18.06.2020 | 17:38

Былыргы ыһыахтарга

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир
  • Дыгын оонньууларыгар
  • Бирииспэр—кыыспын Тыҥааны Куону ойох биэриэм диэбит
  •  Майаҕаттаны ыҥырыы
  • Кини аатын үйэтитэр буоллар 

Туймаадаҕа ыһыах элбэх үһүйээнинэн үйэтитиллибит. Олортон биирин сэһэргээтэххэ маннык. 

Ол кэмҥэ Майаҕатта күүһүн-уоҕун туһунан кэпсээн, аартык аайы ааттаах атыыр оҕус айаатыырыныы аатырбыта, сыһыы аайы соргулаах сылгы кистииринии сураҕырбыта. Бу уолу айбыт аҕата киһи дуу, абааһы дуу, айыы да буоларын ким да билбэт. Уон сэттис үйэҕэ Бороҕон улууһугар Кыыс Хаҥа киэҥ алааһыгар (билиҥҥи Сыырдаах сиригэр) соҕотох олорбут күүстээх-уохтаах  Эбирикээн эмээхсин кырдьар сааһыгар хат буолан ханарыйбыта. Киниттэн оҕоттон эрэ бөдөҥ уол төрөөбүтэ. Хас хонноҕун аайы улаатан иһэр курдуга. Тоҕус сааһыгар диэри олорор да, турар да кыаҕа суох босхоҥ буолан сыппыта.   Ийэтэ сыарҕаҕа соһо сылдьан бултаан, балыктаан аһатара.   Эбирикээн эмээхсин: “Тукаам, ороҥҥо баппат, киһиттэн эрэ ураты улахан киһи буоллуҥ, мантан улааттаххына хайдах кыайабын. Субу курдук соҕотоҕун сытаргар тиийэҕин. Кырыйдым, эйигин кыайбат буолан эрэбин. Хаһан миигин иитэр-аһатар киһи буолаҕын”, – диэн маккыраччы ытаабыта. Уол ийэтин аһынан дэлби санааргыыра, турарга олус дьулуһан, онтон-мантан тардыалаһа сатыыра.  Улуу бухатыыр буоларга ыраланара.

Эбирикээн эмээхсин биирдэ сытар уолугар эргэ харааран хаалбыт мас кытыйаҕа кыыл киэнэ эбитэ дуу, көтөр гиэнэ дуу, туох гиэнэ эбитэ дуу,  өһөхтөөх хойуу хараҥа хааны аҕалан биэрбитэ. Уол тымныы ууну омурдубут сылгылыы титирэстии түспүтэ, өлбөт мэҥэ уутун испиттии хараҕа кэҥээбитэ, тулата сырдаабыта. Кыаһыламмыттыы, сыппыт атахтара, кэлгиллибиттии ууруллубут илиилэрэ төлөрүйэн, хамсаан барбыттара. Сүрдээх чэпчэкитик олоро түспүтэ, ойон турбута. Оройо балаҕан өһүөтүгэр анньыллар буола улааппыт эбит. Ааны төҥкөйөн таһырдьа тахсыбыта. Сүүрэкэлээбитэ. Ийэтэ салаасканан бэрт өр айаннаан тиийэр сирдэригэр бэрт түргэнник эргийэн кэлитэлээбитэ. Ол-бу ыарахаттары түүтэх курдук көтөҕөлөөбүтэ. Соҕотохто буулаҕа бухатыыр буолан хаалбыта. Туох арааһынай сүүрэр атахтаах булт улуутун, көтөр эгэлгэтин, уу балыгын бастыҥын булан-талан аҕалара үһү. Дьиэтиттэн түөрт көстөөх сиртэн, Тойон Мүрүттэн кустаан, тымтай курдук иһитин толору хаалаан кэлэрэ. Онтон олорор олоҕуттан биэс көстөөх Хотун Төҥүлүттэн  туунан-ардьааҕынан балыктаан баран, толору хааламмыты ураҕаһынан олуйан баран, сүүрэн бардаҕына, балыктара эһиллэрин хомуйбакка, аара баар кыылларга бэрсэрэ. Сайын Элиэнэ эбэни дүлүҥнэри кэккэлэтэн баайталаан, онно олорон, эрдинэн быһалыы уҥуор-маҥаар туоруура.

Ол кэмҥэ Дыгын Хаҕыл Хара аттаах Хардаҕастай Бэргэн диэн улахан уола  иннин икки атахтаахха биэрбэтэх киһи баар эбит. Холооннооҕун булан холоһумуна, утарылаһары булан охсуһумуна, күөнтэһэри көрсүмүнэ күннүү сылдьыбыт. Кини Майаҕатта албан аатын истэн, алдьатан аатын ылаары, өлөрөн бэйэтин өрөгөйүн үрдэтээри, Хаҥыл Хара атын миинэн, кыргыһыыга туттар үчүгэй сэптэрин сэбилэнэн Кыыс Хаҥаҕа тиийбит. Арай өлүү болдьохтоох, үлүгэр быалаах, сүрдээх улахан, муҥур тиит курдук үрдүк, сыарҕалаах от курдук кэтит көҕүстээх киһи сүрдээх улахан тымтайы сүгэн баран сыһыы ортотунан хааман иһэрин көрбүт. Хардаҕастай Бэргэн: “Аата, баҕайы, багдаллан түһэн тоҕо баҕас улаханай. Бу көппөллүбүтүн көрө-көрө күүстээх буолуо диэн куттанан аатырдар эбит буоллахтара. Уонна хайа кини тыа мөкү мөөкөйө төһө бөрүкү үһү. Охсуһан эрэйдэниэхтээҕэр, ат күөнүнэн, түҥнэри көтөн ааһыахха. Оччоҕо атын улуус ааттаахтара Хардаҕастай Бэргэн обургу Майаҕатта бөҕөнү суолга баҕа курдук дэлби үктэтэн ааспыт диэтэхтэринэ, мин диэтэх киһи албан аатым алыс да арбаныа этэ! һэ-һэ!” – диэн саҥа таһааран баллыгыраан баран күлбүтэ. Уонна Хаҥыл Хара атын күүскэ кымньыылаан баран, тэһиинин били баран иһэр киһи диэки салайбыта. Ат баар- суох күүһүнэн Майаҕатта көхсүгэр түспүтэ. Онуоха Майаҕатта сүһүөҕэ да бакыс, дьигис да гыммакка, аттаах киһини илиитин таһынан илгэн кэбиспитэ. Ат ойоҕоһунан таралыйан, туйахтара үөһэ күөрэс гыммыта. Киһитэ өссө ыраах эһиллэн, сирэйин дьүккүрүппүтэ, айаҕын атан,  буордаах Бороҕон кырыһын айаҕар толору уоппута. Майаҕатта ол гынан баран, хайыһан көрбөккө, кэпсэтэ барбакка, үрдүбэр түстүҥ диэн өһүөннэспэтэх. Суолун устун суодалдьыйа турбут. Хардаҕастай Бэргэн дьуру дьулайбыт, бэри бэркиһээбит, кыһыы бөҕөнү кыһыйбыт, аба бөҕөнү абарбыт.  Ол гынан хайдах да утарылаһан уйадытыан, охсуһан охторуон, өһүөннээн өлөрүөн өйө тиийбэтэх. Толкуйдуу сатаан: “Дьэ, биһиги диэтэх дьон аҕабыныын сэриилээх тахсан  сири кытта дьиэлэри-уоттары бүтүннүү үнтү тэбистэрэн кэбиһиэхпит”, -- диэн сааммыт уонна төттөрү барбыт.

Дыгын оҕонньорго киирэн: “Көрбөтөхпүн көрөн, истибэтэхпин истэн кэллим. Майаҕатта дьэ, кырдьык, икки атахтаахтан ураты бөдөҥ, күүстээх киһи эбит. Өлөрбөтөххө, кыаҕын ыллаҕына биһигини сүгүннүө суох”. Уонна аҕатын ымсыырдаары, Майаҕатта сирдэрин Тойон Мүрүнү, Кыыс Хаҥаны хайдах курдук кэрэлэрин, үтүөлэрин, ону бас билбит киһи сылгыны-ынаҕы көҥүлүнэн үөскэтиэ эбит диэн  кэпсээбит. Онуоха Дыгын: “Дьэ, Майаҕатта олус аатырда. Хардаҕастай Бэргэн саллыбыт буоллаҕына, оҕолорбун-ыччаттарбын сүгүн олордумуон сөп. Арай билигин бэйэм арыый кыанар эрдэхпинэ, өлөрөн кэбистэхпинэ ордук буолсу”, – диэбит. Дыгын оҕонньор ол гынан иккис сылыгар үчүгэйдик оҥостон, уолаттарын, дьонун илдьэ аһыыр астарын өйүөлэнэн, элбэх сылгыны үүрэн, Кыыс Хаҥаҕа көс ыалын курдук көһөн тиийбит. Ол алаас арҕаа баһыгар балаҕаҥҥа Майаҕатта олороро. Дыгын халдьаайы ортотугар аарыма туос ураһа туруортарбыта. Олохтоох киһи манна ыйытыыта суох тоҕо дьиэ-уот оҥоһуннугут диэн кыыһырбыта иһиллибэтэх, үтүө ыалланнаҕым дуу диэн үөрбүтэ көстүбэтэх. Хайдах дьон кэлбиттэрин билэ, кэпсэтэ, сүөһүлээх ыалтан аһыы дуу кэлбэтэх, дьаарбайа сылдьыбатах. Дыгын, кэтэһэ түһэн баран, кымыс көөнньөттөрөн, ас бэлэмнэтэн олохтоох уоланы ыалдьыттата ыҥырбыт. Майаҕатта модун оҕун тутан кэлэн, саданахтаах сэргэҕэ ол саадаҕын ыйаабыт. Уолаттар: “Итиччэ улаханы куттаары илдьэ кэлбитэ буолуо”, – диэбиттэр. Аарыма аҥаабылын тардан көрбүттэр, кыайбатахтар.

–Мантыкаҕынан  төһө ыраахха диэри табаҕын? – ыйыппыт. Ыык-ээх диэбэккэ, ыраах алаас ортотугар ыллыы турар күөрэгэйи ыйбыт уонна аарыма аҥаабылын кулгааҕар диэри тардан, оноҕоһун ол диэки туһаайбыта. Тарбаҕын тыгардыы тыс гыннарбыта, кирсэ көнөн чиккэс гыммыта,  саа тас гыммыта. Ох элэс гынан күөрэгэйи түүтүн бурҕас гыннаран, ааһа турбута.

– Ол гынан төһө   хотутуулааҕый? – ыйыппыттара. Онуоха ыраах ууруллан сытар ат иҥэһэтин тимирин дьөлө ытан кэбиспитэ. Майаҕатта ураһаҕа киирбитин кэннэ уолаттар бэйэлэрин охторунан иһэҥэни ытан көрбүттэрэ. Оноҕосторо тимиртэн тэйэн хаалара.

Дьэ итинник элбэх тургутуу кэннэ Дыгын кырдьаҕас: ”Дьэ, Майаҕаттаа, аатырыаххын аатырбыккын, сураҕырыаххын сураҕырбыккын. Сэмэйгинэн да, күүскүнэн да миэхэ олус сөбүлэттиҥ. Дьоммутугар-сэргэбитигэр араас өстөөхтөр элбэх буоланнар саба түһүөхтэрин сөп. Онуоха бу курдук биир-биир сылдьаммыт сатаан көмүскэниэхпит суоҕа. Бары күүспүтүн түмэн халыҥ хахха, суон дурда буолустарбыт бэйэ-бэйэбитигэр бэрт буолуо этэ. Эн биһиэхэ боотурунан барыс. Мин эйиэхэ үтүө дьахтары ойох биэрэн, уруу тэрийэн, элбэх сүөһүбүн-аспын биэрэн, мааны ыалым оҥостуом,” – диэбитин ылымматаҕа. 

Майаҕатта кэлэ-бара Дыгын кыыһын ыраахтан ымсыыра көрөр эбит.  Онтукатын биллэрбитэ.

“Тыгын кырдьаҕаас, үтүө тылгар махтал! Мин эйигиттэн кэтит сэтии эрэйбэппин, сүөһүнү сөбүлээбэппин, сылгыны сытыырхаппаппын, ынахха ымсыырбаппын. Сатыы сылдьарбын сөбүлүүбүн. Эйигиттэн биири эрэ көрдөһөбүн. Кэскил тэрийээрэй диэн кэтэһэбин. Урааҥхайы ууһатарга, саханы саргылыырга ити кыыс оҕоҕун Тыҥааны Куону миэхэ кэккэлэһэ сытар кэргэн, хоонньоһо сытар холоонноох доҕор гына биэрдэргин сөп буолуо этэ”.

–Дьэ тукаам, эр киһи быһыытынан этэр тылгын эттэҕиҥ, аҥаардас киһи быһыытынан саҥарыах саҥаны саҥардаҕыҥ. Ол гынан баран, мин кыыһым бардам майгылаах, өһөс үгэстээх,  буолбат муокастаах. Эн бар диэбитиҥ иһин сөп диэбиккин  сөбүлүө суоҕа. Арай, боотурдар оонньууларын сөбүлээн көрөөччү. Ыһыах ыһан, онно кыайбыт киһиэхэ кыыспын ойох биэрэбин, тыл барда, бас барда,- диэтэххэ сөбүлэһиэ эбитэ дуу? 

Ити кэнниттэн хайалара даҕаны биирдэрэ күүстээх күтүөттэнээри, биирдэрэ кэрэ кэргэннэнээри, онно Тыҥааны Куо сөбүлэһэрэ буоллар диэн ыһыаҕы долгуйа кэтэспиттэрэ. Онно баһылык баай үс көрүҥ түмүгүнэн  бастыҥ боотурга кыыһын ойох биэрэбин диэн сурах ыыппыта.  Оччону истэн эҥин бэртэрэ кэлбиттэрэ. Бастакы көрүҥҥэ тимир куйахтаах утарыта туран бэйэ-бэйэлэрин ытыалаһаллара. Атыттар куйахтарын хотуспат этилэр. Онон кыайыылаах ким эмсэ сир туһаайыытынан  табыытынан, аһаран биэриитэ  элбэҕинэн кыайыылаах быһаарыллара. Майаҕатта иҥэһэни курдат түһэр оноҕосторунан дьону өлөрдөхпүнэ өһүөннэһии буолуо диэн бастаан бэйэтин ыттарара. Оноҕос киниэхэ чугаһаан истэҕинэ, аҥаар илиитин иннигэр анньара, ортоку уонна ол икки аттынааҕы тарбахтарынан кыбытан, тоһутан кэбиһэрэ. Бэйэтэ кирсин ситэ таппакка  атахха ытан оһоллотолоон, туоратан испитэ.  Иккис түһүмэххэ хапсаҕайга хара таҥаһы бүрүнэн киирбитэ. Күүскэ бырахтахпына, эчэйиэхтэрэ диэн, чэ, дииллэрин кытта таҥастан сулбу ыстанан тахсан, хайа да бэйэлээҕи өрө баһан, сиргэ ууран кэбиһэрэ. Үһүс түһүмэххэ—сүүрүүгэ Хара Таҥастаах улахан киһи инники кэлбитэ. Ону көрөөт,  Дыгын кыыһа Тыҥааны Куо  ийэтэ кикпитэ дуу, бэйэтэ сириксэннээбитэ дуу?

–Буор балаҕаннаах Бороҕон балыксыт уолугар сүктүбэппин, – диэт, сибэккилээх күөх хонуу устун кустуктана сүүрбүтэ. Онуоха Майаҕатта обургу эккирэтэн сырсыбыта.

Кыыс кытыгыраһыгар эрэннэҕэ. Уһун баттаҕа субуллан, сиирэ-халты харбата испитэ. Ол да буоллар уолан обургу  ситэн умса баттаан, тиэрэ эргиппитэ. Сонно таҥастарын үөһээ-аллараа анньыталаабыта. Уонна ыһыахха мустубут дьон көрөн турдахтарына, оҕо үөскүүр хамсаныыларын оҥорон баран, кыбынан баран, хааман суодалдьыйбыта. Дыгын аттыгар баар дьон кулгаахтара чуҥкунуор диэри хаһыытаан бытарыппыта. Ыраахха өй дуораана буолан Чочур Мыраан хайаларыгар охсуллан төттөрү-таары хатыламмыта:

– Ээй,э-эй, Майаҕатта! Майа-ҕат-та-аа!...

Ол кэннэ ыллыктаах тылынан саҥаран барбыта:

–Ама да мин буолбутум иннигэр баар-суох мааны кыыспын сылгы курдук сыһыыттан сылгылаан ойох оҥостуоҥ дуо?

Майаҕатта истэрэ биллибэккэ хааман баадалдьыйан истэҕинэ аны көрдөһөн барбыта:

–Киһилии кэпсэтэн, илии тутуһан, энньэтин кэлэн ылан, алҕатан барыҥ....  

Майаҕатта эргиллэн да көрбөккө:

– Кыайдаххына ылыаҥ диэбиккин кыайан ыллым. Мин кимтэн да кыырпах да саҕаны ыларга санаммаппын, – диэн сөҥөдүйэрэ иһиллибитэ. Кыыс ийэтэ:

– Оҕом, чыычааҕым, оҥоһуута оннук  буоллаҕа, аны ити киһи биһиэхэ көрдөрөр эрэ, суох эрэ, – диэн хараҕын уутунан суунан ытыы турбута...

Ити курдук Дыгын ыһыаҕар бастаабыт Майаҕатта аатын Туймаада ыһыаҕар ааттатыахха баара. “Майаҕатта кэриэһигэр Дыгын оонньуулара” диэтэххэ хайдаҕый? Атыннык хайдах ааттаан улуу боотуру үйэтитиэххэ сөбүй? Төһөнөн элбэх номох кэпсэнэр да, оччонон тыл, үгэс, өйдөбүлэ кэнэҕэски ыччакка хаалар. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....