29.05.2021 | 15:11

Бука бары сэрээккэҕэ тахсыахха

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 18 күнүттэн киин куоракка сарсыардааҥҥы чэбдигирдэр сэрээккэлэр болуоссаттарга, сквердэргэ, дьон сынньанар сирдэригэр ыытыллаллар. Күн бэҕэһээ Ленин болуоссатыгар тиийэн, нэһилиэнньэ төһө сылдьарын, ордук кимнээх кэлэллэрин кэтээн көрдүм.

Ленин болуоссатыгар лоп курдук сарсыарда 7.00 чааска хойутааһына суох тиийдим. Миигин Лыткин Матвей Иванович көрүстэ. Кинини кытта кэпсэттим.

 Өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандаларын спортивнай бэлэмнээһинин киинэ Ленин болуоссатыгар эппиэтинэстээхпит.  Уопсайа икки инструктор сэрээккэни ыытар – Владимир Ильич Иванов уонна Наталья Егоровна Гоголева.

 Дьон истиһэн, ахсааннара кыралаан элбээн иһэр. Маҥнайгы дьарыктарга уонча киһи кэлбит буоллаҕына, билигин сүүрбэччэҕэ тиийдибит. Ордук киин болуоссакка чугас олорор куорат олохтоохторо, ыалдьыттара кэлэн сэрээккэлииллэр, эттэрин-хааннарын уһугуннараллар.

 Хааччахтааһын бары миэрэтин тутуһабыт. Болуоссат киэҥ буолан, кэлбит дьон бэйэ икки ардыгар 1,5-2 миэтэрэ тэйиччи туттууну тутуһар. Кэтээн көрдөххө, вакциналаммыт уонна коронавируһунан номнуо ыалдьыбыт дьон сылдьаллар. Ол иһин бу өттүгэр миэрэ тутуһуллар диэххэ наада.

 Матвей Иванович, коронавируһунан ыалдьыбыт дьоҥҥо хамсаныы туһата элбэҕэ буолуо?

 Оннук! Ыалдьыбыт дьон доруобуйаларын бөҕөргөтөллөрүгэр сарсыардааҥҥы хамсаныылар сүрдээх туһалаахтар. Уопсайынан, билиҥҥи сэрээккэлэр девизтэрэ “Сарсыардаттан бэйэҕин кыай” диэн буолар. Хамсык ыарыы, бары билэрбит курдук, киһи хаанын хойуннаран, атын уорганнарыгар дьайара биллэр суол. Ону биһиги хамсанан, спордунан дьарыктанан эппитин-хааммытын чөлүгэр түһэриэхтээхпит.

 Сэрээккэҕэ сылдьыбыт дьон, күнү быһа сэргэхтик,  чэпчэкитик сылдьабыт диэн кэпсииллэр.

 Дьарыктар хайдах ыытыллалларый?

 Дьарыктар комплекснайдык ыытыллаллар. Баҕалаах дьон хаалыктаах хаамаллар, сүүрэллэр уо.д.а. Инструктордарбыт уончалыы сыл уопуттаах дьон, онон нэһилиэнньэҕэ сөптөөх эрчиллиилэри көрдөрөллөр.

Мария Мигалкина, Киин уокурук олохтооҕо, биэнсийэлээх:
—    Халлаан сылыйан, сарсыардааҥҥы сэрээккэлэр сөргүтүллүбүттэрэ саамай сөп! Мин чугас олорор буоламмын, сатыы сылдьабын. Инструктордар сүрдээх тэтимнээх хамсаныылары оҥортороллор, киһи күн устата эрчимнээхтик, сэниэлээхтик сылдьар.
Дмитрий Иванович, Киин уокурук олохтооҕо, үлэһит:
— Мин сарсыарда ахсын сүүрэбин уонна манна кэлэн сэрээккэ оҥоробун. Бэйэм быйыл саас дьаҥҥа хаптаран ыалдьыбытым, ол кэннэ спордунан дьарыктанарым элбээтэ. Бачча киэҥҥэ-куоҥҥа, чэбдик салгыҥҥа киһи этин-хаанын хамсатыахтаах. Түгэнинэн туһанан, куорат дьонун барыгытын спордунан дьарыктаныҥ диэн ыҥырабын.  
Сарсыардааҥҥы сэрээккэ киһи иммунитетын бөҕөргөтөр, туругун тупсарар. Онон, куорат олохтоохторо, бары тутуспутунан доруобуйабытын чэбдигирдэр туһуттан сэрээккэлиэххэ, сарсыардаттан эппитин-хааммытын уһугуннарыахха.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....