Босхо үөрэн – саҥа идэни баһылаа

Ким босхо үөрэниэн сөбүй?
- Дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка турар үлэтэ суох дьон;
- Сарбыллыыга түбэһээри сылдьар дьон;
- Үлэттэн уһуллар кутталлаах дьон;
- 50-тан тахса саастаах дьон уонна биэнсийэҕэ тахсаары сылдьааччылар;
- Оҕо 3 сааһыгар диэри уоппускаҕа олорор дьахталлар;
- Алын кылааска үөрэнэр оҕолордоох үлэтэ суох ийэлэр;
- Украина, ЛНР уонна ДНР гражданнара о.д.а.
- Маны сэргэ 35-гэр диэри саастаах эдэр дьон:
- Үрдүк уонна орто үөрэх бүтэһик кууруһун устудьуоннара, өскөтүн идэлэринэн үлэ миэстэтэ суох түгэнигэр;
- Байыаннай сулууспа эбэтэр үөрэх кэнниттэн 4 ыйтан ордук үлэтэ суох сылдьар дьон;
- Үөрэҕэ суох дьон.
Ханнык идэни ылыахха сөбүй?
- Уопсайа 24 тыһыынчаттан тахса араас үөрэх бырагыраамата киирбит. Холобур, интэриниэт-маркетолог, буҕаалтыр, асчыт, фитнес-тренер о.д.а. идэлэрин баһылыыр кыах бэриллэр.
Сайаапканы ханна ыытаҕын?
«Работа России» диэн портаалга киирэн, тута сайаапканы ыытар кыахтанаҕын: https://trudvsem.ru/information-pages/support-employment/?utm_source=tg&utm_campaign=test_click_april&utm_term=tg
Бэлиэтээн эттэххэ, биир киһи үөрэҕи биирдэ эрэ ааһар кыахтаах.
https://t.me/kiin_kyorat_gazeta
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



