Былаан 89 % туолла!
Дьокуускай куоракка олунньу 8 күнүттэн ыраастааһын үс ыйа биллэриллиэҕиттэн 143 куб. миэтэрэ хаар тиэйилиннэ, былаан 89 % туолла. Былырыын баччаларга көрдөрүү 108 тыһыынча куб. миэтэрэ этэ. Бу туһунан Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа салайааччыта Айаал Егинов Олохтоох дьаһалта планеркатыгар иһитиннэрдэ.
Маны таһынан инженернэй коммуникациялартан 5 800 куб. м муус тарыҥ ыраастанна. Былаан – 7 600 куб.м. Былырыын баччаларга көрдөрүү 4 тыһыынча куб. м эбит. Толору хааччыллыыта суох дьиэлэртэн 5 тыһыынча куб. м тоҥмут убаҕас бөх тиэйилиннэ. Былаан – 7 500 куб. м, былырыын баччаларга – 3 400 куб. м.
Бүтэһик иһитиннэрии көрдөрөрүнэн, хаар полигонугар 422 тыһыынча куб. м тиэйилиннэ. Былырыын баччаларга 368 тыһыынча куб. м эбит.
«Хаар тиэйиитигэр былырыыҥҥы көрдөрүүнү ситэн иһэбит. Губинскай уокурук, Марха уонна Табаҕа инники күөҥҥэ сылдьаллар», – диэн бэлиэтээтэ Айаал Егинов.
Кулун тутар 1-21 күннэригэр «Якутдорстрой» уонна атын тэрилтэлэр хаар полигонугар 118 тыһыынча куб. м хаары тиэйбиттэрин акционернай уопсастыба генеральнай дириэктэрэ Амирхан Яндиев кэпсээтэ.
Бу күннэргэ Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла, Крупская, Очиченко, Кржижановскай, Челюскин, Бабушкин, Можайскай, Гагарин, Жуковскай, о.д.а. уулуссаларга үлэ күөстүү оргуйар. Ону таһынан суоллары грейдеринэн тэҥнииллэр, бордюрдары, уу ааһар лотуоктарын уонна турбаларын ыраастыыллар. 49 носуос станцията өрөмүөннэннэ.
«Сөҥүү түһэрин учуоттаан туран, сезон бүтүүтэ 500 тыһыынча куб. м хаар тиэйиллиэҕэ», – диэтэ Амирхан Яндиев.
Куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Роман Сорокин нэдиэлэ бүтүөр диэри ыраастаммыт хаары тиэйэргэ соруйда.