18.12.2019 | 12:58

БЛОКАДА ДНЕВНИГЭ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

(Салгыыта. Хаһыат 47 №-тэн А.Т. Старостина Ленинград блокадатын туһунан дневнигин үөрэнээчччитэ Киргиэлэй Макаарап, 1942-48 сс. көһөрүллүү кыттыылааҕа, 1957 с. Челябинскай-40 бэтэрээнэ бэчээккэ бэлэмниир).

Бу үлэлээн муҥнана сырыттахпытына фашистар истребитэллэрэ кэлэн, траншеябыт үрдүнэн иҥнэри көтө сылдьан пулеметунан ытыалыыра. Сигнал бэрилиннэр эрэ, траншеяҕа ытыалыыр сөмөлүөт диэки өттүгэр, оттон траншея чычаас буоллаҕына, тахсан аппаҕа, от-мас төрдүгэр хорҕойорбут.

Большой Колпат дэриэбинэни ааһыахча ааһан истэхпитинэ эмискэччи немец самолета баар буола түспүтэ, дэриэбинэни ааһан, траншеяҕа чугаһаан истэҕинэ, биһиги самолеппут барахсан тырылаан кэллэ да, бокуойа суох охсуспутунан барда, үүт-үкчү элиэ охсуһарын курдук. Биһиги самолеппут сотору өстөөҕү суулларда! Оо! Онно үөрдэхпитин эрэ! «Ураа!» хаһыы бөҕө буолла.

Ол иннинэ, от ыйын саҥатыгар, Песочная станция таһыгар үлэлии сырыттахпытына фашист истребитэлэ намыһаҕынан көтөн иһэн листовкалары ыһыталаата. Ону ылан аахпыппыт, Яков Джугашвилли аатыттан суруллубут онно. “Күндү биир дойдулаахтарым! Мин плеҥҥа баарбын. Миигин үчүгэйдик туталлар. Эһиги еврейдары уонна коммунистары утарыҥ, немецтэр диэки буолуҥ, кинилэр эһиэхэ сир биэриэхтэрэ!»- диэн сэбиэскэй киһи сатаан өйдөөбөт халы-мааргы ыҥырыылаах этэ. Маны ким кырдьыктаныай? Листовканы барытын хомуйан умаппыппыт.

Биһиги бу сылдьыбыт дэриэбинэлэрбитигэр ыт охсор киһи суоҕа. Оҕуруоттарын хостоон, фроҥҥа госпитальга илдьэллэр  быһыылааҕа. Биһиги бу Большой  Колпакка үлэлиии сырыттахпытына: “Бэрт түргэнник массыынаҕа!»- диэн хамаандалаабыттара. Инньэ гынан Ленинградка төннөн киирбиппит.

Биһигини тоҕо эмискэ киллэрбиттэрин сэрэйэр этибит. Немецтэр буомбалааһыннарын олус хойуннарбыттара. Сүүсчэкэлии, ардыгар 200 самолетунан буомбалыыллара. Биһиги утуйар, сынньанар да бокуойа  суох постарбытыгар барарбыт. Хонууга, буорга үлэлээн илиибит-атахпыт хабылла сатаан баран, бар баас буолан бэйэбит кир-хах бөҕө буолан, нэһииччэ хаамар састайаанньалаах киирэн баран, түбүк бөҕөҕө түспүппүт. Эппитим курдук, Ленинград туох баар фабрикалара, собуоттара, тэрилтэлэрэ салгынтан саба түһүүттэн бэйэлэрин бэйэлэрэ көмүскэнэллэрэ. Онон Ленинград олохтоохторо бары МПВО ханнык эмит этэрээтин боецтара буолаллара. Холобур, биһиги уолаттарбыт Чусовскай, Бурнашев, Климентьев уонна Ермолаев буоланнар, кыргыттартан соҕотох Будищева баһаарынай этэрээт байыастара үөһээ чердакка ытталлара.

Бу ииримтийбит  фашистар улахан байыаннай, экономическай суолталаах эбийиэктэринэн  муҥурдаммакка,  госпиталлары, балыһаалары тугу да кэрэйбэккэ буомбалыыллара. Ону таһынан сарсыардаттан киэһэ алта-сэттэ чааска диэри тохтоло суох  дальнобойнай орудиенан  ыталлара. Ити буомбалааһынтан ытыалаһыы, алдьаныы, өлүү-сүтүү бөҕө буолара. Аҥаардас өстөөх артиллериятыттан 21 000 киһи өлбүтэ диэн суруйаллар.

Ол курдук, биһигиттэн көстөн турар биһиги уулуссабыт биир муннук дьиэтин снаряд аҥаар өттүн үлтү түспүтэ. Үөһээ этээһигэр кырабаат туохха эрэ иҥнэн түспэккэ таҥаны ыйанан турара, дьону быһааччылар хаһа сылдьаллара  ыар түгэн этэ.

Биһиги таспытыгар харах балыыһата баара. Ити күн ол балыыһа  икки биһиги институппут икки ардынан уулуссаҕа фашискай бомба түспүтэ, дьолго, эстибэтэҕэ. Оттон зажигательнай буомба чаастатык түһэрэ. Ону баһаарынай боецтар улахан сыпсыынан кумахтаах эбэтэр уулаах буочукаҕа уган умуруораллара. Бу буомбалары умуорсубут дьонтон биһиги студиябыт студентката билигин Якутскайга олорор Будищева баара, уонна хоргуйан өлбүт оҕолорбут Гоша Чусовской, Миша Бурнашов, Миша Климентьев буолаллар. Фашисткай сэриилэр ордук күһүн куораты төгүрүүйэлэрин ситэрэн баран, куораты бэриннэрэ охсоору, туох да тохтоло суох ытыалаа да ытыалаа, буомбалаа да буомбалаа буолбуттара. Балаҕан ыйын ортото ааһыыта туох да тыыннаах дууһа тулуйбат алдьархайдаах буомбалааһын, тыас-уус, өлүү-сүтүү буолбута.

Бу күн 200-тэн тахса сиргэ баһаар буолан, куорат  биһиги диэки өттө бадык-бүдүк буолуор диэри хараҥарбыта. Суворовскай проспекка байыаннай госпиталы буомбалаан, 600-тэн тахса саллааттар, офицердар өлбүттэрэ. Ленинград куорат бурдугун уурар Бадаев ыскылааттара үлтү тэптэриллибиттэрэ, хас эмэ күнү быһа умайбыттара, сүүһүнэн дьиэлэр эмсэҕэлээбиттэрэ. Киһи бөҕө үлтүрүйбүт дьиэлэр анныларыгар көмүллүбүттэрэ, ону анал этэрээт хаһара, олор быыстарыгар муҥура суох алдьархайга түбэспит муҥнаахтар сылдьаллара.

Бу күннэргэ Ленинграды ылар буоллубут, Лееб сэриитэ хас эрэ хонугунан куоракка киирэр, итини аан дойду билэригэр наадалаах, диэн Гитлер бэйэтин чугас киһитин ыыппыт. Бу балаҕан ыйа этэ. Ленинград бүтүннүүтэ төгүрүктэнэн, таһыттан сэрии сэбэ, ас, таҥас, эмп-томп кыайан киирбэт буолбута. Биһиги төгүрүктээһиҥҥэ  олорорбут. Ол үрдүнэн геройдуу охсуһарга, бэриммэккэ олорорго бэлэммит буолан баран, Ленинград улаханнык мөлтөөбүтэ.

Маны билэн хаанымсах фашистар суор өлүккэ түһэринии, иирбиттии атаакалаабыттара: ахсаана суох артиллериянан ытыалаа да ытыалаа, күҥҥэ 30-40 төгүл 300-кэ сөмөлүөттэрэ буомбалаан, салгыҥҥа ыйанан тураллара. Маннык ииримтийбиттии буомбалааһын, ытыалааһын атырдьах-балаҕан ыйдарыгар күнүстэри-түүннэри буолан, өлүү-сүтүү салҕана турбута. Куорат  киһи кыайан ойуулаабат ыарахан балаһыанньаламмыта. Баар суох аспыт саппааһа – бурдуктаах ыскылааттар үлтүрүтүллэн умайбыттар, маассаабай аччыктааһын саҕаламмыта. От ыйыттан карточкан аһаабыт дьон нуормабыт өссө куччаатар-куыччаан иһэрэ.

  Оробуочай Сулууспалаах Иитиминьи Оҕо Итии сыах оробуочайа
Атырдьах ыйа 600 г 400 г 300 г 300 г 800 г
Балаҕан ыйа 500 г 300 г 250 г 250 гр. 700 г
Алтынньы 400 г 200 г 200 г 200 г 600 г
Сэтинньи 300 г 125 г 125 г 125 г 375 г
Ахсынньы 250 г 350 г 125 г 200 г 125 г 200 г 125 г 200 г 375 г 500 г
Тохсунньу 400 г 300 г 250 г 250 г 575 г
Олунньу 500 г 500 г 400 г 400 г 700 г

Килиэптэн ураты туох да ас суоҕа. Арай, хартыыһа уонна туус эрэ баара.

Бу нуорма 1942 сыл тохсунньу 24 күнүттэн  кыратык эбиллибитэ. Ити биһиги героическай сэриилэрбит Ладожскай күөл соҕуруу өттүнэн сылдьыһыы суолун, элбэх киһи тыынын толук ууран, сэриилээн ылбыттарыттан эбиллэн, уот биһилэх иһигэр олорор куоракка тыын укпуттара, килиэп, сэрии сэбэ таһыллар суос-соҕотох суол буолбута. Бу суол “Дорога жизни» диэн ааттаммыта.

Ити атырдьах-балаҕан ыйдарыгар Ленинрадскай фронт балаһыанньата наһаа ыараан, Ленинграды өстөөххө хаалларар-хаалларбат туһунан боппуруос тура сылдьыбыт эбит. Лениградскай фронт командующайынан Ворошилов эбит. Ити уустук бириэмэҕэ Сталин Жуковы хамаандалыыр аармыйатыттан ыҥыран ылан, Ленинградскай фронт командующайынан аныыр, оттон Ворошиловы Москваҕа ыҥыран ылар. Жуков ити күн өстөөх кирбиитин нөҥүөлээн Ленинградка тиийэр. Онно бараары турдаҕына Сталина бирикээстээбит:”Ленинграды төгүрүктээһинтэн босхолооҥ эбэтэр сэрииһиттэрдиин онно хаалаҕыт, итинтэн атын суол суох!» - диэн.

Жуков Ленинградка Смольнайга кэлбит. Онно Ворошилов, Жданов, Кузнецов уо.д.а. састааптаах байыаннай сэбиэт буола турар эбит. Көрүллэр боппуруос Ленинграды туруулаһар эрэл суох буолан эрэринэн, бөдөн эбийиэктэри өстөөххө хаалларбат наадаттан хайдах суох оҥорору, бойобуой хараабыллары хаһан үлтү тэптэртиир  туһунан эбит.

Итинник ыарахан балаһыанньаҕа киирбит фрону Жуков хамаандалаан барбыт. Кини контратака ньыматын туттубут. Өстөөхтөөҕөр холооно суох аҕыйах ахсааннаах, наһаа мөлтөөбүт фронт аармыйатынан быыстала суох атака да атака буолбут, итини байыастар өйдөөбөттөр эбит. Субу-субу буолар өстөөх атакатын да утарар күүһэ суох эрээри, бэйэбит атакалаан тугу кыайабыт диэн. Оттон Жуков эппитин төлөрүппэккэ, кимэр ньыманы салгыы турбут.

Фон Лееб баһылыктаах фашисткай сэрии Пулковской үрдэли ылан, аны Ленинграды ыла охсоору, Ленинграды бу күннэргэ ылабыт диэн бигэ эрэллээх техниканан күүскэ сэбилэммит халын сэриинэн киирэн испит. Онуоха фашистар төрүт күүппэтэх сирдэриттэн Жуков ойоҕосторуттан атаакалаан, өстөөххө ыар охсунуу биэрбит. Жуков армияларын бэйэ-бэйэлэригэр чугаһатан, хойуннаран биэрбит уонна приказ таһаарбыт. Көҥүлэ суох чугуйбут командиры эбэтэр саллааты сонно ытан иһэргэ. Бу улахан модун атааканан  кыайыыны ситиһии Ленинграды хаалларар-хаалларбат туһунан саарбахтааһыны уураппыт. Өстөөх тура-тура атаакалыыра балачча кэмҥэ тохтообут.

Биһиги ити сабыытыйалары хантан билиэхпитий?

Траншея хаһыытыттан кэлээт да, аны баррикада тутуутугар тахсыбыппыт. Биһиги Кировскай собуот инниттэн саҕалаан тутан испиппит. Куулга толору кумаҕы кута-кута, көмөлөөн үрүт-үрдүгэр дьаарыстаан, киһи үрдүгүн саҕа оҥорбуппут. Ити кууллар эчи ыарахаттарын эриэхсит. Көмөлөөн да сыстарбыт-состорбут, аччык дьон умса-төннө түһэн сырабыт-сылбабыт эстэн нэһииччэ дьиэбитин буларбыт....

Сэрии саҕаланыаҕыттан хааҥҥытын туттарыҥ диэн ыҥырыы бөҕө буолара. Биһиги студияттан мин уонна Ларионова хааммытын от ыйыттан ыла туттаран барбыппыт. Атыттар, ону-маны толкуйдуур өттүбүт, туттарбатахтара. Аччык кэмҥэ хааны туттарыы кутталлааҕын билэр эбиттэр. Биһигини кытта Сушкевич мастерскойун уола Сережа (фамилиятын умнубуппун) Васильевскай островтан сылдьар оҕо аргыстаһара. Кини этэрэ: «Хааммытын ыйга биирдиитэ ылаллар, онон хас ый биэрэбит да, оччо бааһырбыт байыас олоҥун быыһыыбыт. Бу үчүгэй дьыала буолта дуо? Оҕолоор, эһиги куттанаҕыт дуо?»   

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...