Босхо үөрэн — саҥа идэни баһылаа

«Дьарыктаах буолууга көмө» бырайыак чэрчитинэн 2023 уонна 2024 сылларга босхо үөрэх бырагыраамата үлэлиир. Саҥа идэҕэ үөрэниэн баҕалаах 242 тыһыынча киһи хабыллыан сөп.
Ким босхо үөрэниэн сөбүй?
Дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка турар үлэтэ суох дьон;
Сарбыллыыга түбэһээри сылдьар дьон;
Үлэттэн уһуллар кутталлаах дьон;
50-тан тахса саастаах дьон уонна биэнсийэҕэ тахсаары сылдьааччылар;
Оҕо 3 сааһыгар диэри уоппускаҕа олорор дьахталлар;
Алын кылааска үөрэнэр оҕолордоох үлэтэ суох ийэлэр;
Украина, ЛНР уонна ДНР гражданнара о.д.а.
Маны сэргэ 35-гэр диэри саастаах эдэр дьон:
Үрдүк уонна орто үөрэх бүтэһик кууруһун устудьуоннара, өскөтүн идэлэринэн үлэ миэстэтэ суох түгэнигэр;
Байыаннай сулууспа эбэтэр үөрэх кэнниттэн 4 ыйтан ордук үлэтэ суох сылдьар дьон;
Үөрэҕэ суох дьон.
Ханнык идэни ылыахха сөбүй?
Уопсайа 24 тыһыынчаттан тахса араас үөрэх бырагыраамата киирбит. Холобур, интэриниэт-маркетолог, буҕаалтыр, асчыт, фитнес-тренер о.д.а. идэлэрин баһылыыр кыах бэриллэр.
Сайаапканы ханна ыытаҕын?
«Работа России» диэн порталга киирэн, тута сайаапканы ыытар кыахтанаҕын: https://trudvsem.ru/information-pages/support-employment/?utm_source=tg&utm_campaign=test_click_april&utm_term=tg
Бэлиэтээн эттэххэ, биир киһи үөрэҕи биирдэ эрэ ааһар кыахтаах.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



