көҥүллэнэр. Санатан эттэххэ, бу иннинэ 75 % тиийэ сылдьыбыта.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...