18.02.2023 | 14:00

Буруйдаах курдук сананабын

Сыл ахсын олунньу 13 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэбитигэр Бастакы бэрэсидьиэн Михаил Ефимович Николаев 1996 сыллаахха олохтообут Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн бэлиэтиибит.
Буруйдаах курдук сананабын
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Санатар буоллахха, ити күн оруобуна саха норуотун бастакы лингвист-учуонайа, уһулуччулаах сырдатааччы, демократ, сахалыы суругу-бичиги киэҥник тарҕатыыны саҕалааччы, бастакы учебник ааптара Семен Новгородов төрөөбүт күнэ. Саха тыла – аан дойду үрдүгэр баар кырдьаҕас тыллартан биирдэстэрэ. Учуонайдар этэллэринэн, саха тыла итини сэргэ аан дойду тылларыттан биир саамай уустуктара уонна баайдара. Ону олоҥхобут, ЮНЕСКО билиниитин ылан, киһи аймах тылынан уус-уран айымньытын уһулуччу нэһилиэстибэтинэн ааттаммыта даҕаны туоһулуур.

Литература араас эйгэтигэр үлэлээбит талааннаах суруйааччы,  поэт, прозаик, литературовед Алексей Андреевич Иванов-Күндэ «Төрөөбүт төрүт тыл, сөрүүн сүөгэй курдук, сүрэҕи-быары сөрүүргэтэр...» диэн тылбыт кэрэтин, күндүтүн хомоҕой хоһоонунан хоһуйбутун оскуола саҕаттан сүрэхпитигэр иҥэринэн сылдьабыт. Ол эбэтэр төрөөбүт тылын билэр киһи бэйэтин санаатын, иэйиитин көҥүллүк этинэр, олоххо бигэ тирэхтээх, норуотун култууратын, духуобунай нэһилиэстибэтин ытыктыыр уонна киэн туттар диэн үгүстүк истэбит, ааҕабыт, суруйаллар. Бу сыалы-соругу ситиһэргэ, сахабыт тылын сайыннарарга, тарҕатарга, араас таһымнаах тэрээһиннэр ыытыллаллар, ылыныллыбыт концепция баар. Ыытыллар үлэлэртэн биир бастыҥнарынан ааспыт сыл саҥа дьыл эрэ иннинэ интэриниэккэ саха тылын 15 туомнаах быһаарыылаах тылдьыта тахсыбытын ааттыахха сөп. Биһиги тылдьыт электроннай көрүҥүн таһаарбыт Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар гуманитарнай чинчийиилэринэн уонна кыһалҕаларынан дьарыктанар институт саха тылыгар салаатын младшай научнай сотруднига, бырайыак эппиэттээх үлэһитэ Василий Васильевич Бочкаревы кытта кэпсэттибит.

– Кумааҕы көрүҥүнэн тылдьыты оҥорууга картотеканы мунньуу Ойуунускай саҕаттан саҕаламмыта. Онтон ордук күүстээх үлэ 1960-с сылларга ыытыллыбыта. 2000 сыллардаахха сылга биирдии тылдьыты таһааран, кумааҕы вариана оҥоһуллубут. Бу аҕыйах сыллаахха, чуолкайын эттэххэ 2017 сыллаахха, 15-с туома түмүктэммитэ. Ол кэнниттэн электроннай варианын оҥорор туһунан толкуйга түспүппүт. Инньэ гынан кыра-кыралаан ылсан, үлэбитин саҕалаабыппыт. Былырыын, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата өйөөн, түргэнник олоххо киллэрдибит. Билигин интэриниэккэ турар, онтон кэнники сыһыарыы быһыытынан оҥорор санаалаахпыт. Бу тылдьыт тылбааска сыһыана суоҕун, тыл суолтатын быһаарар аналлааҕын өйдүөххэ наада. Үлэбит нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар ананна, ол иһигэр мөлтөхтүк көрөр дьоҥҥо. Электроннай вариант эбии «функциялардаах», холобур, саҥарар тылдьыт буолар кыахтаах. Синтезированнай көрүҥүнэн тиэкистэри П.А. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын артыыһа Александр Борисов ааҕар. Итини сэргэ,  «Таайбараҥ» («Кроссворд») салаа баар. Тылдьыт научнай уонна «көннөрү» туттууга диэн оҥоһулунна. Научнай салаа эбии фильтрдардаах. Ол көмөтүнэн бэлэм научнай үлэлэри таһааран көрүллэр. Холобур, саха тылыгар эбэҥкиттэн киирбит тыллары булуохха сөп. Итинник барыта 10-ча тыһыынча вариация баар. Быһаарыылаах тылдьыт көмөтүнэн научнай үлэ да суруйуохха сөп.

Ол эрэн атын аҕыйах ахсааннаах норуоттарга курдук тылбытын сүтэрии куттала суоһуурун дириҥник өйдөөн, тэрээһиннэринэн эрэ муҥурдаммакка, үлэ кэмиттэн кэмигэр буолбакка, тиһиктээхтик ыытыллара эрэйиллэр. Туһааннаах тэрилтэлэр салайааччыларын, үлэһиттэрин кытта кэпсэтэн көрдөххө, сороҕор уота-күөһэ суох хамсаныы тахсар дуу диэн санаа үөскүүр. Ол да иһин ардыгар салалта үлэһиттэрэ кытта төрөөбүт тылларын үчүгэйдик билбэттэрэ кистэл буолбатах. Биһиги Дьокуускай куораппыт үс кэнники баһылыга – Айсен Николаев, Сардаана Авксентьева, Евгений Григорьев – үһүөн тыаттан силистээх-мутуктаах буолалларын умнубакка уу сахалыы этэллэрэ-тыыналлара  олохтоох нэһилиэнньэҕэ, Күндэ эппитинии, чахчы да, сүрэҕи-быары сөрүүргэтэр аптаах мэҥэ уутун курдук эбээт! Салайааччыга бэйэ санаатын ийэ тылынан тиэрдии диэн, туох да диэбит иһин, дьол буоллаҕа. Бу курдук бас-көс дьон бары даҕаны төрөөбүт тылларын билэллэрэ норуокка бу быыһык кэмҥэ күүстээх үтүө холобур буолуон сөп.

Ол эрээри олохпут бүгүҥҥү хартыыната уустук. Аҕыйах сыллааҕыта учуутал эдьиийбит куорат сайыҥҥы лааҕырыгар үлэлии сылдьан биир эдэр педагогтан сөхпүтүн, хомойбутун кэпсээн турар. Киһилэрэ, сахалыы ыйыппыттарыгар: «Я по вашему не понимаю»,- диэхтээбит. Ханан даҕаны онтуттан кыбыстыы суоҕа, хата, өссө киэн туттардыы саҥарара сөхтөрбүт. Эбиитин биллэр-көстөр, ытыктанар дьон оҕолоро эбит. Итинник педагог оҕону хайдах, туохха үөрэтэрэ саныахха ыарахан. Дьиҥэр, былыргыттан быйылга диэри  учуутал оҕону бэйэтин предметигэр эрэ үөрэтэр буолбатах, олоххо бэлэмниир, сырдыкка-кэрэҕэ уһуйар, төрөөбүт дойдуга, тылга-култуураҕа тапталы иҥэрэр буолуохтааҕа эбээт.

Онон бүгүн куорат олохтоохторуттан ийэ тылбытын билэрбит, тарҕатарбыт, ордук тэрилтэ салайааччылара икки судаарыстыбаннай тылынан тэҥҥэ саҥараллара төһө наадалааҕый диэн санааларын, этиилэрин ыйыталастыбыт.

Прасковья Ивановна, кырдьаҕас учуутал:

– 40-ча сыл оскуолаҕа үлэлээбитим, нуучча тылын учууталабын. Ол эрэн, тыаттан төрүттээх буоламмын, төрөөбүт тылбын билэбин. Мин саастыы куорат дьоно үксүлэрэ нууччалыы иитиилээхтэр буоллаҕа. Үөрэҕи бүтэрэн баран кэргэн тахсан куоракка олохсуйбуппут. Үс оҕолоохпут, оҕолорбут эмиэ төрөөбүт тылларын билэллэр. Хомойуох иһин, сиэннэрбит нууччалыы-сахалыы булкуйан саҥараллар. Бэйэм дьиэҕэ-уокка сахалыы кэпсэтэ сатыыбын, өйдүүллэр, кэпсэтэллэр буолан баран, биһиги курдук ыраастык саҥарбаттар. Саастаах дьон биһиги мэлдьи баар буолбаппыт биллэр, саатар сахалыы кэпсэтэллэрин умнубаттара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. 

Тэрилтэ салайааччылара, мин санаабар, икки тылынан саҥарыахтаахтар. Киһи барыта нууччалыы үчүгэйдик саҥарар  буолбатах, ордук тыа сириттэн кэлбиттэр, саастаах дьон. Кинилэр кыһалҕаларын быһаартаралларыгар төрөөбүт тылларынан кэпсэтэллэрэ ордук. Онон, салайааччы дьон саатар боростуой кэпсэтии тылын баһылыыллара наада диибин.

Саха тыла иккис судаарыстыбаннай тыл буоларын быһыытынан, бырабыыталыстыба таһымыгар тылбытын харыстыыр, тарҕатар үлэ киһи хараҕар көстөр гына күүскэ ыытыллыахтаах. Оскуолаларга хайа сатанарынан саха тылын үөрэтиини киллэрэллэрэ буоллар, хамсааһын тахсыах этэ дии саныыбын.

Станислав Прокопьевич, куорат олохтооҕо, инженер-технолог идэлээх:

– Мин киин куорат төрүт олохтооҕобун, манна төрөөбүтүм. Оскуола кэнниттэн Москваҕа үөрэммитим. Кэргэннээхпин, биир уоллаахпыт. Кэргэним эмиэ нууччалыы иитиилээх буолан, уолбутун нууччалыы иитэбит, биһиэхэ оннук судургу курдук. Дьиҥэр, төрөппүттэрим оройуонтан төрүттээх дьон, куоракка көһөн олохсуйбуттар. Дьонум этэллэринэн, бэйэлэрэ нууччалыы үчүгэйдик саҥарбат буолан, биһигини нууччалыы иитэргэ быһаарыммыттар. Бииргэ төрөөбүттэр иккиэбит, бырааттаахпын. Иккиэн нууччалыы уһуйааны уонна оскуоланы бүтэрбиппит.

Тэрилтэ салайааччылара икки судаарыстыбаннай тылы билэллэрэ үчүгэй бөҕө буоллаҕа, ол эрээри бэйэм төрөөбүт тылбынан сатаан саҥарбат эрээри туох диэн ирдиэмий (күлэр). Холобур, миэхэ ити мэһэйдээбэт, үлэтин үчүгэйдик баһылаабыт киһи буолла да, сөп дии саныыбын. Мин табаарыстарым үксүлэрэ сахалыы саҥарбаттар, кэллиэгэлэрим сорохторо нууччалыы «акценнаахтык» саҥараллар. Ол эрэн ити биһиги үлэбитигэр, алтыһыыбытыгар  харгыстаабат.

Надежда Платоновна, чааһынай тэрилтэ үлэһитэ:

– Ленскэйгэ төрөөбүтүм, онтон олох кырабар Дьокуускайга көспүппүт. Оскуолаҕа нууччалыы үөрэммитим, төрөппүттэрим да дьиэҕэ сахалыы кэпсэппэттэр этэ. Билигин төрөөбүт тылбын билбэппиттэн кыбыстабын, хомойобун. Сахалыы кэпсэтэ сатаатахтарына, «не понимаю, пожалуйста, по-русски» диибин, итинтэн сылтаан элбэх дьонтон сэмэлэнним, саха буолан баран ийэ тылбын билбэппиттэн бэйэбин буруйдаах курдук сананабын. Дьиҥэр, төрөппүттэрим сыыһалара буоллаҕа. «Порочный круг» диэбит курдук, билигин аны бэйэм төрөппүт буолан баран оҕолорум икки тылынан саҥарыахтарын наһаа баҕарабын даҕаны, дьиэбитигэр нууччалыы кэпсэтэбит, кэргэним эмиэ куорат уола. Оройуоҥҥа аймахтардаах дьоҥҥо ымсыырабын, сайын тыаҕа ыытан төрөөбүт тылларынан саҥардар киһи диэн. Оҕолорбут билигин кыралар, сахалыы тыллаах эйгэҕэ улаатыахтарын баҕарабын, онон кэнэҕэһин тугу эмэ тобулар инибит диэн эрэллээхпин.

Тэрилтэ салайааччыта икки тылынан саҥарара ордук дии саныыбын. Сатаан саҥарбат өттө, баҕар, мин курдук эрэйдэнэллэрэ буолуо да, тастарыгар таһаарбаттар.

Сахалыы ыллыыр, фольклор тэрээһиннэригэр кыттар оҕолору наһаа сэргии, ымсыыра көрөбүн. Бэйэбит сыыһаларбытыгар үөрэнэн, оҕолоргутун хайа сатанарынан төрөөбүт тылларынан үөрэтиҥ диэхпин баҕарабын, сахалыы тыллаах уһуйаан, оскуола элбии турдун.

Төрөөбүт тылбыт салгыы сайдар дуу, кэхтэр дуу кэскиллээҕин түстүүр кэм кэллэ. Ити хас биирдиибититтэн тутулуктааҕын өйдөөн, оҕолорбутуттан, сиэннэрбититтэн саҕалыаҕыҥ, төрөөбүт тылбыт сүмэтин үүнэр көлүөнэҕэ иҥэриэҕиҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...