10.06.2022 | 16:00

БКЭ бастакы сүүс бааллаахтарын ааттара билиннэ

БКЭ бастакы сүүс бааллаахтарын ааттара билиннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

БКЭ түмүгүнэн химияҕа уонна литератураҕа бастакы сүүс бааллаах биэс оҕо аата билиннэ.  Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.  

Литератураҕа муҥутуур үрдүк баалы Дьокуускай куорат 7-с нүөмэрдээх оскуолатыттан Софья Бондаренко, 26-с нүөмэрдээх оскуолаттан Алина Капустина уонна куораттааҕы классическай гимназияттан Маргарита Шмыгина ыллылар.

Химияҕа 100 баалы Дьокуускай куораттааҕы лицейтэн Дина Малогулова уонна  Н.А. Алексеева аатынан техническэй лицейтэн Назар Павлов ыллылар.

Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан географияҕа, литератураҕа, химияҕа, нуучча тылыгар, математикаҕа, историяҕа, физикаҕа уонна обществознаниеҕа эксээмэннэр буолан аастылар.

Бэс ыйын 14, 16, 17 күннэригэр оскуоланы бүтэрээччилэр омук тылыгар уонна биологияҕа, бэс ыйын 20 уонна 21 күннэригэр – информатикаҕа уонна информационнай-коммуникационнай технологияҕа (ИКТ) туттарыахтара, ол кэнниттэн, бэс ыйын 23 күнүттэн от ыйын 2 күнүгэр диэри, БКЭ туттарар «резервнэй» күннэр буолуохтара.

Дьокуускайга быйыл БКЭ 3 тыһыынча кэриҥэ киһи туттарар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...