Булт тула
Саас кэлэн, эр дьон бултуу, балыктыы бараары, номнуо хомуна-тэринэ сылдьаллар. Билигин киһи ылла даҕаны саатын сүкпүтүнэн куобахтыы, оннооҕор бөһүөлэк таһынааҕы көлүйэҕэ кустуу даҕаны тахсара бобуллан турар. Кулун тутар 21 күнүттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин бары территориальнай салааларыгар сааскы куһу бултааһыҥҥа көҥүлү биэрии саҕаланна.
Ону сэргэ сайабылыанньалар судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр регионнааҕы порталларын нөҥүө https://e-yakutia.ru/#/functions/1400000000160203292 уонна «Мин докумуоннарым» өҥөлөрү оҥорор элбэх функциялаах киин нөҥүө ылыллаллар.
Булт сокуонугар туох уларыйда?
Кулун тутар маҥнайгы күнүгэр бултааһын федеральнай сокуонугар кэккэ уларыыталар киирдилэр. Олортон саамай сүрүннэрин сырдатабыт.
Подсадной боруодатыгар
2021 сылга подсаднойунан бултуур көҥүллэнэн турар. Боруодатынан хааччах суох эрээри, тыһы буолара ирдэнэр. Биир подсадной куһунан икки киһи бултуура көҥүллэнэр.
Быйыл бултанар көҥүлүн кэмэ: 21.04.23 – 20.05.23. Оттон кэлэр 2024 сылтан 25.04.24 – 10.06.24 болдьох быһаарыллан турар.
Сааҕа кэккэ уларыыйылар
Куһу бааһырдан баран 300 м чехола суох саалаах эккирэтиэххэ сөп. Оттон хааһы бааһыртахха 500 м диэри сааны хаата суох эккирэтэр көҥүллэнэр. Санатар буоллахха, былырыыҥҥыга диэри дурда эрэ иһигэр чехола суох саалаах олорор көҥүллэнэр этэ.
Улахан булт болдьоҕо
Тайах – балаҕан ыйын 15 күнүттэн тохсунньу 10 күнүгэр диэри;
Туртас – алтынньы 1 күнүттэн тохсунньу 10 күнүгэр диэри;
Бүүчээн – сэтинньи 1 күнүттэн тохсунньу 31 күнүгэр диэри;
Кулааһай – алтынньы 1 күнүттэн тохсунньу 10 күнүгэр диэри.
Булт билиэтин хайдах ылабыт?
Хас биирдии булчут тыаҕа тахсарыгар булт билиэттээх сылдьыахтаах. Бу тус докумуон бэйэтэ нүөмэрдээх, сиэрийэлээх, анал судаарыстыбаннай реестрдээх.
Ирдэниллэр докумуоннар:
Пааспар куоппуйата;
30 x 40 мм боростуой 2 хаартыска;
Эргэ билиэт, баар түгэнигэр (от ыйын 1 күнүттэн 2011 сылга бэриллибит).
Сыаната:
Босхо.
Өҥөнү оҥоруу болдьоҕо:
5 үлэ күнүн иһинэн оҥоһуллар.
Ханна оҥороллор:
«Мин докумуоннарым” элбэх функциялаах киин;
Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥө портала.
Тайаҕы бултааһын сиэрэ-туома
Сахаларга тайаҕы бултааһын ньымата элбэх: айанан, сохсонон, сиргэ дьаама хаһан, туһаҕы туттан бултааһын. Бу сүдү кыылы бултуурга, туспа сиэр-туом тутуһуллар.
Тайаҕы өлөрөн баран тириитин сэрэнэн, алдьаппакка эрэ сүлүллэр. Уҥуоҕун сүһүөхтэринэн арааран, быһаҕынан быһыллар. Хаанын сиргэ тохпокко эрэ астаныллар. Төбөтүн туспа ууруллар. Уҥуоҕун алдьаппакка эрэ барытын хомуйан, тыаҕа илдьэн көмөллөр. Сорох ардыгар үөһэ маска уураллар. Айыы кыылын ким да тыытыа, ыһыа-тоҕуо, тэпсиэ суохтаах.
Сааскы куһу бултааһын сиэрэ-туома
Булчут алааһыгар киирэн, күөл илин өттүгэр туран күн тахсыытын диэки хайыһар. Сир-дойду, күөл иччилэриттэн уот отторугар көҥүл ылан көрдөһөр. Уотун оттор. Аал уотун алаас, эбэ, күөл, сир-дойду иччилэриттэн Баай Байанайтан көрдөһүөхтээх.
А.С. Федоров “Өбүгэ сиэрэ-туома”