Буойун-саахыматчыт бирииһигэр турнир
Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, педагогическай үлэ, спорт бэтэрээнэ, быйыл 100 сааһын куоһарбыт Наум Трифонович Слепцов бирииһигэр ыччаттар уонна бэтэрээннэр сүүмэрдэммит хамаандаларын дуобатка уонна саахымакка турнирдара 13-с төгүлүн ыытылынна. Күрэхтэһии бу сырыыга Улуу Кыайыы 79 сылыгар ананна.
Наум Трифонович өйө-санаата дьэҥкэ, куолаһа чөллөркөй: «Бу турнир 2010 с. Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын үйэтитэр сыаллаах-соруктаах Улуу Кыайыы 65 сылыгар ананан аан бастаан ыытыллыбыта. Дуобат-саахымат тэрийээччитэ-көҕүлээччитэ Юрий Егорович Никифоровка тыл көтөхпүппэр, үөрбүтэ, тута ылыммыта. Ис хоһоонун байытан биэрбиппит. Кыайыы хас сыла буолар да, оччо дуоскаҕа, аҥаара дуобакка, аҥаара саахымакка турнирдар сыллата ыытыллан кэллилэр. Спорт интеллектуальнай көрүҥнэрэ сайдалларыгар олус туһалаах күрэхтэһии – Кыайыыны аҕалбыт улуу көлүөнэ албан аатыгар сүгүрүйүү бэлиэтэ. Быйыл эмиэ наһаа үчүгэйдик тэрийбиттэр. Тэрийээччилэргэ улахан махталбын тиэрдэбин! Өрөспүүбүлүкэ улахан салайааччылара эҕэрдэлээн, чиэстээн бардылар.
Бэйэм саахымакка маастарга хандьыдааппын. Одесса куоракка Томпо Хаандыгатыттан бэһиэ буолан тиийэн оонньообуппут. Иккис дуоскаҕа балачча ситиһиилээхтик оонньообуппар, маастарга хандьыдааты иҥэрбиттэрэ. Оттон дуобакка хойутаан оонньооммун, 96 сааспын туолан бараммын хандьыдааппын толорбутум. 2000 сылтан Николай Николаевич Саввинов көҕүлээһининэн оонньообутум. Куорат, өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэригэр кыттыталаабытым, маҥнай 1-кы разряды толорбутум, онтон – маастарга хандьыдааты. Арааһа, сенсация оҥордум быһыылааҕа, дьон эҕэрдэтиттэн иһиттэххэ.
Саахымат, дуобат күүстээх өрүттэрэ элбэх. Бэрээдэктээх буоларга үөрэтэр. Быраабылалара чуолкайдык толоруллуохтаахтар. Айдаан-куйдаан суох буолуохтаах. Дьону точнай, чуолкай, сыыһаны-халтыны оҥорбот буоларга, сокуону тутуһарга үөрэтэр. Киһи доруобуйата, олоххо ситиһиилэриҥ өйүҥ-мэйииҥ үлэтиттэн тутулуктаахтар. Олоххо буолуталыыр быһыыны-майгыны анаалыстыыгын, ырытаҕын. Сайдыыга үөрэтэр. Мин бу 100 сааспар диэри түөһэйбэккэ кэпсии-ипсии олордоҕум. Дуобатынан-саахыматынан үлүһүйүүм уһун үйэлэниигэ аҕалла диибин.
Саахыматынан үлүһүйбүтүм туспа остуоруйалаах. 90 сыл буолла, саахымакка оонньообутум. Чөркөөххө 1-кы кылааска үөрэнэ сырыттахпына учууталбыт Тихон Семенович Таппыров куруһуок ыытара. Кини Платон Ойуунускайтан үөрэммит, куоракка семинарияҕа үөрэнэ сылдьан. Ойуунускай Өксөкүлээх Өлөксөйтөн үөрэммит. Үйэлэр ситимнэрэ баар. Ол Чөркөөххө 2-с кылааска саахымакка бастаабыппар, уон тэтэрээт бириис ылбытым. Оччолорго тэтэрээт сэдэх, олус күндү этэ.
Бэйэм идэбинэн учууталбын, үөрэх-иитии эйгэтигэр үлэлээтим. Мин санаабар, учуутал идэтэ идэлэртэн бастыҥнара. Атын идэлээх дьону иитэн таһаарар. Убайым Василий Трифонович эмиэ учуутал этэ. 1942 сылтан, Курскай Дугаттан саҕалаан, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, Чехословакия киин куоратын Праганы босхолоспута, дойдутугар 1945 с. бүтүүтэ эргиллибитэ. Учууталларга бронь биэрэллэрэ. Ону ол диэбэккэ тылланан барбыта. Мин эмиэ убайым суолунан барарга туруна сылдьыбытым. Быраатым Николай Трифонович эмиэ үйэтин тухары учууталлаабыта. Онон үс бииргэ төрөөбүттэр үйэбитин норуот үөрэҕириитигэр анаабыт дьоммут.
1941 с. Чурапчыга педучилищеҕа киирбитим. Саахымат күрэхтэһиилэригэр кыттарым. Онно Чурапчы киһитэ Семен Жирковы кыайаары олорон “ат вилкатыгар” киирэн биэрэммин, иккис буолбутум. 1943 с. сэриигэ тыллана сылдьыбыппын, учуутал тиийбэтинэн уонна ийэм ыалдьарынан аккаастаабыттара. “Үөрэххин бүтэр” диэн буолта. Уонна кыайыы чугаһаабыта биллэр этэ. Училищены бүтэрээри сылдьан, ийэм ыалдьарынан, үөрэхпин быраҕан, 1944-45 үөрэх дьылыгар Чөркөөххө кэлэн интернакка баспытааталлаабытым. 1945 сыл сааһыгар баҕалаах аармыйабар, дьэ, ыҥырыллыбытым. Атырдьах ыйыгар Япония милититаризмын сэриитигэр кыттыбытым. 152 стрелковай полкаҕа пулеметчигынан анаммытым. Хайлары штурмалааһын кырыктаах сэриитигэр кыттыбытым. Хамандыырдарбыттан хайҕанарым. Өстөөх күүстээх бөҕөргөтүнүүтүн үлтүрүтэн Хайлары сэриилээн ылбыппыт. Үрүҥ былаахтарын быктарбыттара. Кыайбыппыт. Үөрүү-көтүү, “Ураа!” хаһыы бөҕө. Билиэннэйдэри харабыллаан конвойнай чааска сулууспалаабытым. Итинник сэриилэһэн турабын.
Биэнсийэҕэ тахсан бараммын дуобат-саахымат оскуолатыгар Томпо оройуонун Кириэс-Халдьаайытыгар уһуннук тренердээбитим. История учуутала кэргэним Аграфена Дмитриевнабыныын Дьоруой Федор Матвеевич Охлопков музейын тэрийбиппит. Улахан статуһу ылбыта.
Түгэнинэн туһанан этиэм этэ, саахымакка саҥа федерация тэриллэн, хамсааһын бөҕө баран эрэр. Оҕолорбут Уһук Илиҥҥэ, Арассыыйаҕа тиийэ бастыыр, миэстэлэһэр буоллулар. Онон, саахымат инникилээх, сайдар кыахха киирдэ. Үөрэбин.
Алта оҕолоохпутуттан түөрдэ бааллар, уонтан тахса сиэн, уонтан тахса хос сиэн кэллилэр. Үчүгэй дьон буолан сылдьаллар. Хос эһээлэрин таптыыллар. Оҕолорум, сиэннэрим тапталларыгар уйдаран кэллим. 10 саастаах Артем диэн сиэним бүгүн турнирга саахымакка оонньоото.
Олоҕу биллим, төһө да эриирдээх-мускуурдаах буоллар. Үйэ сааспар тиийдим. Оҕолорум, сиэннэрим болҕомтолорунан, көмөлөрүнэн олордоҕум. Баҕа санаам 100 сааска тиийии этэ. Билигин өссө даҕаны олорбохтуу түһүөххэ, Кыайыы 80 сылыгар тиийиэххэ, турниры өссө күүрүүлээх көрсүөххэ диэн».
Буойун-саахыматчыт Наум Трифонович Слепцов Улуу Кыайыыга анаммыт турнирыгар Ксения Нахова хапытааннаах дуобатка 58,1/2 – 21,1/2 уонна Айдын Местников хапытааннаах саахымакка 45,1/2 – 32,1/2 хамаандалар кыайаннар, Сахабыт сиригэр дуобат уонна саахымат инникилээхтэрин, кэскиллээхтэрин көрдөрдүлэр. Сүрүн судьуйанан М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Спорт интеллектуальнай көрүҥнэригэр киинин дириэктэрэ Юрий Егорович Никифоров үлэлээтэ.