02.07.2024 | 22:07

Бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин күнүн бэлиэтээтилэр

Бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин күнүн бэлиэтээтилэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Биһиги биир дойдулаахтарбыт Ийэ дойду иннигэр ытык иэстэрин көмүскээн араас сылларга Афганистан, Хотугу Кавказ, Нагорнай Карабах сэриилэригэр кыттыбыттара, Латинскай Америка, Африка, Азия уонна Сирия кыһалҕаларыттан туора турбатахтара.

Саха сирин буойуннара бүгүн Арассыыйа Сэбилэниилээх күүстэрин кэккэтигэр анал байыаннай дьайыыга кытталлар. Ол туһунан Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар буолан ааспыт Бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин күнүгэр аналлаах тэрээһиҥҥэ Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов иһитиннэрдэ.

Кини бэйэтин этиитигэр бүгүн биһиги кэккэбитигэр суох, биһиги үрдүбүтүгэр эйэлээх халлаан турарын туһугар олохторун толук уурбуттар сырдык ааттарыгар сүгүрүйэр иэстээхпитин санатта.

Бу күн анал байыаннай дьайыыга олохторун толук уурбут рядовой Иван Андреевка, младшай сержант Евгений Дитятьевка, сержант Савва Михайловка уонна рядовой Даниил Соколовка анаммыт Эр санаа уордьанын ийэлэригэр уонна кэргэттэригэр туттардылар, биир мүнүүтэлээх иһийэн туруунан чиэстээтилэр.

Мустубут дьоҥҥо Арассыыйа Бэрэсидьиэнигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, СӨ координационнай киинин салайааччыта Андрей Федотов, ыччат дьыалатыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистир Петр Шамаев, иеромонах Гермоген, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр салайааччылара тыл эттилэр.

Тыйаатыр фойетыгар Аҕа дойду Улуу сэриитин кэминээҕи сэп-сэбиргэл быыстапката, хаартыскалар туруорулуннулар. Тэрээһин бырааһынньыктааҕы кэнсиэринэн түмүктэннэ, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...