27.05.2021 | 10:50

Бу күннэргэ «Өлүөнэ очуостара” национальнай пааркаҕа барымаҥ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сирэ киэн туттар, айылҕа биир дьикти көстүүлээх сиригэр – Өлүөнэ очуостарыгар ыраахтан-чугастан дьон-сэргэ тиһигин быспакка сылдьар. Ол эрэн бу күннэргэ онно баран сынньанар сэрэхтэээх.
«Өлүөнэ очуостара” национальнай паарка дириэктэрэ Аркадий Семенов муус барыытынан сибээстээн, Өлүөнэ эбэҕэ балаһыанньа оннун булуор диэри, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун пааркаҕа сынньана барартан туттуналларыгар сүбэлээтэ. 


«Өлүөнэ очуостара” национальнай пааркаҕа эбэ муустан ырааһыран уу суолун сырыыта көҥүллэниэр диэри кэлбэккитигэр көрдөһөбүт”, – диэн Аркадий Семенов инстаграм ситимин нөҥүө өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар туһаайан суруйда.
Кини Буотама үрэх төрдүгэр уонна онтон да атын ити диэки сирдэргэ муус харан турарын эппит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...