26.02.2021 | 08:32

Бу сиргэ дьоллоох буолар туһугар

Бу сиргэ дьоллоох буолар туһугар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Мария Николаевна Харитонова-Елисеева иллэҥ кэмигэр ырыа-хоһоон суруйарынан эдэр сааһыттан дьарыктанар. Ааптар, мелодист, ырыаһыт-тойуксут быһыытынан улууска киэҥник биллэр сыана бэтэрээнэ. Биэс айымньыта “21 үйэ бастыҥ ырыалара” дэнэн, улуус “Көмүс фондатыгар” киирбитэ. Улуустааҕы “Отуу уота”, “Туллук хаара” мелодистар түмсүүлэрэ тэриллиэҕиттэн кыттар. Хас да ырыата өрөспүүбүлүкэтээҕи араадьыйа “Көмүс фондатыгар” суруллубута. Оҕолорго аналлаах элбэх ырыата улуус уһуйааннарынан тарҕанан, оҕолор сөбүлээн ыллыыллар. Ол курдук, “Сандал сааспыт эргийдэ”, “Кырачаан уолчааным”, “Оо киһи”, “Харыстааҥ күн сирин” ырыалара бэйэлэрин тылларыгар айыллыбыттара. Хас биирдии айар киһи бэйэтэ туспа буочардаах. Ол барыта кини тугу дьарыктанарыттан, олоххо сыһыаныттан тутулуктаах. Мария Николаевна оҕо уһуйаанын иитээччитэ буолан, оҕолору олус таптыыр. Хас оҕо хамсаныыта киниэхэ үчүгэйи, үөрүүнү аҕалар. 45 сыл педагогическай ыстаастаах бастакы категориялаах музыка учуутала, РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Арассыыйа үөрэҕириитин Бочуоттаах бэтэрээнэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ. Үөрүүлээх үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээн туран, хоһооннорун бэчээттиибит.

Оо, киһи! Хас биирдии киһиттэн Көрдөһүөм этэ мин, Оо, киһи, киһиэхэ Киһилии сыһыаннас, Эйигин истэллэр Кырачаан сүрэхтэр. Хас хардыыҥ, хас саҥаҥ Барыта тиһиллэн, Иҥэллэр, сөҥөллөр Кырачаан сүрэххэ. Киһилии сыһыаннас Кэнчээри ыччатыҥ, Бар дьонуҥ туһугар. Оо, киһи, эн бааргын Модун күүс бу сиргэ!

“Самныбат саргыбыт, Оо, киһи киһиэхэ Кэхтибэт кэскилбит”. Эн илииҥ иһигэр – Аан дойдуҥ барыта, Кэнчээри ыччатыҥ – Эн илииҥ иһигэр.

Оо, киһи, киһиэхэ Киһилии сыһыаннас, Эн өйдөө бу сиргэ Букатын кэлбэккин, Олохпут барыта Биир түгэн кэриэтэ Күлүмнээн ааһарын Эн өйдөө, оо, киһи!

Эрэлим эйиэхэ Эрэлим эйиэхэ, доҕоруом, Олоҕум сырдык сулуһа, Күдэҥҥэ-тумаҥҥа сүппэккэ Эн миигин арыаллыаҥ дуо, мэлдьи? Ол чаҕыл сулустуу күлүмнээн, Сүрэхпэр эрэли үөскэтэн, Иэйиини, тапталы иҥэрэн, Дьолунан толорууй сүрэхпин. Өйдөһөр, эрэнсэр сүрэхтэр Дьоллорун булаллар хайаан да, Дьол сырдык сулуһун тутаммыт Дьоллонуох, эн биһи бу сиргэ.

Тоҕо? Тоҕо куруук бу сиргэ Аргыстаспат өрүүтүн, Сырдык ыра, кэрэ санаа Дьоллоох олох үөрүүтэ?

Ханна эрэ бу сиргэ Харах уута, хомолто, Өлүү-сүтүү күлүгэ Көстөн ааһар буоларый?

Тоҕо-тоҕо бу сиргэ Ымсыы, обот санаалаах, Хара санаа дууһалаах Дьоннор көстөн ааһаллар?

Дьоллоох олох үөрүүтүнэн, Сырдык ыра санаанан Хара санаа күлүгүн Үтүрүйэн иһиэҕиҥ.

Бу дойдуга, бу сиргэ Дьоллоох буолар туһугар, Үрүҥ-хара дэспэккэ, Эйэлээхтик олоруоҕуҥ.

Сырдык ыра санаалаах, Кэрэ ыраас дууһалаах Тахсар күммүт сарыалын Көрсөр буолуох, бар дьонум!

Үөрүү Мин эбэм барахсан Олус да иистэнньэҥ, Эбэбин үтүктэн Ыаҕайа мин тиктим.

Ыаҕайа тутуурдаах Ойуурга бараммын, Отонноон, дьэдьэннээн Балтыбар аҕаллым.

Иһиппин толорбут Үөрүүбүн үллэстэн, Ийэкээм үөрүөҕэ, Аҕакаам хайгыаҕа.

Харыстааҥ, күн сирин дьонноро Харыстааҥ, күн сирин дьонноро, Төрөөбүт Ийэ сир дойдугутун, Бу сиргэ туох баарын барытын Харыстааҥ, күн сиригэр төрөөт да!

Харыстааҥ, күн сирин дьонноро, Төрөөбүт алаһа дьиэҕитин, Күн сирин көрдөрбүт дьоҥҥутун Харыстааҥ, күн сиригэр төрөөт да!

Харыстааҥ, күн сирин дьонноро, Күннээх халлааҥҥыт сырдыгын, Айылҕа биэрбит кэрэтин Харыстааҥ, күн сиригэр төрөөт да!

Сайын Самаан сайын эргийэн Сайылыкпыт тубуста, Оҕо-аймах мунньустан Сыһыы устун сырыста.

Көлүччэлээх алаастар Күндүл ыраас ньуурдара, Оҕолору угуйа Күлүмүрдүү оонньоото.

Дьиэрэҥ тэбэр оҕолор Оторой-моторой оҕолор Оһуор-дьарҕаа өҥүнэн Оҕуруолуу тиһиллэн, Ойон-тэбэн киирдилэр, Оһуокайдаан тэйдилэр.

Эгил-тэгил оҕолор Эҥин-дьарҕаа өҥүнэн Дьэрэлиһэ дьиримнээн Дьиэрэҥ үктээн киирдилэр, Дьуохардарбар дайдылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

ЗИЛ массыынаҕа оҕо төрөтөммүн, быыгабар ылбытым...
Дьон | 09.03.2023 | 09:30
ЗИЛ массыынаҕа оҕо төрөтөммүн, быыгабар ылбытым...
  Бүгүн ааҕааччыларбар Уус Алдан улууһун Суотту нэһилиэгин олохтооҕо Розалия Константиновна Пермякова туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Кини түөрт оҕо иһирэх ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбэтэ. 42 сыл устата медицинаҕа үлэлээн билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, суоттулар биир мааны кийииттэрэ. Кини мин бииргэ төрөөбүт улахан эдьиийим, 7 оҕоттон үһүс оҕо, Бэрииһэптэр бастакы күүтүүлээх-кэтэһиилээх кыыстара....
ТҮӨРЭХ
Сынньалаңңа | 09.03.2023 | 21:00
ТҮӨРЭХ
Үһүс чааһа.
Михаил Трофимов: «Оҕо иитиитин дьахтарга сүктэрэн кэбистибит»
Дьон | 11.03.2023 | 10:00
Михаил Трофимов: «Оҕо иитиитин дьахтарга сүктэрэн кэбистибит»
Бүгүн кэпсиир киһибит – Амма улууһун Соморсун нэһилиэгин «Эрчим» эр дьон түмсүүтүн салайааччыта, сорсуннаах булчут, спортсмен, элбэх оҕолоох ыал аҕата Михаил Егорович Трофимов.
ТҮӨРЭХ
Сынньалаңңа | 10.03.2023 | 21:00
ТҮӨРЭХ
Төрдүс чааһа.