05.04.2021 | 10:08

Быһах соһуччу көстүүтэ

Быһах соһуччу көстүүтэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Константин Семенов:

– Оскуоланы бүтэрэн баран, бииргэ үөрэммит уолаттар буолан сопхуос сүөһүтүн көрөн ыраах учаастакка олорбуппут. Настаабынньыкпыт Хаампый оҕонньор кими да, тугу да билиммэт, туһунан ыйдаах-күннээх киһи этэ. Дөрүн-дөрүн арыгылаан кэбиһэн эрэйдиирэ. Билигин санаатахха, туга эрэ ыалдьар буолуон сөп эбит. Арыгы истэ да, түүнү быһа утуйбакка баллыгырыы-баллыгырыы хаама сылдьара, хас да киһи кэпсэтэрин курдук куолаһын араастаан уларыта-уларыта саҥарара. Үүт-үкчү дьахтар, оҕо куолаһынан кытта саҥарталаан куппутун ойута сыһааччы. Былыр үйэҕэ өлөн хаалбыт дьон куолаһынан эҥин саҥарар диэн кэпсииллэрэ. Биһигиттэн туспа туруорбах балаҕаҥҥа олороро. Улаханнык арыгылаатаҕына, үстүү-түөртүү күнү быһа хараҕын букатын симэн көрбөккө, утуйбакка оннук дьүһүлэнэ сылдьара.

Биир күһүөрү киэһэ этэ. Хаампыйбыт кэлэн: “Уолаттар, мантан түөрт биэрэстэлээх сиргэ тайах охтордум, этин үрүсээгинэн дьиэҕэ таһан кэбиһиэххэйиҥ эрэ”, – диэн көрдөстө. Тайахпытыгар тиийэн, киһи сүгэригэр сөп гына сүгэнэн, быһаҕынан араара-араара, таһан бардыбыт. Түүнү быһа хаста да кырынан, хааҥҥа сөтүөлээн тахсыбыт курдук дьүһүннэнэн, илдьи сылайан бүтэрдибит. Сууна сылдьан Мээчик Сиэҥкэ диэн уолбут быһаҕа кыыныттан түһэн хаалбытын көрөн олус долгуйда. “Аҕам быһаҕа этэ, сүтэрбиппин биллэҕинэ кэһэтэрэ буолуо. Дьиэбит саамай сытыы быһаҕа этэ. Махсыым уус бэйэтинэн оҥорбут”, – эҥин дэтэлээн, устунан ытаары мэрбэҥнээн, куолаһа титирэстээн барда. “Күнүс баран көрдүөхпүт, булуохпут” диэн уоскута сатаатыбыт да, уолбут туох да иһин тохтообот, “итиччэ хойуу талах, ыарҕа быыһыттан хайдах да булбаппыт” диир. Боруҥуйга быһаҕы  көрдүү барар кыах да, күүс-күдэх да суох, түүммүт тобоҕун былдьаһа утуйан хааллыбыт.

Арай утуйа сатыы сыттахпытына, Байанайын бойум булдун бэлиэтээн хайыы-үйэ итирэ охсубут Хаампыйбыт киирэн-тахсан дэлби ыаһахтаата, лэбэйдээтэ. Быһах сүппүт сураҕын истэн: “Ньичибуо! Булуохпут! Сип-сибилигин көтүтэн аҕалыам. Иннибэр-кэннибэр сүөдэҥнэһээччилэрим оннооҕор буолуоҕу булааччылар. Эһиги миигин билбэккит, улуу киһи буоллаҕым. Мин диэтэх киһи...” – дэтэлээн, тохтообокко киһиргэнэн, арахпакка киир да киир, таҕыс да таҕыс буолан, кэпсээбиппитин кэмсиннэрдэ. Утутуо суох диэн, ааммытын хатанан баран утуйан хааллыбыт. Уубут быыһынан ааны тэбиэлиир тыаһын эрэ истэбит.

Сарсыарда Миисээҥкэбит уйулҕата хамсаабыт хаһыытыттан уһугуннубут. Ыстаҥалаһан туран көрбүппүт, аһыыр остуолбутугар били сүппүт быһахпыт хороччу анньыллан турар эбит. Бэйэтэ-бэйэтинэн, хаан-сиин, мас көтөҕөтө бөҕөтө. Оттон ааммытын көрбүппүт, хатанан турар.

Ити түбэлтэ кэнниттэн биһиги Хаампый оҕонньору  олус ытыктыыр, куппутун баттатар, куттанар буолбуппут.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...