04.12.2023 | 15:00

Бриллиант баалга киирбит үп оҕо пуондатыгар бэриллэр

Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Бриллиант баалга киирбит үп «Харысхал» оҕо өйөбүлүн пуондатыгар ыытыллар.
Бриллиант баалга киирбит үп оҕо пуондатыгар бэриллэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тэрийээччилэр этэллэринэн, «Бриллиант баал» өрөспүүбүлүкэ норуоттарын ювелирнай оҥоһуктарын нөҥүө регион сирин баайын көрдөрөр сыаллаах. Урукку өттүгэр тэрээһин күһүн ыытыллара, быйыл бастакы төгүлүн «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл чэрчитинэн тэрилиннэ.

«Бриллиант баал – ураты тэрээһин. Быйыл «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл чэрчитинэн ыытылынна. Бэстибээл доҕотторбутун, Саха сирин таптыыр дьону, биһиги эриэккэс региоммут олохтоохторун түмэр. Бриллиант баал, бэстибээл сорҕото буолан, Саха сирин туризмын брендын – алмаастары киэҥ эйгэҕэ таһаарарга туһуланар», – диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ регион култууратын уонна креативнай индустриятын тарҕатыыга кылааттарын иһин «Күн киһитэ» норуот бириэмийэтин Максим уонна Евгения Арбугаевтарга туттарда.

Итини таһынан, бу күн судаарыстыбаннай циркаҕа биллиилээх модельер, худуоһунньук уонна таҥас дизайнера Августина Филиппова «Дьол тааһа» ювелирнай брендин сүрэхтэниитэ, итиэннэ өрөспүүбүлүкэ  ювелирнай оҥоһуктарын, «Саха сирин амтана» гастрономия тыйаатырын билиһиннэрии буолла.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...