01.02.2021 | 16:32

Быдан дьылларга быраһаай

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ тоҕо эрэ убай курдук саныыр аҕа доҕорбун, биир идэлээхпин, Саха өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта  Василий Егорович Васильев–Харысхалы көрсүөхпүн олус баҕарбытым. Соторутааҕыта  Таас Тумуска Евдокия Избекова классик суруйааччыларбыт тустарынан биэриилэрин сериятыгар Элиэнэ Эбэбит ити кытылын аар- саарга аатырдыбыт Николай Лугиновтыын, Сэмэн Туматтыын ас–астыы астыы кэпсэтэ олороллоро хас да күн утуу-субуу көрдөрүллүбүтэ. Онно сөп буолбакка, өссө Андрей Борисов “Элиитэ” биэриитигэр сэһэргэһиитин убайдарбыт бөлөһүөктэһиилэрин ютубка көрбүтүм. Кинилэри ахтыбыт да эбиппин. Дьиэбитигэр ыалдьыттата ыҥырыахпытын баҕарбыппыт. Ханна баарый? Бу сарсыарда Орто дойдуттан соһумардык эмискэ барбытын истэн баран, сүрэҕим тохтуу сыста. “Онтон хайдах оннук буолуой?”—диэн аны итэҕэйимиэхчэ буолтум. Куһаҕан сурах хантан сымыйа буолуой? Абакка!

Баһылай барахсан, ааспыт сыл бүтэһигэр 70 сааһын хас да сиргэ бэлиэтээбитэ. Ол бырастыылаһар кэриэһэ курдук эбит. Эрдэттэн   ыалдьарын билиммэтэҕэ дуу, ол сылдьан сыстыбыта дуу, бу абааһы хамсык ыарыыга ыктаран, балыыһаҕа киирэ сылдьыбыта. Онтон тахсан баран сүрэҕим ыалдьар диэхтиир буолбута. Ааспыт бээтинсэҕэ Аммаҕа төрөөбүт Мээндигитигэр сынньана диэн массыынатынан айаннаабыт. Аара ыалга киирээт,  ыксалынан халыханайа тураахтаабыт. Айарга анаан туттарбыт дьиэтин таһынааҕы-иһинээҕи уота күнүстэри умуллубатын дьиктиргээн, бэнидиэнньик сарсыарда тахсан көрбүттэрэ, баар-суох киһилэрэ холбоно турар ноутбугун аттыгар, ол аата тиһэххэ диэри  үлэлии олордоҕуна, дьылҕа букатыннаахтык “сынньатарга” биһигиттэн былдьаабыт. Дьэ, ыар сүтүк. Элбэҕи билбитин илдьэ ыллахтара...   

Мин кинилиин 1980 с. хаһыакка үлэҕэ киириэхпиттэн билсибитим. Спортивнай суруналыыстыка “көмүс куолаһа” Вячеслав Степановтыын хардарыта  ыалдьыттаһарбыт. Ол кэмҥэ Аммаҕа тахса сылдьан, кини билиһиннэриитинэн доҕорум буолбут, ордук Савва Тарасов “Баҕарабын аал уотуҥ...” хоһоонугар алгыс-ырыатынан биллибит Дмитрий Емельянов (оччолорго райсовет бэрэссэдээтэлинэн үлэлиирэ) дьиэтигэр хоно сылдьыахпытыттан чугаһыспыппыт. Билэрэ–көрөрө элбэҕэ, кэпсиирэ кэрэхсэбилэ киһини эрэ абылыыр  этэ. Оччоттон “бандьыыттар” дэниллибиттэргэ да саха туһа диэн бастарын быстарбыт бастыҥнар баалларын баһа баллыгырас буолуор диэри ким туох диэн кэпсээбитин сэһэргиирэ. Саха эрэ буолбакка, омук суруйааччыларын, айымньыларын ырытара.  Даланныын, Николай Лугиновтуун, Виталий Андросовтыын, Василий Винокуров–Кыталыктыын доҕордуу буолуом инниттэн хаһан эрэ хаһыатынан, кинигэнэн, айымньыларынан эрэ билэр дьоммун,  Харысхал харысхаллаахтык кэпсииринэн мэлдьи бииргэ сылдьыбыттыы тапсыбытым.  

1990 с. бастакы демократическай быыбарга кини Амматтан, мин Дьокуускайтан САССР Үрдүкү Сэбиэтигэр норуот дьокутааттарынан талыллыбыппыт. Бастакыттан М.Е. Николаевы күүскэ өйөөбүппүт.  Суверенитет, Конституция мөккүөрдээх боппуруостарыгар Афанасий Мигалкинныын сытыытык киирсэрэ.  Парламеммытын күүһүрдээри, сорох уокуруктарга эбии дьокутааттары талаары, агитацияҕа бииргэ үлэлээбиппит. Дьокутаат быһыытынан мөккүөрдэри быһаарар  хамыыһыйаларга хаста да бииргэ сылдьыбыппыт. Усуйаана оройуонугар арахсарга уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи араадьыйа баһылыгын туоратарга туруорсуу буолбутугар, “силиэстийэлэри” ыыппыппыт. Онно Баһылай муударайын холобурга ылбытым.

“Орто дойду” хаһыат тэрийбит күммүттэн Олег Сидоровтыын, Иван Николаевтыын хаһыаппын күүһүрдүүгэ бииргэ миэхэ солбуйааччы редакторынан үлэлииргэ сөбүлэһэн киирбитэ улахан чиэс этэ.  

Эдэрдэри иитиигэ эмиэ элбэх сүбэ биэрбитэ.     

Кэлин биһиги Иван Николаевтыын саҕалаабыт тиэмэбитин – репрессия сылларын историяҕа “үрүҥ-хара” бээтинэлэрин арыйан ситэриигэ аан дойду ыырдарын кэрийэн чинчийбитэ. Ол түмүгүнэн норуот, олох, норуот туһугар дьону түмэргэ хайдахтаах драма, театр, суруйуу күүһүн тапталлаах академическай коллективпытын кытта, баар-суох доҕотторунуун бииргэ оҥорсубута.

Саха норуодунай суруйааччыта, СӨ Академиятын академига, култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа улахан литературнай бириэмийэтин лауреата Василий Егорович Васильев–Харысхал норуотугар көһөҥөнү оҥорбута  үйэлэргэ көмүс буукубанан суруллуо, номоххо кэпсэниэ.

Иван Ушницкай-Удун,

доҕоро, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин 12-с ыҥырыытыгар бииргэ дьокутааттаабыт кэллиэгэтэ,

РФ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.

Норуот суруйааччытын кытта бырастыылаһыы олунньу 2 күнүгэр 12 чаастан Саха театрыгар буолуоҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....