18.12.2019 | 10:16

“БОЛЬНИЧНАЙ” ТӨЛӨБҮРҮГЭР УЛАРЫЙЫЫ КИИРДЭ

“БОЛЬНИЧНАЙ” ТӨЛӨБҮРҮГЭР УЛАРЫЙЫЫ КИИРДЭ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арассыыйаҕа өссө 2011 сылаахтан Социальнай страховкалааһын пуондата “Прямые выплаты” диэн пилотнай бырайыагы олоххо киллэрэр. Ол аата булгуччулаах социальнай страховкалаах дьоҥҥо төлөбүрү быһаччы региональнай пуонда төлүүр систиэмэтигэр көһөрүү барда. Бу саҥа сүүрээн биһиэхэ 2020 сылтан киирэр буолла.

Пилотнай бырайыак сүрүн сыала – страховкаламмыт дьон босуобуйаларын ылалларын судургутутуу. Быһаччы төлөбүр бэрээдэгинэн, Пуонда Саха сиринээҕи салаата, сокуонунан көрүллэр болдьох иһинэн, дьоҥҥо харчыларын ыытар буолуо. Социальнай төлөбүрдэри тэрилтэ уһатара-кэҥэтэрэ, хойут төлүүрэ, хомойуох иһин,  биһиги олохпутугар баар суол. Онон саҥа уларыйыы киирдэҕинэ, харчы кэмигэр түһэрэ мэктиэлэнэр.

Билигин бу бырайыакка Арассыыйа 39 региона кыттыһан олорор.

Эһиилги сылтан 50 регион быһаччы төлөбүргэ көһөр.

Страховкалаах киһиттэн (кини бэрэстэбиитэллэриттэн) босуобуйаҕа, төлөбүргэ сайабылыанньа киирдэҕинэ, Страховкалааччы 5 күн иһигэр Пуонда регионнааҕы салаатыгар электроннай реестр толорон ыытар.

Территориальнай пуондаҕа электроннай реестр толорон  ыыппыт Страховкалааччыга 5 үлэ күнүн иһигэр пуонда ханнык докумуон тиийбэтин иһитиннэриэхтээх.

Тиийбэт докумуоннары Страховкалааччы 5 үлэ күнүн иһигэр ситэрэн биэриэхтээх.

Ханнык төлөбүрдэри пуонда быһаччы түһэриэҕэй:

  • Ыалдьыбыт киһи босуобуйата (норуокка ааттанарын “больничнайбыт”);
  • Хат буолбут уонна оҕоломмут дьахтар босуобуйата;
  • Дьахтар хат буолан эрдэ учуокка турбутун иһин биирдэ бэриллэр төлөбүр;
  • Оҕо төрөөтөҕүнэ биирдэ бэриллэр төлөбүр.

Страховкалаах киһиэхэ төлөнөр харчы социальнай страховкалыыр пуонда территориальнай салаатыттан киһи бааҥҥа баар счетугар түһэр. Счет реквизиттэрэ электроннай реестргэ эбэтэр сайабылыанньаҕа ыйыллаллар. Эбэтэр харчыны почтанан ыыттарыахха сөп буолар. 

Харчы түһэр болдьоҕо – 10 күн

Оҕону көрөн олоруу бастакы босуобуйата сайабылыанньа киирбитин кэннэ 10 хонугунан түһэр.

Онтон салҕыы хас ый аайы 1-15 күннэригэр ыытыллар.

ИЙЭЛЭР БАРЫҺЫРАЛЛАР

Федеральнай социальнай страховкалааһыҥҥа ийэлэргэ 4 көрүҥ төлөбүр оҥоһуллар. Олортон иккитэ ийэ хамнаһыттан тутулуктаах: хат буолбут уонна оҕоломмут дьахтар босуобуйата уонна 1,5 сааһыгар диэри оҕону көрөн олоруу иһин төлөнөр ыйдааҕы босуобуйа.

Оттон икки атын босуобуйа сокуоҥҥа олоҕурбут, киһиэхэ барытыгар биир кээмэйдээхтэр. Бу төлөбүрдэр кээмэйдэрэ ийэ хамнаһын кээмэйиттэн туох да тутулуктара суох: оҕо төрөөтөҕүнэ биирдэ бэриллэр босуобуйа; хат буолан баран эрдэ учуокка турбут дьахталларга төлөбүр.

Онон, 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ыла ийэ буолбут дьахтарга, хат буолбут уонна оҕоломмут дьахталларга көрүллэр босуобуйалара кэнники үлэлээбит икки сыллааҕы (2018 уоннна 2019 сс.) хамнастарыттан көрөн ааҕыллыахтара. Маны ааҕарга “страховкалыыр усунуостар муҥутуур базалара” диэн өйдөбүл киирэр. Ол база дэммит суума бу этиллибит икки сылларга: 815 уонна 865 тыһыынча сылга, ол аата ыйга 67,9 уонна 72 тыһ. солк. буолар.

Инньэ гынан, хат буолбут уонна оҕоломмут дьахтар ылар босуобуйатын саамай улахан кээмэйэ (140 уоппуска күнүнэн ааҕан) – 322 191 солк. 80 харчы буолуоҕа.

1,5 сааһыгар диэри оҕону көрөн олоруу босуобуйатын саамай улахан кээмэйэ – 27 984 солк. 66 харчы буолуоҕа.

Биллэн турар, кыра хамнастаах дьон мантан кыра харчыны ылаллар.

Оҕоломмут ийэҕэ биирдэ бэриллэр босуобуйа - 17 749 солк.

Учуокка эрдэ турбут дьахталларга биирдэ бэриллэр босуобуйа – 655 солк.  

Ыалдьан олорор киһиэхэ төлөнөр “больничнай” муҥутуур кээмэйэ билигин 2150, 68 солк. Эһиилгиттэн 2301,36 солк. буолар 

Санатан эттэххэ, дэкириэт уоппускатын ийэ эрэ буолбакка, аҕа, бэл диэтэр, эбээ, эһээ кытта ылыан сөп. Федеральнай социальнай страховкалыыр пуонда дааннайынан, хас биирдии 50-ус аҕа дэкириэккэ барар эбит. Былырыын Арассыыйаҕа 13 тыһыынчаттан тахса аҕа, 670 тыһыынча ийэ оҕо көрүүтүн уоппускатын ылбыттар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...