10.03.2021 | 17:41

Бухатыыраптар кинигэ таһаардылар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аан дойдутааҕы Дьахталлар күннэрин бырааһынньыгынан, биир дойдулаахпыттан, коллегабыттан, дьүөгэбиттэн СӨ Бочуоттаах бэтэрээнэ Людмила Романовна Богатыреваттан кинигэ бэлэх уонна сибэкки дьөрбөтө туттум.

Кини бииргэ төрөөбүт убайа СӨ тыатын хаһаайыстыбатын Бочуоттаах бэтэрээнэ Роман Богатырёв "Бухатыыраптар төрүччүлэрэ" диэн үс үйэни хабар дириҥ ис хоһоонноох, научнай-чинчийэр суолталаах үлэни архыыптан хасыһан, кырдьаҕастар кэпсээннэрин суруйан, элбэх матырыйааллары хомуйан, сааһылаан кинигэ оҥорон таһаарбыт. 118 арыллар сирэйдээх, көмүс суруктаах, халыҥ тастаах, хаартыскалардаах дьоһун кинигэ. Аан тылы сэрии сылын оҕото, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ,биллиилээх суруналыыс Семён Протодьяконов олус сиһилии ырытан, дьоннор ааттарын киллэртээн туран суруйар, махтанар. Богатырёвтар биир улахан ситиһиилэринэн бу төрүччүлэрин кинигэтэ түстэммитин ыйар. Таатта улууһун Бочуоттаах бэтэрээнэ Роман Романович аҕа - ийэ уустарын үөрэтэн, эдэр көлүөнэтин кэнчээри ыччатыгар бигэ олук оҕуста диэн үрдүктүк сыаналаабыт. Кинигэ үс түһүмэхтэн турар, бастакы түһүмэххэ Бухатыыр уус төрүччүтүн төрдө; иккис түһүмэххэ "Төрүттэрбит, удьуордарбыт"; үһүс түһүмэххэ Бухатыыр уус сыдьааннара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ 21 үйэ бастакы 20 сылыгар киирбит. Богатырёвтар Уустан төрөөн-ууһаан тарҕаммыт Богатырёвтар удьуордарын билбэт да киһи олус тартаран ааҕар бастыҥ айымньыта. Холобур, мин бу кинигэттэн элбэҕи биллим, аахтым. Төрүттэрэ тарбахтарыгар талааннара, дьарыктара үйэлэргэ бэриллэн испит, уус идэтэ удьуордааһынтан быһаччы тутулуктаах идэ. Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах аҕа уустара буолабыт диэн, улахан убайдарын дьаһалынан, уруу-аймах түмсэннэр, толкуйдаан, былааннаан илиилэрин сылааһын ууран бэчээттэппит кинигэлэрэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар анаммыт.

  АННА  КОЗЛОВА

Дьокуускай куорат.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....