18.12.2019 | 13:30

Босхо үөрэҕи мүччү тутумаҥ

Босхо үөрэҕи мүччү тутумаҥ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дойдубут ырыынак ытарчатыттан ити тахсыахча, бу босхолонуохча буолан иһэн, кута курдук, төттөрү түһэ турар. Нэһилиэнньэ орто араҥата хамнас үрдүүрүн кэтэһэн кэлтэгэй буолла, хата, тэрилтэни сабыы, үлэһит ахсаанын сарбыйыы куттала тыҥыыр.

Биллэн турар, сарбыйыыга, бастатан туран, саастаах араҥа хабыллар. Онуоха аҕам саастаах көлүөнэ «олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаабата» – кини сүрүн «буруйа». Көмпүүтэри сатаабат, бэл диэтэр, бассаабын да сатаан холбоммот, телевизорын ханаалын да кыайан уларыппат «олох хаалынньаҥа», кырдьык, «инновация”, “нанотехнология” үйэтигэр сайдыыны «харгыстыыр», үүнүүнү «атахтыыр»...

2019 сыл балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи чахчынан Саха сиригэр, ол иһигэр Дьокуускай куоракка, 275 890 пиэнсийэлээх баар. Бу дьон үгүстэрэ билигин үлэлээх, ол эбэтэр хамнастаах курдуктар… Курдуктар эрэ дииргэ тиийэбит, тоҕо диэтэххэ, баҕар, сотору, «олохтон хаалбыттарынан» дуу, «саастарынан ыараханы үлэлииллэрэ кыаллыбатынан» дуу, эбэтэр атын ханнык эмэ биричиинэнэн сарбыйыыга түбэһиэхтэрин сөп.

Оттон эн арай пиэнсийэҕэ тахсарыҥ баара-суоҕа биэс-хас сыл хаалбыт буоллун, оттон эйигин «номнуо кырытыннаран», миэстэҕиттэн туллаҥнатан эрдиннэр, эдэрдэр кэтэххэ тыынныннар? Эн дьиэ кэргэҥҥин соҕотох иитэр-аһатар киһи буоларгын кинилэр ахсааҥҥа ылбатыннар? Хайдах буолаҕын? Олорон биэрэр сатаммат курдук эбээт.

Маннык түгэҥҥэ биир үчүгэй сонун баар. «Демография» диэн национальнай бырайыак чэрчитинэн аһыллыбыт саҥа «Старшее поколение» диэн бырагыраама. Бырагыраама сыала-соруга – пиэнсийэҕэ тахсар саастаах дьон үлэлээх буолууларыгар көмө.

Биһиги Дьокуускай куораппыт Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар киинэ бу бырагырааманан номнуо 106 киһини босхо үөрэттэрбит. Хатылаан эттэххэ, бу бырагырааманан пиэнсийэҕэ тахсаллара 5 сыл хаалбыт дьон хабыллаллар.

55 саастаах Анатолий Захаров бу бырагырааманы хайҕыыр, улахан тирэх буолбутун бэлиэтиир:

– Быйыл сарбыйыыга түбэһэн, төһө да үрдүк үөрэхтээх буолларбын, идэбинэн үлэ булбакка, кыһалҕаҕа киирэ сылдьыбытым. Онон охраннигынан эрэ үлэлии барыахпын сөп этэ эрээри, аны лицензия наада буолбута. Онон Дьарыктаах буолуу киинигэр тиийбиппэр, хата, бу бырагыраама баар эбит. Миигин 6разрядтаах охранник кууруһугар босхо үөрэххэ ыыппыттара. От ыйыгар тиийэн баран, балаҕан ыйыгар номнуо лицензиябын ылбытым. Сэтинньи ыйтан биир бөдөҥ тэрилтэҕэ охраннигынан үлэлээн эрэбин, хамнаһым куһаҕана суох. Онон, Дьарыктаах буолуу киинин исписэлиистэригэр махтанабын.

Олоххо араас буолар. Биир үлэттэн, биир идэттэн хал буолар, салҕар диэн эмиэ баар. Ольга Васильева 50 сааһыгар бу бырагырааманан идэтин тосту уларыппыт:

– 1998 сыллаахха СГУ бүтэрэн, биолог идэтин ылбытым. Онтон ыла үйэм тухары салайар үлэҕэ сырыттым. Кырдьыгынан эттэххэ, сылайыы барда. Онон идэбин, үлэм миэстэтин уларытар туһунан толкуйдар киирбиттэрэ. Быйыл күһүн Дьарыктаах буолуу киинэ ыыппыт үлэ дьаарбаҥкатын сылдьан, маннык бырагыраама баарын олус сэргээбитим. Миэхэ ханнык идэ барсыан сөбүн быһаарар тестированиены ааһан баран, парикмахер буоларга быһаарыммытым. Дьиҥэр, оҕо эрдэхпиттэн баҕарар идэм. Дьарыктаах буолуу Киинин исписэлиистэрэ миигин Сервис технологиятын техникумугар үөрэттэрэ ыыппыттара. Босхо. Практикабытын Кырдьаҕастар дьиэлэригэр барбыппыт, кырдьаҕастар барахсаттар баттахтарын кырыйтаран, кырааскалатан, бүрүчүөскэ оҥорторон, үөрүү бөҕө. Онно тиийэн саҥа идэбин букатыннаахтык сөбүлээбитим. Дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтииртэн ордук дьол бу олоххо суох эбит. Бэлиэтээн эттэххэ, үөрэхпит босхотун ааһан, стипендия төлөнөр. 15 792 солк. – аныгы үйэҕэ баһаам харчы. Онон миигин саҥа идэҕэ сирдээбит Дьарыктаах буолуу киинин үлэһиттэригэр махталбын тиэрдэбин. Сотору үөрэхпин бүтэрэн, дьоҥҥо үөрүүнү, кэрэни бэлэхтиир саҥа үлэбин саҕалаары кытанната сылдьабын.

Үлэ киһиэхэ үөрүүнү бэлэхтиэхтээх. Үлэттэн дуоһуйууну ылар буоллаххына эрэ, үлэҥ таһаарыылаах буолар дииллэрэ мээнэҕэ буолбатах. 48 саастаах Лена Макарова үйэтигэр ханна-ханна үлэлээбэтэҕэй?! Ол эрээри биир «бэйэҥ киэнин» булуу киниэхэ бу сыллар тухары уустук этэ. «Старшее поколение» бырагыраама киниэхэ ол кыаҕы бэлэхтээбит:

– 1998 сыллаахха эргиэн идэтин баһылыахпыттан, хас да тэрилтэни уларыппытым – маҕаһыыҥҥа, рестораҥҥа, оскуолаҕа... барытыгар үлэлээтим. Быйыл хайдах эрэ биир сиргэ тохтуур санаа киирэн, бассаапка кэлбит биллэриигэ болҕомтобун хатаабытым. Дьарыктаах буолуу киинигэр тиийэн ыйыталаспыппар, маннык бырагыраама баар диэбиттэрэ. Мин бэйэбин дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах, эйэҕэс майгылаах киһинэн ааҕынабын, ол иһин ыарыһах дьону көрөр-харайар медүлэһит идэтин баһылыахпын баҕарарбын эппитим. Билигин Медкииҥҥэ үлэлээн эрэбин, хамнаһым үчүгэй, онуоха эбии үлэ графига халбаҥныыр буолан, иллэҥ кэмим элбээбитэ өссө табыгастаах. Урукку курдук биир сиргэ хам хатанан олорбоппун.

* «Старшее поколение» бырагырааманы билсиҥ!

Аадырыһа: Дьокуускай к., Дьарыктаах буолуу Киинэ, Петр Алексеев уулуссатын 6 №-дээх дьиэтэ, 101, 206 кабинеттар

Үлэлиир кэмэ: Бэнидиэнньиктэн бээтинсэҕэ диэри сарсыарда 09.00 чаастан киэһэ 17.00 ч. иэри эбиэккэ тохтобула суох.

Төлөпүөннэрэ: 42-20-29, 42-20-19

Бүгүҥҥү күҥҥэ «Старшее поколение» бырагырааманан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 821 киһи үөрэнэ сылдьар. 2020 сылга салгыы 130 киһини босхо үөрэхтиир былаан баар. Онуоха 67 тэрилтэни кытта үлэ миэстэтигэр дуогабар түһэрсиллибит. Ол иһигэр “Алроса”, “Полярные авиалинии”, “Якутскэнерго”, “Якутуголь” курдук бөдөҥ, ол аата хамнастаах хампаанньалар кытта бааллар.

Босхо үөрэх болдьоҕо – ортотунан үс ый.

Стипендия кээмэйэ – 11 280 солк. (МРОТ). Манна оройуон коэффициена эбиллэн, 15 000 - 22 000 солк. халбаҥныыр.

Дьокуускай куоракка стипендия кээмэйэ – 15 792 солк.

Аллараа Халымаҕа – 22 560 солк.

“Демография” национальнай бырайыак алта сыл (2019-2024 сылларга) үлэлиир. Манна 5 федеральнай бырайыак киирсэр:

  • “Финансовая поддержка семей при рождении детей”;
  • “Содействие занятости женщин”;
  • “Старшее поколение”;
  • “Укрепление общественного здоровья”;
  • “Спорт – норма жизни”.

Арассыыйа бүддьүөтэ бу бырайыактары үлэлэтэргэ алта сылга 3,1 трлн солк. көрөн олорор.

Олохтон хаалымыахха, саҥа идэлэри баһылаан, өссө таһаарыылаахтык үлэлиэххэ, таарыйа кэнэҕэски пиэнсийэни хааччыныахха.

(Хаартыскалар Дьокуускай куораттааҕы нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар Киин саайтыттан (czn.ykt.ru) ылылыннылар).

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...