12.07.2024 | 10:00

Ботаническай сад: сүрүн үлэ уонна сэдэх экспонаттар

Ботаническай сад: сүрүн үлэ уонна сэдэх экспонаттар
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Дьокуускайтан чугас Чочур Мураан аттыгар баар Ботаническай сад куорат олохтоохторугар кэрэ көрүҥнээх сибэкки, мас арааһа үүнэр сиринэн биллэр. Сад үлэһиттэрэ кыһын институкка, сайын сад иһигэр Саха сирин усулуобуйатыгар араас үүнээйини кэтээн көрөллөр, симэлийэн эрэр көрүҥнэри сүтэртэн быыһыыллар. 1962 сылтан үлэлиир билим тэрилтэтин сүрүн дьарыгын туһунан бүгүҥҥү репортажка ааҕыҥ.

Саха сирин киэҥ киэлитигэр араас дьэрэкээн үүнээйи тарҕанан үүнэр. Хас биирдиитэ туспа, хатыламмат уратылаах. Үүнээйи тас көрүҥүн, туругун, сайдыытын Ботаническай сад учуонайдара айылҕаҕа сылдьан чинчийэллэр уонна, ордук сэдэх көрүҥнэрин түөрэн аҕалан, кэллиэксийэлэрин байыталлар.

Ирбэт тоҥ биологическай кыhалҕаларын институтун Ботаническай сада 1962 сыллаахха Чочур Мураан тэллэҕэр тэриллибитэ. Турар сирин уратыта – хайа, күөл, араас мастардаах ойуурдар, хонуу бааллара – ханнык баҕарар үүнээйигэ сөптөөх усулуобуйаны тэрийэр кыаҕы биэрэр.

“Биһиги үлэбит хайысхата киэҥ. Ол курдук, Саха сирин үүнээйилэрин чинчийиини ыытабыт, уларыйа турар климат усулуобуйатыгар туруктарын кэтээн көрөбүт, эмтээх, отонноох, эриэккэс көрүҥнэри култуураҕа киллэрэбит. Ону кытта атын дойду тымныыны тулуйар үүнээйилэрин быһааран ууһатабыт,— диир Светлана Сабарайкина, дендрологическай салаа салайааччыта.— Билигин урукку өлгөм үүнүүлээх сирдэри чөлүгэр түһэриинэн, баһаар буолан ааспыт сиригэр олордуллар матырыйаалы үүннэриинэн, куораты көҕөрдүү проблематынан дьарыктанабыт.

Биологическай наука хандьыдаата Светлана Сабарайкина 20-чэ сыл ыстаастаах сад тутаах үлэһитэ. Кини сүрүн үлэтинэн мастары уонна ыарҕалары олордуу, ону таhынан Саха сирин усулуобуйатыгар хайдах үүнэллэрин үөрэтии буолар. Ол курдук, сад иһигэр биһиги куоракка, даачаҕа көрөр мастарбыт бааллар – яблоня, акация, долохоно, хаппырыас, тураах сугуна. Билиҥҥи туругунан бары сибэккилээн бүтэн, астанан эрэллэр.

“Яблоня сиэдэрэй сибэккилээх, өлгөм үүнүүлээх мас. Дьокуускай куорат уулуссаларыгар сэдэхтик да буоллар көрбүттэрин, дьон үөрэ-көтө үллэстэр, социальнай ситимнэргэ тарҕатар. Вишня Саха сиригэр намыһах сэппэрээк эрэ курдук улаатар, улахан тымныыга биир сыллаах лабаалара үлүйэр. Сибэккитэ аҕыйах да буоллар, дыргыл сыттаах, аһа бөдөҥ, аһыытыҥы амтаннаах. Облепиха Саха сиригэр олус табыллан үүнэр, кыһын тоҥмот, өлгөм үүнүүлээх, үөн-көйүүр буулаабат, сиригэр хаппырыыстаммат”, – диэн уопутуттан уллэстэр биһиги сэһэргэһээччибит.

Салгыы хаптаҕас уонна моонньоҕон учаастагар тахсабыт. От ыйын куйааһа сатыылаан турар буолан, отонноро номнуо кып-кытархай оҕуруо курдук ситэн эрэллэр. Манна Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын институтун учуонайдара айан таһаарбыт суортара үүнэн тураллар. Ол курдук, “Якутская” диэн ааттаах моонньоҕон ордук биллэр, эрдэ тыллар, бастакынан сибэккилиир; биир ыарҕаттан икки 10 лиитэрэлээх биэдэрэни хомуйуохха сөп. Ону кытта Сибиир, киин Европа моонньоҕонноро эмиэ үүнэллэр, ол эрээри биһиги тыйыс усулуобуйабытыгар тоҥон, бастыҥ хаачыстыбаларын көрдөрбөттөр; ол да буоллар билим эйгэтэ сайдарыгар анаан устудьуоннары үөрэтэргэ тутталлар. Светлана Михайловна этэринэн, биир үүнээйини үөрэтэргэ элбэх бириэмэ ирдэнэр:

“Биир үүнээйини үөрэтэргэ ортотунан 10 сыл ааһар — сиэмэтин олордууттан саҕалаан, ас биэриэр диэри. Атын дойду үүнээйилэрэ 5 сыл акклиматизацияны ааһаллар. Ол кэмҥэ ирбэт тоҥ, уһун уонна тымныы кыһын, кылгас уонна кураан сайын, салгын температурата эмискэ уларыйарыгар үөрэниэхтэрин наада. Биэс сылы тулуйбут үүнээйи адаптацияны ааспытынан ааҕыллар. Сибэккилээн, астанан, сиэмэ биэрэн барар”.

Салгыы кыһыннары үлэлиир оранжереяҕа киирэбит. Уһун субурҕа тэпилииссэ сылаас, эмиэ да сииктээх салгыннаах саалаларыгар дьиэтээҕи үүнээйилэр кэчигирээбиттэр: пальмалар, папоротниктар, рокарий, туялар, кактустар, суккуленнар, розалар, плющтар, фиалкалар, шефлералар уо.д.а. Киһи хараҕа бииртэн биир кэрэҕэ хатанар, атыылаһыан баҕалаахтарга сорох үүнээйилэри кыра иһиттэргэ арааран туруораллар.

Билигин үүнээйи саамай буһар, астанар кэмэ. Ол иһин Светлана Михайловнаттан аҕыйах сүбэни ыйыталастыбыт:

 – Быйыл куйаас сайын турда, салгыммыт олох кураанах, онон үүнээйигэ ууну сарсыарда күн итийэ илигинэ уонна киэһэ дэлэйдик ибиирдэн кутар ордук.

– Билигин үүнээйи аһа ситэн эрэр. Ол иһин үөннэртэн харыстыырга хаһаайыстыбаннай мыыланы эбэтэр чесногу ууга суурайан ыстарыҥ. Кыралаан күлүнэн, ноһуомунан аһатыахха сөп.

– Саҥа олордуллубут мас, сэппэрээк сирин үчүгэйдик сыыс оттон ыраастыахха наада. Сыыс от кини силиһин баттыыр, сайдарыгар мэһэйдиир. Өскөтүн аттыгар ревень үүннэрдэххэ, атын сыыс оттору “үүрэр”. Ону таһынан үргэммит сыыс оту маспыт анныгар тэлгээтэххэ, күнтэн хаххалаан, сыыһы үүннэрбэт, уутун тутар. Ол эрээри оннукка сиэмэлээбит от барсыбат, ыраастаан ууруохха наада.

Салгыы Саха сирин элбэх сыллаах үүнээйилэрин кэллиэксийэтин көрө барабыт. Бу кэллиэксийэҕэ 1966 сыллаахтан өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан аҕалыллыбыт үүнээйилэри чинчийэллэр эбит. Ол кэмтэн хомуллубут үгүс үүнээйилэр, холобура, маарыйа силиһэ (марьин корень), тимэх от (пижма обыкновенная), суорат ото (тысячелистник обыкновенный), уо.д.а. билигин да үүнэ-чэчирии тураллар. Бу 60 сыл устата тыһыынчаттан тахса көрүҥү айылҕаттан аҕалан олордон, кэтээн көрөн үөрэппиттэр. Билигин манна үүнээйи 337 көрүҥэ (620 көрүҥ арааһа) баар. Кэллиэксийэ кураатара Дария Андросова этэринэн, үүнээйилэр кэллиэксийэтэ дойду киэн туттуута буолар уонна туһалаах, сэдэх, сүтэн эрэр үүнээйилэр сүүсчэкэ көрүҥнэрин харайар сир. Манна хонуу, тыа, уу кытыытын, таастаах хайа үүнээйилэрин көһөрөн, төһө кыалларынан бэйэлэрин усулуобуйаларын тэрийэн олордоллор.

Кэллиэксийэ сылын аайы саҥа, сэдэх үүнээйилэринэн хаҥыы турар. Кэнники сылларга Алдан, Амма, Нам, Ленскэй, Аллайыаха улуустарыттан эбиллэр. Дария Николаевна этэринэн, хотугу улуустартан аҕалар саамай уустук, ол иһин онно экспедицияҕа баран кэлбит, араскылары аҕалбыт дьоҥҥо муҥура суох махталлаахтар. Саҥа кэлбит араскылар тылыннахтарына, чинчийээччилэр үөрэллэр, тоҕо диэтэххэ үүнээйи көспүт сирин атыҥыраабатах.

Кыһыл кинигэҕэ киирбит сэдэх үүнээйилэри ахсааннарын элбэтэр сыалтан олордоллор. Манна сардаана (лилия пенсильванская, убаҕас түүлээх сардаана (лилия кудреватая), кыра сардааначаан (красоднев малый), түүппүлэ от (башмачок), сибиир сардаҥалаах ото (горицвет сибирский), таҥара кийиитэ (живокость крупноцветковая), бөрө сиир ото (вздутоплодник сибирский), ньылаархай баҕа батаһа (касатик сглаженный) о.д.а. киирсэллэр. Дария Николаевна кэпсииринэн, үүнээйилэр сэдэхтэр ахсааннарыгар киирэр төрүөттэринэн биологическай уратылара, тарҕанар сирдэрэ кэмчитэ (реликтовай, эндемичнэй көрүҥнэр), эбэтэр ураты усулуобуйаны ирдииллэрэ (кырыс буор, климат, хайа боруодата уо.д.а.), ону таһынан киһи дьайыытын түмүгэ (промышленнай баһылааһын, тимир суолу тутуу, баһаардар, аһары тэпсии, хаһаайыстыбаннай үлэлэр)  буолаллар.

Ботаническай сад өр сыллаах сыралаах үлэтин түмүгүнэн сэдэхтэн киэҥник тарҕанар көрүҥҥэ киирбит үүнээйи элбэх эбит. Холобура, аҕыйах сибэккилээх хаас лууга (гусиный лук малоцветковый) айылҕаҕа төннөн, ахсаана лаппа улааппытын бэлиэтииллэр.

Киин куорат биир тумус туттар кэрэ эйгэтигэр сырыыбыт бу курдук буолла.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...