02.04.2021 | 06:53

Булчуттар сэргэхсийэллэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Урааннаах уһун кыһыммыт кэнниттэн айылҕабыт уһуктар, күммүт уһуур, халлааммыт сырдыыр, сылаас күннэр турар кэмнэригэр эр дьоммут айылҕалыын тэҥҥэ сэргэхсийэллэр. Тоҕо диэ? Тоҕо диэтэххэ, кус кэлиитэ чугаһыыр, саалыы барар кэмнэрэ бу тирээн кэлэр. Дьиҥэр, кинилэр саас эрэ кэллэҕинэ кустарын санаабаттар, кинилэр саҥа дьыл бүттэ да төлөпүөннэһэллэрэ, быһаарсаллара саҕаланар, ханна, хаһан, хайдах бараллара-кэлэллэрэ чопчуланар, кими ылаллара, ылбаттара чуолкайданар. Кими ылаллара диэн тиэмэҕэ эттэхпинэ, мин билэрбинэн дурдаҕа уонна үүтээҥҥэ, мотуордаах оҥочоҕо хас киһи олорорунан суоттаналлар. Ити мин булчут кэргэннээх, уоллаах буоламмын этэбин, кыһыҥҥыттан саҕалаан кинилэр ол туһунан уора-көстө кэпсэтэллэрин билэбин. Онон эр дьон киэнэ, этэргэ дылы, “стратегия”, бэйэтэ биир байыаннай дьыала курдук буоллаҕа. Онно биһиги орооспоппут, тус бэйэм алаадьы эрэ астыыбын, атын малларын бэйэлэрэ испииһэктээн, уолаттарын кытта сүбэлэһэн эрдэттэн атыылаһан суол сабылла илигинэ ыытан кэбиһэллэр.

Дьахтар сылга биирдэ, иһэ үлүннэҕинэ иккитэ сылдьар маҕаһыына баар. Билэҕит, таайдыгыт дуо? Ол маҕаһыыҥҥа бу матырыйаалы суруйар наадаттан тиийэ сырыттым. Сэрэйдэххит буолуо, ботуруон, буулдьа, бултуур тэрил атыылыыр “Байанай” диэн ааттаах маҕаһыын. Миигин кытта бэрт эйэҕэстик эдэркээн атыыһыт, 19 саастаах Артем Иванов кэпсэттэ.

– Билигин муус аннынан балыктааһын саҕаланан эрэр. Онно мармышкалары, чиэрбэлэри ылаллар, уопсайынан, онно наадалааҕы, тиэрмэһигэр, спальнигар тиийэ көрөллөр.

Бу кэннэ тута боростуой балыктааһын саҕаланар. Муус устар ортотун диэки, онно эмиэ күөгүлэр, спиннинг атыыга элбиэҕэ.

Ол кэннэ дьэ кус кэлэр, чугаһаата да диэххэ сөп. Онно ботуруон ылыыта саҕаланна, тыаттан кэлии-барыы элбээтэ. Билигин саамай наадыйаллара ботуруон. Саа ылааччылар да бааллар, сыаналара 30 тыһыынчаттан (МР) саҕалаан, итальянскай 200 тыһыынчаҕа тиийэ баар. 100-120 тыһыынчалаахтар да бааллар.

Билигин булчуттар арыый чэпчэки сыаналааҕы көрдүү сатыыллар. Утуйар мөһөөччүк синтепонтан саҕалаан тэбиэн, бараан түүтүттэн бааллар. Табаарбыт үксүлэрэ Арассыыйа киэннэрэ, хаачыстыбалара үчүгэй. Таҥас-сап, саппыкы эҥин барыта Арассыыйа киэннэрэ.

Дьэ, ити курдук булчут тэринэн барарыгар куорат маҕаһыыннарыгар талбыт барыта баар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....