19.10.2020 | 16:42

Больничнай хаһан төлөнүөхтээҕий?

Больничнай хаһан төлөнүөхтээҕий?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үлэ дуогабарынан (трудовой договор), ол иһигэр кылгас болдьохтоох дуогабарынан, үлэлиир Саха сирин олохтоохторо страховкалаах буолуохтаахтар. Үлэһит киһи ыалдьар, эт-хаан эчэйиитин ылар, эбэтэр карантиҥҥа олорор түгэнигэр үлэлиир кыаҕа суоҕун туһунан больничнай лиис толоруллар уонна босуобуйа төлөнөр.

Страховкалаах үлэһит ыалдьан эбэтэр эт-хаан эчэйиитин ылан үлэлиир кыаҕын сүтэрэр түгэнигэр, үлэ биэрээччи бастакы үс күннээх босуобуйатын төлүүр. Онтон атын кэмэ РФ социальнай страховкалааһын пуондатын бүддьүөтүттэн төлөнөр.

Үлэһит карантиҥҥа олорор кэмигэр босуобуйа бастакы күнүттэн толору социальнай страховкалааһын пуондатыттан төлөнөр. Үлэ биэрээччи кылгас кэмҥэ үлэлиир кыаҕа суох буолуу булгуччулаах страховка усунуоһун олохтоммут болдьоххо кэмигэр төлөөн иһиэхтээх.

Саха сирин олохтоохторо үлэ сыһыаннаһыыларын туһунан ыйытыктары СӨ үлэҕэ министиэристибэтин «суһал линиятын» нүөмэригэр эрийэн билсиэхтэрин сөп: 508–075.

Сокуоннайа суохтук үлэттэн ууратыы түгэнигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтигэр биллэриҥ: 507–850.

Үлэ биэрээччи үлэһит быраабын кэһэр түгэнигэр Саха сирин судаарыстыбаннай үлэ инспиэксийэтигэр үҥсүөххэ сөп: 8 914 274– 22–66.

Предпринимательствоны өйөөһүн боппуруостарын СӨ предпринимательствоҕа министиэристибэтин исписэлиистэриттэн туоһулаһыахха сөп: 8 800 100–58–80.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

ЗИЛ массыынаҕа оҕо төрөтөммүн, быыгабар ылбытым...
Дьон | 09.03.2023 | 09:30
ЗИЛ массыынаҕа оҕо төрөтөммүн, быыгабар ылбытым...
  Бүгүн ааҕааччыларбар Уус Алдан улууһун Суотту нэһилиэгин олохтооҕо Розалия Константиновна Пермякова туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Кини түөрт оҕо иһирэх ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбэтэ. 42 сыл устата медицинаҕа үлэлээн билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, суоттулар биир мааны кийииттэрэ. Кини мин бииргэ төрөөбүт улахан эдьиийим, 7 оҕоттон үһүс оҕо, Бэрииһэптэр бастакы күүтүүлээх-кэтэһиилээх кыыстара....
ТҮӨРЭХ
Сынньалаңңа | 09.03.2023 | 21:00
ТҮӨРЭХ
Үһүс чааһа.
Михаил Трофимов: «Оҕо иитиитин дьахтарга сүктэрэн кэбистибит»
Дьон | 11.03.2023 | 10:00
Михаил Трофимов: «Оҕо иитиитин дьахтарга сүктэрэн кэбистибит»
Бүгүн кэпсиир киһибит – Амма улууһун Соморсун нэһилиэгин «Эрчим» эр дьон түмсүүтүн салайааччыта, сорсуннаах булчут, спортсмен, элбэх оҕолоох ыал аҕата Михаил Егорович Трофимов.
ТҮӨРЭХ
Сынньалаңңа | 10.03.2023 | 21:00
ТҮӨРЭХ
Төрдүс чааһа.