БЛОКАДА ДНЕВНИГЭ
Сэрии. 1941 сыл, бэс ыйын 22 күнэ.
Өрөбүл күн. Биһиги сынньанар дьон быһыытынан холкутук туран, куруук сылдьар молочнайбытыгар аһаан кэллибит. Молочнай биһигиттэн чугас. Некрасов уонна Володарскай улицалар муннук дьиэлэригэр баар. Муус маҥан скатердаах остуолларга үрдүк атахтаах вазаларга өрөһөлүү булочка, ол таһыгар сүөгэй, үүт, кефир, простокваша кутуллубут стаканнара. Онно киирэҕин да, тугу талбыккын аһаан бараҕын, аһаан бүтэргин кытта буфетчица киирэн ыйытан харчыгын ааҕар.
Астына аһаан дьиэбитигэр кэлэрбитин кытта радиобыт хардьыгынаабахтаан баран саҥаран барда. Радионан Молотов ВМ (тас дьыала министрэ): “Бу сарсыарда фашистскай Германия Советскай Союзка ханнык да биллэриитэ суох сэриинэн саба түстэ. ССРС дуогабары кэспэтэҕин үрдүнэн, кыыллыы уоран киирэн билигин Украина, Белоруссия, Прибалтика куораттарын буомбалыы турар”,- диэн. Бүтэһигэр: “Наше дело правое! Враг будет разбит! Победа будет за нами!”- диэн тылынан сэрии туһунан биллэриитин түмүктээтэ. Сэрии туһунан түһээн да баттаппатах дьоҥҥо этиҥ түспүтүнүү сонун буолбута.
Бу соһуччу ынырык сонунтан дөйбүппүт ынырык кутталынан солбуллан, куйахабыт үмүрүтэ тарта. Эппитинэн тымныы сүүрээннэр дьырыластылар. Еврейка кыыспыт Сара истерикалаан сарылыы-сарылыы ытаата. Аля Окснер диэн украинка улахан баҕайытык кыыһыран саҥарбыта арыый өйбүтүн буларбытыгар көмөлөспүтэ: «Что за паника! Даже слабая советская власть победила в гражданской войне окружение, нападение мирового капитализма! Недавно разгромили японских самураев, победили в финской войне. Что же вы думаете, потерпим поражение! Молотов прав, говоря, что победа будет за нами! Вот увидите!” Кырдьык даҕаны, сэрии сотору биһиги кыайыыбытынан бүтүө. Олохпут, үөрэхпит эмиэ салҕаныа, дии санаатыбыт.
Бу күнтэн ыла фашистар биһиги куораппытын тыын биэрбэккэ бомбалаан барбыттара.
Салгынтан саба түһүүнү утары үлэ – МПВО
Ленинград хас биирдии дьиэтин олохтоохтор салгынтан саба түһүүттэн бэйэлэрэ көмүскүөхтээхтэр.
Биһиэхэ эмиэ майор салайааччылаах итинник тэрилтэ баар буолта. Итиннэ туох баар нэһилиэнньэни тус-туспа этэрээттэргэ хайыталаабыттара: санитарнай, пожарнай, дегазационнай этэрээттэр диэн. Бу 3 этэрээттэр дьонноро боецтар диэн буолтара. Холобур, пожарнай этэрээт боеһа, санитарнай этэрээт боеһа. Онон куорат кыанар олохтоохторо бары МПВО боецтара буолбуттара. Ити этэрээттэр боецтара анаммыт этэрээттэринэн тус-туспа үөрэнэн барбыппыт. Холобура, пожарник бомбаны хайдах умуруорары, дегазационщик отравляющай веществоларын утары, сестра эми-тому, бэрибээскилээһини, раненайы госпитальга тиэриэрдиини. Маны таһынан бомбоубежищелары оҥорон барбыппыт.
Биһиги инстутут подвальнай этаһын сайылаан сууйан, түннүктэрин кумахтаах кууллары таһааран бүөлүүбүт, иһиттэн хара штораны тардабыт. Ленинграды наһаа чаастатык буомбалыыллара, ол аайы сирена ыйылыыр. Дьэ ол аайы олохттоохтор уонна ааһан иһээччилэр бомбоубежищеҕа куотуохтаахтар. Мин санитарнай этэрээт байыаһа, уолаттар (армияҕа барбатахтар) баһаарынай, сорохтор дегазационнай этэрээт, онтон Мария Будищева саха кыргыттарыттан соҕотох пожарнай этэрээт байыастара этибит. Мин биһиги санитарнай этэрээппит командира этим. Бомбалааһын сирената улуйдар эрэ, суумкабын сүгэн дьуһуурунайдыыр поспутугар ыстанарбыт.
Бу обороналаныы үлэтин тэрийии бастакы түһүмэҕэ этэ.
Блокада. Тарншея хаһыыта.
Ленинград обороналанар үлэтин 2-с сүһүөҕүнэн куораты курдуу танканы мэһэйдиир умуһаҕы хаһыы этэ. Бу үлэҕэ Ленинград кыайан үлэлиир олохтооҕо барыта тахсыбыта.
Бу үлэҕэ бэс ыйын 30 күнүгэр таһаарбыттара. Ити уонунан көс диаметрдаах куораты ханааба хаһан төгүрүйүү диэн улахан сыралаах ыар үлэ. Бу үлэҕэ турунуу куорат ыарахан уустук балаһыанньаҕа киирбититтэн буолбута. Немецтэр Лееб фельдмаршал командующайдаах «Север” фронт хаанымсах аармыйата Прибалтиканы суһаллык ылаат, бокуойа суох Ленинград диэки дьулуспуттара, куораты төгүрүктээн киирэн барбыттара.
Гитлер: «Бастаан Ленинграды тыын тахсыбат гына төгүрүктүөхпүт уонна артиллериянан ытыалаан куораты үлтүрүтэн күл-көмөр оҥоруохпут. Онтон орпутун тиэйэн ылыахпыт. Ол кэнниттэн Нева өрүстэн хоту өттүн финнэргэ биэриэхпит»,- диэн айдаарбыта.
Гитлер чабыланыыта туолбатаҕа. Советскай Армия хаан тохтуулаах героическай охсуһуутунан уонна лениградецтар уҕараабат көмөлөрүнэн өстөөх бэйэтэ үлтүрүтүллүбүтэ.
Итинник кэмҥэ куораты тула траншеяны хаһыы саҕаламмыта.
Биһигини араартаан тус-туспа студиялары кытта холбообуттара. Биһиги үлэбитин Красное Село туһаайыытынан саҕалаабыппыт, онтон уларытан Песочная станция аттынан хаспыппыт, онтон салгыы Русско-Высоцкое, Большой Колпат диэн 4 дэриэбинэнэн үлэбитин түмүктээбиппит.
Монастырева Тканя Шлиссельбург аннынан үлэлэһэ сырыттаҕына улахан бомбалааһын буолбут. Итинтэн соһуйан ыалдьан хаалбыта. Кини оҕо эрдэҕиттэн сүрэх ыарыы эбит. Киһи сатаан эппэт ыар усулуобуйатыгар сытан, ити ыарыыттан кыайан өрүттүбэтэҕэ.
Таняттан ураты биһиги 9 кыыс уонна фроҥҥа барбатах 3 кыра уол буолан бары ити обороналанар үлэҕэ сылдьыбыппыт. Ити уолаттартан Чусовской Гоша контузиялаах сылдьара.
Буор, кумах, таас, ардыгар бадарааннаах сири хаһар ныараханын манна билбиппит.
Сотору буолаат илиибит хабыллан, тэстэн, бааһыран, тугу да туттарыа суох курдук буолбута. Оттон атах таҥаһа тааска төрүт тулуйбат эбит этэ. Биһиги тааска сиритэ-хайыта үктээн, атах сыгынньах кэриэтэ сылдьыбыппыт. Онуоха завхозпут арааһынай бириһиэн, бэйбириэт, баархат, клеенка саппыкылары булан аҕалбыт этэ да, онтукабытын аҕыйах күн кэтэн баран эмиэ сиргэ үктэммиппит. Дьэ, бу сырыыга араас яловай, кирзовай, кожанай, оннооҕор шевро эҥин саппыкылары булан аҕалбыт этэ. Мин бөҕө буолаарай диэн кирзаны ылан баран, атахпын кумуччу туттаран, эрэй бөҕөнү көрбүтүм.
Үлэбитигэр сарсыарда эрдэ аҕалаллар, киэһэ хойут бүтэбит, түүн үлэлээбэккин.
Үлэлии кэлэн туран илин-арҕаа өттүгүн көрөҕүн: траншея муҥура суох бара турар, онно дьон кэлэ охсон, буору хаһан, таһан, траншеяны тобус-толору күөрэлэҥнии аҕай турар буолаллар.
Үлэлиир кэммитигэр капуста миинэ уонна сайынын кыра быһыы кэлиэп, онтон хонукпутугар бэйэбит норма килиэппитин сиибит. Бу үлэбит, дьиҥинэн, күүстээх эр киһи толорор үлэтэ буоллаҕа. Ону хайаан кыайыаҥый? Наар эдэр, кырдьаҕас дьахталлар хаспыппыт, эр киһи диэн ахсааннаах этэ. Хаһар сирбит мээрэйдэммит, туттар сэп-сэбиргэл таһыллыбыт буолар этэ.
.... бастаан сирбит кырсын хастыыбыт, ону бэрээдэктээхтик дьаарыстыыбыт, Буорун бэйэҥ хаһаҕын уонна трап устун хаспыт буоргун тачканан таһааран траншея кытыытыгар өрөһөлүү кутаҕын. Хаспыт траншеябытын кэнибититтэн маһынан үрүттээн иһэллэр. Ону хаһан өрөһөлөөбүт буорбутунан даҥнаан бараммыт, били хастаабыт кырыспытынан бүрүйэн кэбиһэбит. Оччоҕо траншея баара биллибэт буолар.
Буор хаһа сырыттахпытына немец сүүһүнэн самолетун уонна бэйэбит гиэнин тыастарынан эндэппэккэ билэбит. Өстөөх самолета аастар эрэ, кыһыы-аба, үөхсүү буолар. Онтон биһиги зенитчиктэрбит от-мас төрдүттэн барытыттан ытар курдуктара, халлаан бэргэһэ саҕа баһаам элбэх буорунан туолара да, биир да самолету суулларбатахтара.