18.06.2022 | 16:03

Былыргыттан кэлбит ыһыахпыт барахсан

Былыргыттан кэлбит ыһыахпыт барахсан
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыһыах  саха итэҕэлин уонна сиэри-туому кытта ыкса сибээстээх. Уруулуу омуктары ылан көрөр буоллахха, холобур биһиги эрабыт иннинээҕи кэмҥэ гуннар сайын саҕаланыытыгар халлааҥҥа, сиргэ, иччилэргэ уонна өбүгэлэригэр анаан бырааһынньык тэрийэллэр эбит. Монгуоллар уонна хакаастар эмиэ биһиги курдук Урус сара уонна Тун Айран диэн сайыны көрсүү быраһынньыктарын ыыталлар. Ол бырааһынньыктар биһиги ыһыахпытыгар үгүс майгынныыр өрүттэрдээхтэр. Кымыс иһиитэ, алгыс уонна араас өбүгэ оонньуулара бааллар.


Саха төрүт өйүн-санаатын чинчийээччи, учуонай Андрей Андреевич Саввин бэлиэтээһининэн: «Былыр сылларга сайын устатыгар үс боччумнаах ыһыах ыһыллар эбит:
1. Көр ыһыах;
2. Тунах ыһыах;
3. Бар ыһыах;
Көр ыһыах саас ыһыллар эбит, от-мас көҕөрүүтэ, көтөр-сүүрэр ситэн кэлиитигэр, сылгы-ынах төрөөн ситиитигэр. Ол үөрүүтүгэр, сайын бастаан көрсүүтүн үөрүүтүгэр ыһыллар ыһыах эбит. Саар Көстөкүүн саҕана. Бу ыһыах кыра ыһыах аатырар. Кымыс эрэ иһэр ыһыах. Кымыстан ураты бу ыһыахха көннөрү саха аһыыр аһа аһанар эбит, ааттаах, аналлаах астартан арыылаах суорат бу ыһыахха сиэммэт эбит. Дьэ, итинэн ураты Көр ыһыахха ойуун алгыһа баар буолар эбит.


Тунах ыһыах. Бу ыһыах ыһыллар кэмигэр аныгы ахсаанынан Бөтүрүөп саҕана. Бу бириэмэҕэ саха аһа-үөлэ ситэн, төрүүр төрүөх бука барыта төрөөн бүтэн, сүүрэр-көтөр бука барыта ситэн төрүүр. Балык ыан бүтэр. От-мас симэҕэ ситэн, ол үөрүүтүгэр ыһар ыһыах эбит. Бу ыһыахха кымыс иһиллэр, арыылаах суорат сиэнэр, сүөһү киэнэ саамай улахана, үчүгэйэ өлөрүллэр, саамай улахан малааһын буолар. Бу ыһыах эбиһээт ойууннаах буолар. Онон бу Тунах ыһыах диэн саха ыһыаҕын саамай улахана буолар эбит. 
Бу ыһыахха туох баар дьон туран сылдьар ыһыахтара эбит.


Бар ыһыах ыһыллар эбит күһүн. Аныгы ахсаанынан Сэмэнэп саҕана. Бу ыһыахха син тунах ыһыахха аһыыр-сиир, оонньуур-күлэр курдук, син биир. Алгыс алҕанар эбит, ол гынан баран суолтатата,  ыһыах орото, Көр ыһыах аннынан ыһыах эбит.»

Ити курдук Ыһыах сахаларга үйэлэртэн үйэҕэ саҥа сылы уруйдуур, эйэни, итэҕэли холбуур, өбугэлэрбит үтүө үгэстэрин кытта ситимниир. Урааҥхай саха баарын тухары Ыһыах куруутун баар буолуохтун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...