09.02.2022 | 20:00 | Просмотров: 781

Булгуччулаах харантыын көтүрүлүннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2022 сыл олунньу 6 күнүттэн коронавируснай инфекцияттан ыарыһахтары эмтээһин 7 күҥҥэ диэри кылгатыллан биэрдэ.
Саха сирин Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ санатарынан, олунньу 6 күнүттэн саҥа коронавируснай инфекция профилактикатыгар санитарнай быраабылалар саҥардылыннылар. Ол курдук, COVID-19 ыалдьыбыт дьону кытта бииргэ олорор, кинилэри кытта алтыспыт дьон булгуччулаах харантыыҥҥа олоруулара уурайда. Бу уларытыы “омикрон” штамынан ыалдьыы чэпчэкитик ааһарын кытта сибээстэннэ.
Маны таһынан 2022 сыл олунньу 6 күнүттэн хоруоналаах дьаҥынан ыалдьыбыт дьону эмтээһин 7 күҥҥэ диэри кылгаан биэрдэ, маныаха ыарыһах бүллүтүөнүн лииһин поликлиникаҕа сылдьыбакка уонна ПЦР-тест туттарбакка эрэ дьиэтигэр олорон арыйтарыан уонна саптарыан сөп. 
Санатар буоллахха, ОРВИ эбэтэр COVID-19 ыалдьыбыт сибикитин биллэххитинэ, Биир кэлим колл-киин нүөмэригэр – “122” эбэтэр олорор сиргитинэн поликлиника колл-киинигэр биллэриҥ.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.