31.05.2021 | 22:48

БКЭ сүрүн болдьоҕо саҕаланна

Ыам ыйын 31 күнүттэн биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэн сүрүн болдьоҕо саҕаланна. Бу кэмҥэ Дьокуускай куорат 2517 үөрэнээччитэ БКЭ туттарар.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл киин куорат 18 оскуолатыгар эксээмэн ыытыллар пууннара тэрилиннэ.    

Үөрэх управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Мирослав Афанасьев иһитиннэрбитинэн, ыам ыйын 31 күнүгэр оҕолор географияны, литератураны уонна химияны туттардылар, сэттэ пуун үлэлээтэ.

Куорат оскуолаларыгар эксээмэн бары санитарнай миэрэни тутуһан ыытыллар. Кыттааччы элбэх түгэнигэр, оҕолор тус-туспа аанынан киирэллэр-тахсаллар. Үөрэнээччилэр балтараа миэтэрэ тэйиччи олороллор. Биир  кабинекка 8-10 киһи киирэр (кылаас төһө киэҥиттэн эбэтэр кыараҕаһыттан тутулуктаах).     

Үөрэх управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы кэпсээбитинэн, хас биирдии пууҥҥа кыттааччылар температураларын кээмэйдииллэр, салгыны ыраастыыр рециркулятордар уонна антисептиктаах дозатордар тураллар.  Эксээмэн бүппүтүн кэннэ кабинеттары дезинфекциялыыллар.   

«Быйылгы ураты – БКЭ-ни үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирэр выпускниктар эрэ туттараллар. Үрдүк үөрэх кыһатыгар барбат оҕолор судаарыстыбаннай выпускной эксээмэн (ГВЭ) туттараллар», – диэтэ Мирослав Афанасьев.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....