Бу өрөбүллэргэ 3 №-дээх балыыһаҕа ким баҕалаах вакцина ылыан сөп
Ыам ыйын 15-16 күннэригэр Дьокуускай куорат 3 №-дээх балыыһата бу учаастакка сыһыарыллыбатах дьону эрдэттэн суруйтарбакка кэлэн вакцинацияны ааһалларыгар ыҥырар. Балыыһа пресс-сулууспата биллэрбитинэн, коронавируһу утары вакцина саҥа паартыйата кэлэн, өрөбүл күн аахсыйата салҕанар. Ыам ыйын 15-16 күннэригэр ким баҕалаах сарсыарда 9 чаастан киэһэ 18 чааска диэри вакцина ылар кыахтанар. Пааспаргытын, ОМС полискытын уонна СНИЛС илдьэ тиийэҕит.
Уочараттара кэлбит дьон Спутник V (Гам-Ковид-Вак) уонна ЭпиВакКорона вакциналартан бэйэлэрэ талбыттарын ылыахтара. Быһыыны аан бастаан ылар дьон иккис түһүмэххэ график быһыытынан кэлэллэр. Специалистэр этэллэринэн, прививка бастакы түһүмэҕэ иммунитеты бөҕөргөппөт. Онон иккис түһүмэҕи ааһар булгуччулаах.
Маны таһынан, Дьокуускай куорат 3 №-дээх балыыһата бу учаастакка сыһыарыллыбыт, ол эрээри кыайан кэлэр-барар кыаҕа суох, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьонтон коронавирус дьаҥын утары прививканы дьиэлэригэр тиийэн туруорарга сайаапкалары ылар. Билсэр нүөмэрдэргит: 88002005454 уонна 506421.