11.12.2020 | 13:26

Бырааһынньык содулун статистика көрдөрүө...

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Былырыын баччаларга тэрилтэлэр корпоративтарын ханна ыыталларын номнуо быһаарынан олорбуттара. Биир сыл алтынньы ый бүтүүтэ эрэстэрээн көрдөөн аймаммыппытын, профсойуус үлэһитэ буолан ууга-уокка түспүппүн өйдүүбүн.

Соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев Саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар хааччахтары киллэрэр туһунан ыйаах таһаарбыта.

Сорох дьон саҥа дьыл үүнэр түүнүгэр, 12 чааһы дьиэлэригэр көрсөн баран, театрга ойор, эрэстэрээҥҥэ элээрэр эбит буоллахтарына, быйыл тохтууллар. Тоҕо диэтэххэ, ахсынньы 15 күнүттэн 2021 сыл тохсунньу 15 күнүгэр диэри уопсастыбаннай ас-үөл тэрилтэлэрэ (эрэстэрээннэр, кафелар, баардар) түүн 23.00 чаастан сарсыарда 8.00 чааска диэри үлэлииллэрэ көҥүллэммэт.

Саҥа дьыл – дьиэ кэргэн бырааһынньыга. Онон дьиэбитигэр остуол хотойорунан ас астанан баран, урукку-хойукку киинэлэри, “Күөх уоту” көрө-көрө сытар буоллахпыт.

Судаарыстыбаннай былаас уонна олохтоох салайыныы уорганнара корпоративтары, банкеттары, утренниктары ыыталлара көҥүллэммэт. Арай онлайн бырааһынньыктыахтарын сөп.

«Корпоративтары ыытымаҥ диэн сүбэлиибит. Уопсастыбаннай ас-үөл тэрилтэтигэр 15-кэ диэри киһилээх бырааһынньык бобуллубат, ол эрээри түүн 23.00 чааска диэри», — диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга социальнай ситимнэргэ быһа эфир кэмигэр чопчулаан биэрбитэ. Онуоха Роспотребнадзор ирдэбиллэрэ хайаан да тутуһуллуохтаах.

Алло, корпоративка сайаапка ылаҕыт дуо?

Корпоративтар хайдах ыытыллалларын, этиллибит быраабыла барыта төһө тутуһулларын билээри, банкет саалаларыгар эрийэргэ соруннум. 2 ГИС арыйан, төлөпүөннэрин нүөмэрин буллум. Суруналыыспын биллэхтэринэ, кэпсэтэ барыахтара суоҕа дии санаатым. Онон тэрилтэм дьонугар умнуллубат бырааһынньыгы бэлэхтииргэ баҕалаах, эппиэтинэстээх үлэһит аатырдым.

Бастаан чугастыы “Тээйэҕэ” эрийдим. Бэрт сэргэх саҥалаах үлэһит төлөпүөнү ылла. “Биһиги 30-ча буолабыт”, – диэтим. “Сөп. Биир киһи 2800 солк. төлүүр”, – диэн холкутук хоруйдаата. Онно ас-үөл, кэнсиэр, үҥкүү, ыытааччы, уопсайынан, толору бырааһынньыктааҕы бырагыраама киирэрин кэпсээтэ. Өссө ханнык күнү таларбытын ыйытта. Кырдьык-хордьук ханнык күннэр хаалбыттарын токкоолостум. Сымыһахпын быһа ытыран баран салгыы: “Арай 30-тан элбээтэхпитинэ хайыыбытый?” – диэн үтэн-анньан көрдүм. “Элбээбитэ 50 киһи буолар”, – диэтэ (50!!! Хайдах хайдаҕый? Өйдөөбөтүм! – Аапт.). Тылбыттан маттым. Өссө атын тэрилтэлэр эмиэ баар буолуохтарын сөп үһү. Сүбэлэһэн баран эрийиэх буоллум. 

Матырыйаал ис хоһооно күүркэйээри гынна буолбаат? Салгыы “Хомус” банкет саалатыгар эрийдим. “Корпоративка сайаапка ылаҕыт дуо?” – диэн истэхпинэ: “Суох!” – диэн мас-таас курдук кытаанах хоруйу иһиттим. Кэпсэтии бүттэ.

Хас да саалаҕа эрийэ сатаатым. Сорохтор ылбаттар, автоответчиктара эрэ эппиэттиир. “Мираж” ылла. “Банкет саалатын саппыппыт ыраатта”, – диэн сахалыы хоруйдаатылар.

“Ренабо” эрэстэрээнигэр биир киһи 3000 солк. төлүүр. “Эһиги саалаҕытыгар атын дьон суох буолаллар, долгуйумаҥ”, – диэн уоскуттулар.  

Салгыы “Чочур Муран” комплекска эрийдим. “Бырагыраама диэн суох, музыка баар буолар. 23.00 чааска диэри бырааһынньыктыыгыт. Саалаҕа элбээбитэ 30 киһини киллэрэбит, онтон элбэх көҥүллэммэт”, – диэтилэр. Дьэ, ити баар, били 15-пит эмиэ таһынан барда!   

“Атласовтар уһаайбаларыгар” эрийдим. Ис киирбэх саҥалаах кыыс ылла.

–Корпоративка сайаапка ылаҕыт дуо? – диэн “билэр ырыабын” хатылаатым.

–Ылан. Хаһыс чыыһылаҕа?

–25-кэ. Бээтинсэҕэ үлэлээн баран, – хата, мух-мах буолбатым.

–Көрүөм эрэ. Баар эбит.

–Хастан хаска диэри?

–Киэһэ 17.00 ч түүн 23.00 диэри. Хаскытый?

–30-ча киһи.

–Уой! – улаханнык соһуйбута куолаһыгар билиннэ. – 15-кэ эрэ диэри көҥүллэнэр ээ. (Ону билэр киһи баар эбит! – Аапт.)

–Биһиги 30-пут. Оччоҕуна хайдах гынабыт? – билбэтэх-көрбөтөх курдук тутуннум.  

–Дьиҥэ, 40 киһини батарар саалалаахпыт. Арай бэйэҕит эппиэтинэһи сүгэр буоллаххытына... – диэтэ.

–Сыана төһөнүй?

–2000 солк.

–Онно туох киирэрий? Бырагыраама хайдаҕый? Ыытааччы баар буолар дуо? – ыйытыынан көмөн кэбистим.

–Ас-үөл. Ыытааччы эҥин көҥүллэммэт ээ. Саалаҕа официаннар эрэ киирэллэр. Анаалыстара үчүгэй буоллаҕына, – диэн быһаарда.

Эмиэ сүбэлэһэн баран эрийиэх буоллум.

Дьэ, ити баар! Сэрэйбит сэрэх! Элбэх киһилээх, уоттаах-күөстээх, тыастаах-уустаах бырааһынньыктар син биир буолаллар эбит. Банкет саалата эрэ элбэх. Мин аҕыйах сиргэ эрийбитим үрдүнэн, хартыына хайдаҕа көһүннэ. Административнай хамыыһыйа бэрэбиэркэтэ күүһүрүө диэн эрэнэбит. 

Көрү-нары утарабыт!

Соторутааҕыта ыытыллыбыт «Общественное мнение» пуонда социологическай чинчийиитин түмүгүнэн, Арассыыйа олохтооҕун 75 %-на маассабай көрү-нары тохтотору, корпоративтан аккаастанары өйүүрүн биллэрбит. Ыйытыкка кыттыбыт дьонтон  20 %-на ону утарбыт, 5 % туох диэн хоруйдуурун ыарырҕаппыт.

Улахан аҥаарыттан ордук киһи маннык дьаһаныы коронавирус тарҕамматыгар көмөлөһүө диэн эрэнэллэр эбит. Сорохтор хааччахтааһын туһата суох диэбиттэр.  

Superjob сервис чинчийиитэ көрдөрбүтүнэн, өскөтүн хааччахтааһын көтүрүллэрэ буоллар, кыттыбыт дьонтон 47 %-на саҥа дьыллааҕы корпоратив ыытылларыгар сөбүлэһэрин биллэрбит. Ол үксүн ыччат буолара бэлиэтэммит. Ол эрээри ыйытыкка хоруйдаабыт дьон ахсааныттан үс гыммыттан биирэ “хааччах суох да буолар түгэнигэр, кэллиэгэлэрбитин кытта ханна да бырааһынньыктыы барбаппыт” диэбит.

Оскуолаларга, уһуйааннарга

65-тэн үөһэ саастаахтар уонна ааспат-арахпат ыарыылаах дьон бэйэ изоляциятыгар салгыы олороллор. “Тымныы оҕонньор кырдьаҕас, изоляцияҕа олорор. Онон Саҥа дьыл буолбат” диэн көр-күлүү тарҕаммыта ыраатта. Хата, дьээбэлэммиппит туолбата – “хаарбыт онлайн түспэтэ”.  

Урут төрөппүттэр оҕолорбутун кытта тэҥҥэ үөрэрбит-көтөрбүт, иитээччилэрбитигэр, учууталбытыгар илии-атах буолан көмөлөһөрбүт. Кырачааммыт уһуйааҥҥа сылдьар сылларыгар, үлэбититтэн көҥүллэтэ-көҥүллэтэ, оҕобутун таҥыннара сүүрэрбит. Кэнники кэмҥэ аниматордары, хаартыскаҕа түһэрэр, видеоҕа уһулар дьону ыҥырар муода курдук буолбута. Фиксиктэргэ, феяларга, трансформердарга, пониларга, о.д.а. харчы уу курдук кутуллара. Тоҕуоруһуу бөҕө буолара. Оттон быйыл оскуолаларга, уһуйааннарга оҕолору аҕыйах ахсааннаах бөлөхтөргө арааран бырааһынньык ыытыллыан сөп. Утренникка биир да төрөппүт сылдьыбат, аниматордары киллэрэр көҥүллэммэт. Биллэн турар, Тымныы оҕонньор уонна Хаарчаана кэлэн эҕэрдэлиэхтэрэ. Бу эппиэтинэс оскуола, уһуйаан үлэһиттэригэр сүктэриллэр. Чэ, иитээччилэр, учууталлар итиннэ баай уопуттаахтар. Онон физкултуура учууталлара бытыктарын, хаатыҥкаларын эрдэттэн көрдөнө тураллара буолуо. Быыкаа оҕолор бэйэлэрэ таҥналлара, дьаһаналлара уустук соҕус. Хайдах хааһыланаахтыыллара буолла?

Кэрийэрбитин тохтотуохпут дуо?

Билигин тустаах дьоҥҥо уустук кэм. Үгүс киһи ыалдьар, ыарахан туруктаахтар балыыһаҕа сыталлар, ким эрэ Орто дойдуттан күрэнэр... Ыар сүтүктээх элбиир. Некрологтары көрөн, киһи хараастар.

Өрөспүүбүлүкэ салалтата ахсынньы 31 күнүгэр маҕаһыыннар 12 чаас үлэлииллэригэр сүбэлээбитэ. Дьон тоҕуоруспатын туһугар. Бүтэһик күҥҥэ кэлэн “һуу-һаа” диэччи, маҕаһыын кэрийэн бэлэх көрдөөччү, ас атыылаһааччы, сэрэйдэххэ, быйыл да элбэх буолуо. Онон бу ыйаах тугу да улаханнык уларытара биллибэт.

Суол аһыллыбыта. Бу күннэргэ кэлии-барыы үксүүр, атыы-кутуу дэлэйэр. Маҕаһыыннарга үтүрүһүү тахсара, уһун уочарат субуллара чуолкай. Тэйиччи туттуу быраабылаларын тутуһуохтара дуо? Аҕыйах күнүнэн статистикабыт хайаһар? 

Атын регионнары ылан көрдөххө

Билигин дойду тэбэр сүрэҕэр – Москваҕа ас-үөл тэрилтэлэрэ түүн 23.00 чааска диэри үлэлииллэр. Оттон бырааһынньык күннэригэр түүн 23.00 чаастан сарсыарда 6.00 чааска диэри ааннара аһаҕас буолуоҕа. Арай музейдар, быыстапкалар сабыллаллар, театрдарга миэстэ 25 % туолуохтаах. Оттон 50-тан элбэҕэ суох киһилээх корпоративтар ыытыллаллара көҥүллэнэр. Арай түүн 23.00 чааска тарҕаһыахтаахтар. Кремль харыйата онлайн ыытылларын үрдүнэн, дьону албыннаан харчы оҥостор түөкүннэр билиэт атыылаан ырааппыттар.

«Известия» хаһыат суруйарынан, Санкт-Петербург куоракка ахсынньы 30 күнүттэн тохсунньу 3 күнүгэр диэри кафелар, баардар, эрэстэрээннэр үлэлэрэ бобуллар. Атын күннэргэ сарсыарда 6 чаастан киэһэ 19.00 чааска диэри үлэлиэхтэрин сөп. Вице-губернатор Евгений Елин туристары кэлимэҥ диэн көрдөспүт этэ...

Ямалга тохсунньу 15 күнүгэр диэри кафелар, эрэстэрээннэр түүн үлэлээбэттэр. Алтайга дьон таһырдьа турар аттракционнарга сылдьыахтара.

Краснодарскай кыраай губернатора Вениамин Кондратьев кэпсээбитинэн, бырааһынньык күннэригэр гостиницалар 90–100%-ра туолбут. Бу сэтинньи ыйга. Онон туристар кутуллан тиийэллэригэр бэлэм олороллор.

Баҕалаах булан сылдьар

«Биһиги, атын регионнар курдук, саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктары букатын бобор санаабыт суох. Тоҕо диэтэххэ -50 кыраадыс тымныыга киһи улаханнык күүлэйдээбэт. Дьону бырааһынньыктан матарар, дьиҥэр, соччото суох», – диэбитэ Ил Дархан. 

Кырдьык, көртөн-нартан матаары гынныбыт диэн ыксаабыттар ханна барыахтарай? Бааллар. Аны туран, туох да диэбит иһин, сиэри таһынан кытаанах бобуу-хаайыы үчүгэйгэ тиэрдибэт. “Бобуулаах ас ордук минньигэс” диэн этии баар. Ону соторутааҕыта Таатта улууһугар антисептик иһииттэн аана суох алдьархай, иитэ суох иэдээн тахсыбыта туоһулуур. 

Манна диэн эттэххэ,  хааччахтааһыҥҥа хаайтарарбытын сөбүлээбэппитин пандемия көрдөрдө. Бэйэ изоляциятын эрэсиимин толору тутуспут ахсааннаах ини. Күүлэйдиэн баҕалаах син биир булан сылдьар, тыынын таһаарар быһыылаах. Онуоха ханнык да бэйэлээх хоруоналаах вирус тохтоппот... 

Ыарыы кэлэр долгуна олунньу-кулун тутар ыйдарга күүтүллэр диэн сабаҕалыыллар. Онон өссө да уһуннук олорорбут буолуо. Бырааһынньык содула ыар түмүктэммэтэр ханнык. Дьэ, ону статистика эрэ көрдөрүө.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....