14.04.2021 | 21:19

Бу ыарыыны бары умнуохтаахпыт

Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Вакцинаны туруоруу эрдэттэн суруйтарыыта суох 3 №-дээх Дьокуускайдааҕы куорат балыыһатыгар ыытылынна.

Ааспыт өрөбүллэргэ 557 киһи бу балыыһаҕа босхо вакцина ыллылар диэн медицинскэй тэрилтэ пресс-сулууспата кэпсиир.

“Аахсыйа куорат олохтоохторо вакцина ыларга улахан интэриэстээхтэрин көрдөрдө. Баҕалаах киһиэхэ барыларыгар туруордубут, биһиги балыыһабытыгар сыһыарыллыбатах да дьоҥҥо. Биһиги кэлэктиибинэн иммунитет хайа кыалларынан түргэнник үөскүүрүгэр уонна бу COVID-19 ыарыыны бары умнарбытыгар сүрүн интэриэстээхпит”, – диэтэ балыыһа кылаабынай бырааһа Светлана Давыдова.

Балыыһа салайааччыта дьон вакцина ылар кыахтара  бэйэлэрин эрэ поликлиникаларыгар буолуо суохтаах диэн бэлиэтээтэ. Кини эппитинэн, маннык быраактыка өссө салҕаныа.

Билигин дьоҥҥо “Спутник V» («Гам-КОВИД-Вак”) Арассыыйа вакцинатын туруораллар. Хас биирдии түһүмэх аайы быраас булгуччу көрүүтэ ирдэниллэр. Вакцина ыла кэлэргэ пааспары, ОМС полиһын уонна СНИЛС илдьэ кэлэргит булгуччулаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...