Бука бары — сэрээккэҕэ!
Ыам ыйын 10 күнүттэн Дьокуускай куорат киин болуоссаттарыгар, сквердэригэр, стадионнарыгар сарсыардааҥҥы үтүө үгэскэ кубулуйбут чэбдигирдэр сэрээккэлэр күргүөмнээхтик саҕаланнылар.
Сарсыардааҥҥы сэрээккэлэр 2000 сыллар ортолорун эргин аан бастаан көхтөөхтүк саҕаламмыттара. Ол үтүө үгэс күн бүгүнүгэр диэри халбаҥнаабакка тутуһуллар. Сарсыарда 6 чааска “Юность” стадиоҥҥа скандинавскай хаамааччылар номнуо биир-биир кэлитэлээн, хаампытынан бардылар. Манна төгүрүк сыл эргиччи хаамаллар, тренажердарга илиилэрин-атахтарын имитэллэр.
Алта аҥаар чааска куорат киин стадионугар “Туймаадаҕа” балачча элбэх киһи сүүрэн-хааман, араас хамсаныылары оҥорбута ырааппыт. Биллиилээх спортсменнар, спорт үлэһиттэрэ эмиэ бааллар. Мас тардыһыы, атах оонньуутун уонна хапсаҕай маастара, “Дыгын оонньууларын” призера, Ньурба күүстээҕэ Владимир Федоров эчэйии ылан, күрэхтэһэрин төһө да быстах кэмҥэ тохтоттор, сайыҥҥы күрэхтэһиилэргэ кыттар санаалаах күүс-уох ылан, туругун тупсараары, сарсыардааҥы сэрээккэҕэ тахсыбыта нэдиэлэ буолбут. Сотору кэминэн үрдүк мырааны өрө-таҥнары дабайталыахтаах.
Физкультураны уонна спорду олохторун аргыһа оҥостубут инструктордар көмөлөрүнэн куорат үрдүнэн 15 балаһаакка мантан сайын олохтоохтору сэрээккэлэргэ көҕүлүөхтэрэ. Сэттэ чааска Ленин болуоссатыгар сэрээккэлээччилэр түмсэннэр, көхтөөхтүк хамсана-имсэнэ сылдьаллар. Сэрээккэ, хамсаныы туһатын билбиттэр бааллар. Биэнсийэҕэ тахсан баран быар куустан олорбот үлэ бэтэрээнэ Иннокентий Юшков тэрилтэ олбуорун харбыыр үлэлээх, сарсыардааҥҥы сэрээккэлэргэ сылдьыбыта икки-үс сыл буолбут. Хамсанан-имсэнэн, тобугун ыарыытын аһарыммыт, аны сиһэ ыалдьарын сэрээккэнэн оһорунар бигэ санаалаах.
Физическэй култуура уонна маассабай спорт управлениетын отделын начаалынньыга, Ленин болуоссатыгар сарсыардааҥҥы чэбдигирдэр сэрээккэ инструктора Зинаида Афанасьева этэринэн, сайыҥҥы ыйдарга тэрээһиннээх сэрээккэлэр ыытыллар 15 балаһааккаҕа инструктордар анаммыттар. Холобур, «Триумфка” – Матвей Лыткин, Доҕордоһуу болуоссатыгар – Валерий Готовцев, Орджоникидзе болуоссатыгар – Егор Неустроев, Сынньалаҥ пааркатыгар – Сардаана Ядреева, “Туймаада” стадионугар – Лидия Иванова, Саха цииркэҕэ – Дмитрий Горохов, 203 мкрн – Светлана Кобякова, 17-с кыбаарталга, Ийэ скверигэр, Хатаска эмиэ тэрээһиннээх сэрээккэлэр ыытыллыахтара.
Сарсыардааҥҥы чэбдигирдэр сэрээккэлэр көхтөөхтүк саҕаланнылар. Саҥа күнү көрсө, ыраас салгыҥҥа хаамыҥ, хамсаныҥ-имсэниҥ, күннээҕи түбүктээх олоххутугар күүстэ-уохта, сэниэтэ ылыныҥ, санааҕытын бөҕөргөтүҥ!