Былыргы Дьокуускай
«Якутская окраина», «Якутская жизнь», «Ленские волны» хаһыаттар 1914, 1915 уонна 1916 сыллааҕы ахсынньытааҕы уонна тохсунньутааҕы нүөмэрдэрэ Ем. Ярославскай аатынан түмэлгэ хараллан сыталлар. Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи былыргы Дьокуускайга Саҥа дьыл бырааһынньыктара хайдах быһыылаахтык ыытыллыбыттарын мантан билиэххэ сөп. Биллэн турар, оччотооҕуга Саҥа дьыллааҕар ордук Ороһооспону улаханнык бэлиэтииллэрэ.
Бибилэтиэкэҕэ –Баал-маскараат
Билиҥҥи курдук былыр болуоссаттарга харыйа туруорбат этилэр. Саамай үчүгэй баал-маскараат Большая уулуссаҕа (билиҥҥинэн Ленин проспега) Публичнай бибилэтиэкэҕэ (билигин А.С. Пушкин аатынан Национальнай бибилэтиэкэ) тэриллэрэ. «Якутская окраина» хаһыат 1915 сыл тохсунньутааҕы нүөмэригэр манныгы суруйар:
«Прелестный костюмированный вечер.
Зал оформлен новаторски. Над хвойным лесом в розовых лучах парил аэроплан. На бал собралось около 150 человек. Были отмечены сдержанный костюм египтянки, оригинальной тигрицы, стильной змеи и так далее. Среди присутствующих замечены губернатор фон Витте, городской голова Петр Юмшанов с дочерьми».
Публичнай бибилэтиэкэҕэ буолар бырааһынньыкка кыахтаах дьон оҕолоро сылдьаллар эбит. Хайаан да маскарааттаах буолаллара ирдэнэр. Бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэр тохсунньу 2-4 күннэригэр сарсыарда 11 чаастан буолаллара. Киирии билиэт сыаната Мунньах чилиэннэригэр – 30 харчы, ыалдьыттарга – 80 харчы. Оҕолор хоһоон ааҕаллара, харыйа тула хоробуоттууллара, ыллыыллара. Бэлэхтэрэ кинигэ, оонньуур уонна мөһөөччүктээх кэмпиэт буолара.
Петр Юмшанов дьиэтигэр Ороһооспотооҕу улахан баал буолан ааспыт. Билигин ол дьиэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа территориятыгар көһөрүллэн баран, бэрт мөлтөх туруктаах турар. Оттон куорат головата Петр Юмшанов дьиэтэ турбут сиригэр билигин Ленин пр., 7 нүөмэрдээх дьиэтэ турар. Сэбиэскэй кэмҥэ манна “Волна” кафе үлэлээбитэ, билигин “Оптик-центр” маҕаһыын баар.
1917 сыллааҕы өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи Саҥа дьыл бырааһынньыктара бэрт сэмэйдик ааһаллар эбит диэххэ сөп. Ордук Ороһооспоҕо болҕомто ууруллара. Маҥнайгы Аан дойду сэриитин кэннэ 1914 уонна 1915 сыллардаахха Ороһооспону өрө күүрүүлээхтик, патриотическай тыыннаах ыыппыттар – ахсынньы 25 күнүгэр Наполеон сэриитин Арассыыйаттан үүрүү күнэ бэлиэтэнэр эбит. Маны таһынан, тохсунньу 6 күнүгэр (урукку истиилинэн) Кириһиэнньэни бэлиэтииллэрэ.
1914 сыллаахха ахсынньы 27 күнүгэр Православнай итэҕэллээхтэр Братстволарыгар баай дьон хомуйбут харчыларыгар Покровскайдааҕы Братство дьадаҥы дьоннорун оҕолоругар Саҥа дьыллааҕы харыйа тэриллибит. Минньигэс бэлэхтэри уонна оонньуурдары түҥэппиттэр. Бырааһынньыкка хаһааҥҥытааҕар да элбэх – 251 киһи мустубута бэлиэтэммит. Ол кэннэ, эмиэ баай дьон кыттыспыт харчытыттан үбүлэнэн, политсыылынайдар оҕолоругар Публичнай бибилэтиэкэҕэ Саҥа дьыл бырааһынньыга тэриллибит.
Дьадаҥылар Саҥа дьылы бэлиэтииллэр этэ дуо?
Саҥа дьылы көрсө аһымал тэрээһиннэр буолаллар эбит. Маалай баһаарга (билиҥҥи “Кружало” атыы-эргиэн киинэ) Таҥара дьиэтин сулууспатыгар дьадаҥылар мусталлар, 500 босхо эбиэт түҥэтиллибит. Маныаха куорат хааһынатыттан 300 солкуобай көрүллүбүт.
Народнай дьиэ Ороһооспо бырааһынньыктарын күннэригэр, баай дьон биэрбит харчыларын мунньан уонна Чөл туруктаах буолуу попечителлэрин кэмитиэтин үбүгэр, 200 эбиэтинэн дьадаҥылары күндүлээбит. Чайной-остолобуойдарга Попечительство 3 426 өлүүскэ чэйи түҥэппит.
«Историко-географический атлас с обозначением кварталов и строений города Якутска до 1917 г.» диэн краевед-худуоһунньук Пантелеймон Попов үлэлэригэр баар дааннайдарга олоҕурдахха, Маалай баһаар сиригэр саамай улахан дьиэнэн дьону хоннорор дьиэ буолар эбит. Дьону хоннорор дьиэҕэ дьадаҥылар тохтоон ааһаллара, оргуйбут уу уонна килиэп босхо биэрэллэрэ. Бу тоҥмуту, аччыктаабыты харайар тэрилтэ губернатор Константин Светлицкэй көҕүлээһининэн 1888 сыллаахха арыллыбыт уонна атыыһыт Апексим Кушнарев, куорат головата Федот Астраханцев үбүлээһиннэринэн үлэлээбит. 1915 сыл Саҥа дьылыгар хонор дьиэ хоноһолорун хойуу миининэн уонна куһуогунан буспут этинэн күндүлээбиттэр.
Саҥа дьыл уонна Ороһооспо күннэригэр Маалай баһаарга маассабай күүлэйдэр тэриллэллэр эбит. Баай дьон араас көхтөөх оонньууларга, лотереяларга кытталлар. Ону кытта дьадаҥыларга көмө харчы хомуйуу тэриллэр.
1915 сыллаахха градоначальник уонна полицмейстер үбүлээһиннэринэн хаайыы харабылларын уонна городовой полиция үлэһиттэрин оҕолоругар Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык тэриллэр. Бырааһынньык Полицейскай уулуссаҕа (билигин Ярославскай уул.) Полиция дьиэтигэр ыытыллыбыт, сааланы тропическай үүнээйилэринэн, харыйаны гирлянданан киэргэппиттэрэ олус хайҕаммыт. Оҕолор ансаамбылы кытта үҥкүүлээбиттэр, онтон бутербродтаах, бэчиэнньэлээх чэйдээбиттэр. Бырааһынньык бүтүүтэ градоначальник ойоҕо Мария Романовна оҕолорго минньигэс бэлэхтэри түҥэппит. «Якутская окраина» хаһыат генерал-губернатор ойоҕо Ольга Павловна бэйэтинэн кэлэн “ыалдьыттары дьоллообутун” суруйар, киниэхэ сибэкки дьөрбөтүн туттарбыттар.
Саҥа дьыллааҕы остуоллар
1914 сыллаахха Ороһооспо бэлиэтэнэр нэдиэлэтигэр дьадаҥы дьону Маалай баһаарга, Көстүүнэй тиэргэнигэр (билигин Ленин болуоссата) блинынан уонна бөрүөктэринэн күндүлээбиттэр. Баай дьон трактирдарга аһаабыттар.
Оччолорго Полицейскай уонна Громовскай (Курашов уул.) уулуссалар быһа охсуһууларыгар аатырбыт атыыһыт дьахтар Евлампия Егорова-Сыроватская трактира саамай биһирэнэр эбит. Маны таһынан Полицейскай уулуссаҕа атыыһыт Иван Мигалкин рестораныгар (билигин Ил Түмэн дьиэтэ) дьон сөбүлээн сылдьара. Кини үчүгэй вино арааһын боппуолдьатыгар харайарынан аатырбыт.
Саҥа дьыл өр кэмнэргэ Святки бырааһынньыктааҕы оонньууларыгар киирсэн сылдьыбыта. 1916 сыл тохсунньу 2 күнүгэр «Якутская жизнь» хаһыат манныгы суруйбут: «Якутск проводит Васильев день точно так же, как и все другие вечера: так же играет в карты, так же танцует, так же ужинает и пьет шампанское, с той только разницею, что прибавляет поздравление с Новым годом».
«Ленские волны» сурунаал курдук форматтаах хаһыакка А.Н. диэн ааптар суруйуута тахсыбыт: «Наступление Нового 1914 года. Все как будто вдруг обезумели, какая беготня и суматоха! Что же это такое? В природе ли произошла какая-нибудь радикальная перемена или в людях? Ведь в сущности ни малейшего намека на то, что случилось что-нибудь новое, что образовало бы рубеж между 1913 и 1914 годами. Между тем со всех сторон сыплются поздравления, все поддаются каким-то надеждам, вероятно и в этом году таким же несбыточным, как и в прошлом. А впрочем, не худо, что такой обычай существует. За недостатком истинных благ человеку нужен хоть призрак хорошего лучшего. И вся эта беготня – своего рода занятие, которое разнообразит обыкновенную прозу жизни…».
Саҥа дьыллааҕы остуолу тэрийиигэ элбэх үбү барыыр буолбуттар. «В садоводстве Ноева на закусочном огромном столе, который и описать теперь невозможно, на обоих концах стояли оформленные ледяные глыбы, а через лед светились разноцветные огни, как-то ловко включенные в лед лампочки. В глыбах были ведерки с икрой», – диэн «Якутская окраина» 1915 сыллаахха суруйбут.
Иван Мигалкин рестораныгар соҕуруу дойду араас астарын, фрукталары, Саха сирин балыгын, искэҕи, шампанскай араас көрүҥүн биэрэллэр эбит. 12 чаас кэннэ бука бары итирэллэр диэн хаһыаттарга бэлиэтээбиттэр.
Угуйуктар оччолорго да бааллара
Саҥа дьыл буолуон икки нэдиэлэ инниттэн "Якутская окраина” хаһыакка угуйуктар бэчээттэнэллэр эбит. Коковин уонна Басов маҕаһыыннара (билигин Ленин пр. уонна Аммосов уул. быһа охсуһууларыгар турар “Якутзолото” дьиэтэ) фарфортан, никельтэн, ыстаалтан уонна эмалированнай дьиэҕэ-уокка туттуллар маллар атыыга баалларын иһитиннэрэр. Ону кытта электрическэй лаампа араас көрүҥүн, фонариктары атыыга таһаарбыттар.
Никифоров-Манньыаттаах Вино-гастрономия маҕаһыыныгар сакалаат кэмпиэттэри, Швейцария кофетын, соустаах анчоустары, искэҕи, көтөр этин арааһын, шампанскай араас көрүҥүн атыылыылларын рекламалаабыттар.
«Якуцкъ» халбаһы-гастрономия маҕаһыыныгар семга балыгы, бочугурастары, Дунайтан аҕалыллыбыт селедканы угуйуктаабыттар. Кушнаревтар биир маҕаһыыннара финик, инжир, пастила арааһын, бэрээнньик, мармелад, “Триумф” баахыланы атыыга аҕалбыт. Охотскай уулуссаҕа (билигин Хабаров уул.) Парников атыыһыт трактирын тохсунньу 1 күнүнээҕи менютугар блины, устрица уонна Москва собуотун пиибэтэ – бакаала 10 харчыга баар эбит.
Оччолорго ресторан уонна бырааһынньыктааҕы остуол муодата Санкт-Петербургтан кэлэрэ. Ас амтаныттан ураты остуол кыраһыабайдык тардыллыбыта биһирэнэр эбит: «Менюну араастаан киэргэтии, оҥоруу муодаҕа кэлбитэ, – диир Ем. Ярославскай аатынан түмэл үлэһитэ М. Алексеева. – Бүлүүдэлэри кыраһыабайдык ааттыыллара, карточкаларын уруһуйдарынан, вензеллэринэн, виньеткаларынан киэргэтэллэрэ. Бу карточкалары дьиэ кэргэн архыыбыгар өйдөбүнньүк гына уурунан сылдьан көрөллөрө...».
Дьокуускай трактирдарыгар музыка тыаһыыр буолбута. Бастаан араас музыка таһаарар “массыыналар” муодалара кэлбитэ, онтон “тыыннаах музыкаҕа” көспүттэрэ. Бастакы оннук оркестр Мигалкин рестораныгар тэриллибит.
Куорат Дууматын быһаарыытынан, арыгы атыылыыр лааппылар уонна арыгы иһэрдэр тэрилтэлэр аһыы утаҕы бырааһынньык иннинээҕи күннэргэ 12:00 чаастан 15:00 чааска эрэ диэри атыылыыллара көҥүллэнэрэ. Саҥа дьыл бастакы күнүгэр арыгы атыыта бобуулааҕа.
Бобуулаах кэмҥэ арыгы атыылаабыт атыыһыт биэс хонукка хаайыыга киириэн сөбө. Маны тэҥэ, бырааһынньык күннэригэр үлэлээбит арыгы маҕаһыына 15 солк. ыстыраап төлүүрэ. Ол эрэн бу дьаһал баай дьоҥҥо анаммыт тупсаҕай трактирдары уонна рестораннары таарыйбат этэ.
Саататар тэрээһиннэр
Бэһиэлэй тэрээһиннэргэ дьулуһар дьон Приказчиктар кулууптарыгар буолар театральнай туруорууларга эбэтэр Приютов синематограбыгар (билиҥҥи “Киин” киинэ тыйаатырын диэкинэн баара) дьулуһаллара.
Приказчиктар кулууптарыгар тохсунньу 1 күнүгэр оҕолорго «Робинзон Крузо», киэһэлик «Старое послание» испэктээктэри туруорбуттар. «Нуучча государствотын олоҕо», «Остуоруйа», «Тыгын» о.д.а. сахалыы пьесалар эмиэ көстөллөр эбит.
Синематограф «Клеймо дьявола», «Рыцарь без страха, но с упреком» киинэлэри көрдөрбүт. Оччолорго даҕаны дьон детективтэри уонна комедиялары ордороллор эбит.
***
Көрөргүт курдук, Саҥа дьылы Дьокуускайга урут да үрдүк таһымнаахтык бырааһынньыктыыры сатыыллара. Оччотооҕу өрөбөлүүссүйэ инниттэн кэлбит үгэстэртэн биирбит эрэ уларыйбат – бу бырааһынньык күннэрин дьиэ кэргэммитин, таптыыр, чугас дьоммутун кытта атаарабыт