26.02.2020 | 12:54

БКЭ-2020, АБИТУРА, ҮРДҮК ҮӨРЭХ

БКЭ-2020, АБИТУРА, ҮРДҮК ҮӨРЭХ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үөрэххэ туттарсыы урукку «абитураттан» чыҥха атын буолан турар. Ону, били, этэргэ дылы, бэйэҥ эккитинэн-тириигинэн «амтаһыйбатаххына» билбэккин дииллэрэ чахчы эбит.

Баҕар, биир эмэ төрөппүт «мин оҕом оскуоланы бүтэриэ өссө да ыраах, онон үөрэх туһунан толкуйдуурбут наһаа эрдэ” диэн сөп. Оччотугар, күндү төрөппүт, эн сыыһаҕын. Биһиги хаһыаппыт үөрэххэ киирии, эксээмэннэри туттарыы туһунан тиһигин быспакка суруйар. Бу сырыыга үөрэнээччилэргэ анаан туһаайабыт.

БКЭ-ҔЭ БИЛИҤИТТЭН БЭЛЭМНЭН

Номнуо БКЭ-ни боруобалаан туттарыы саҕаланна. Биллэрин курдук, билигин үөрэххэ туттарсыы бу эксээмэнэ суох табыллыбатын кэриэтэ. БКЭ-ҕэ наадыйбат үөрэх тарбахха баттанар.

БКЭ туһунан учууталлар «оҕону эксээмэҥҥэ буолбакка, биирдиилээн биридимиэккэ бэлэмнэниир ордук эбит» диэн санаалаахтар. Тоҕо диэтэххэ, биллэн турар, ким билиилээх – ол үрдүк баалы ылар. Оттон БКЭ бэйэтэ эмиэ бу сыллар устата балайда уларыйан турар. Ол курдук, маҥнай киирэрин саҕанааҕы курдук бэлэм тестэн биир сөптөөҕүн талыы суох. Чиҥ билиини ирдиир диэххэ сөп.

Ааспыт 2018-19 үөрэх дьылыгар 3 үөрэнээччитэ уустугурдуллубут (профильнай) математиканы 100 баалга туттарбыт, 5 үөрэнээччитэ оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн түмүктээбит Физика-тиэхиньиичэскэй лиссиэй математикаҕа учуутала Любовь Ефремова бу курдук этэр: “Ааспыт сыл эксээмэнэ ким үрдүнэн-аннынан, ким хаачыстыбалаахтык үөрэммитин көрдөрдө. Биир оҕо тоҕо намыһах, иккис оҕо тоҕо үрдүк баалы ылбытын толору сыаналаан, характеристикалаан биэрэр кыахтаахпын”, – диэн этэр.

Онон, өскөтүн үөрэнээччи үрдүк үөрэххэ киириэн баҕарар буоллаҕына, орто сүһүөхтэн саҕалаан ордук эксээмэннээх предметтэрин кичэйэн үөрэтэрэ, үөрэнэрэ наада.

ИДЭҔИН СӨПКӨ ТАЛ

БКЭ-ҕэ хайа биридимиэти таларыҥ олус суолталаах. Онон мээнэ, үлүбээй, кими эрэ үтүктэн дуу, сүрэҕэлдьээн дуу талары умун.

Бастакытынан, үрдүк үөрэххэ киирэргэ икки-үс эксээмэн уопсай баала үрдүк буолуон наада. Аны туран, талбыт биридиэмккин билигин кэлэн уларытар быраабыҥ суох. Урут оннук көҥүллэнэр этэ. Урукку сыллаардааҕы үөрэнээччилэр санааларын иһиттэххэ, ордук ахсаан биридимиэтигэр сыыһалар тахсаллар эбит. Холобура, математика судургутутуллубут (базовай) уонна уустугурдуллубут (профильнай) диэҥҥэ арахсыбыта хас даҕаны сыл буолла. Урут иккиэннэригэр холонон көрүү көҥүллэнэр буоллаҕына, быйылгыттан биирин эрэ талыы олохтонон турар. Ол иһин чопчу ханныгын талары эрдэттэн билэр ордук. Сорох оҕолор, сыыһа өйдөөн дуу, иһитиннэрии ситэ тиийбэтиттэн дуу, холобура, математикалаах үрдүк үөрэххэ туттарсар эрээри, математика уустугурдуллубут (профильнай) көрүҥүн буолбакка, судургутутуллубуту (базовай) талан кэбиһэллэр эбит. Онон, математика диэн буоллаҕына, хайаан даҕаны уустугурдуллубут (профильнай) диэн өйдөнүллүөхтээх.

Иккиһинэн, оскуоланы бүтэрээччи (математикаттан уонна нуучча тылыттан ураты) хас да биридимиэти таллаҕына, хас даҕаны үөрэххэ туттарсар кыаҕа улаатар. Манна эмиэ туттарсааччы ханнык үөрэххэ ханнык биридимиэт ирдэнэрин эрдэтттэн билиэхтээх.

ЭБИИ ҮӨРЭХ

Эрэпэтиитэр дуу, учуутал дуу? Эксээмэн үөрэнээччи эрэ буолбакка, учуутал үлэтин эмиэ көрдөрөр. Холобура, кыһамньылаах, билиилээх, ирдэбиллээх учуутал төлөбүрдээх эрэпэтиитэртэн итэҕэһэ суох. Сол курдук үчүгэй эрэпэтиитэр ээл-дээл учууталтан быдан ордуга биллэр. Ол эрээри чахчы үөрэххэ баҕалаах буоллаххына, иккиэннэрин дьүөрэлиириҥ, ону сэргэ бэйэҥ дьарыктанарыҥ уон оччонон барыстаах, түмүктээх буолуоҕа. Оттон исписэлиистэр эрэпэтиитэри 9-с кылаастан саҕалаарга сүбэлииллэр. Ол эрээри “билиим чычаас, ыарырҕатыыһыкпын” диэн түмүккэ кэлээри гыммыт буоллаххына, аны сааска диэри билигин даҕаны бириэмэ баар, түһүнэн кэбис.

БЭЙЭҤ БЭЙЭҔЭР ҮӨРЭН

Төрөппүт эрэпэтиитэри уйанар кыаҕа суох буоллаҕына, биллэн турар, бэйэҥ эбии дьарыктаныаххыни наада. Исписэлиистэр ФИПИ (Федеральный институт педагогических измерений) сорудахтарынан дьарыктаныҥ диэн сүбэлииллэр. Ону таһынан интэриниэтинэн анал саайтарга киирэн дьарыктаныахха, онлайн-лиэксийэлэри, уруотары истиэххэ сөп. Кэлиҥҥи кэмҥэ СтатГрад сайт биир көдьүүстээҕинэн биллэр. “Решу ОГЭ”, “Решу ЕГЭ” диэн эмиэ бэрт көмөлөөх сайтар бааллар. Маныаха хас даҕаны сылы буолбакка, чопчу ааспыт сыл сорудахтарын көрөргө сүбэлииллэр. Эбэн эттэххэ, сорох сыл былырыыҥҥы сорудах үүт-маас кэлэн хаалыан сөп. Онон, кэнники биэс-алта сыл сорудахтарын сиһилии үөрэтиэххэ сөп.

9-с КЫЛААС ИННЭ-КЭННЭ

БКЭҕэ хайдах да гынан үрдүк баалы ылар кыаҕа суох оҕолор кэлиҥҥи кэмҥэ 9-с кылааһынан тохтоон, колледж, техникум диэки хайысхаланаллара элбээтэ. БКЭ-ттэн куттаныы да баара кистэл буолбатах. Ол эрээри 9-с кылаас да кэнниттэн үөрэнии үксэ ботуччу төлөбүрдээх. Төлөбүрэ быйыл 40-50 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспит. Ол эрээри, этэргэ дылы, эрдэттэн сири ыла турар барыһа ханна барыай? «Ортону” бүтэрбиттэн, хата, ким-хайа иннинэ идэ ылан, үлэлэнэн-хамнастанан, олохторун оҥостоллор. Орто үөрэх кэнниттэн үрдэтинэр даҕаны барыстаах. Бүддьүөт миэстэтигэр киирэр кыах элбиир.

Ойон тура-тура юрист, экэнэмиис, буҕаалтыр буола сатыыллар диэн баар эрээри, ити идэлэргэ туттарсааччы билигин даҕаны элбэх эбит.

МЭДЭЛИИСТЭР, КЫТААТЫҤ

Аны мэтээлгэ суоттанааччылар тугу билиэхтэрин сөбүн көрүөх. 2-3 сыл аннараа өттүгэр хайа баҕар үчүгэй үөрэнээччи оскуола боруогун сиэбигэр мэтээллээх атыллыыр кыахтаах этэ. Былырыыҥҥыттан ол тохтоото. Кыһыл көмүс мэтээлгэ суоттанааччылар математика (профильнай) уонна нуучча тылын эксээмэнигэр 70-тан намыһах баалы ылыа суохтаахтар эбэтэр судургутутуллубут (базовай) математиканы туттарар түгэннэригэр “биэс” сыанаҕа эрэ туттардахтарына мэтээллэрин ылаллар. Ол эбэтэр «туйгун” сыаналаах аттестакка уонна “За особые успехи в учебе” мэтээлгэ суоттанааччылар икки ирдэбили толоруохтаахтар. Бастакытынан, кэлиҥҥи икки сыллааҕы сыана бары биридимиэттэргэ «5» буолуохтаах. Иккиһинэн, биир кэлим эксээмэҥҥэ 70-тан аҕыйаҕа суох баалы ылыы. Онон, мэтээл иһин киирсии, аччаабыта, 9 кылаастан саҕаланыахтаах.

ХИФУ САҤА БЫРААБЫЛАТА

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка эһиилги 2020-2021 үөрэх дьылыгар туттарсыы быраабылата бигэргэннэ.

Быйыл университет үөрэххэ туттарсыыга докумуону, өрүү буоларыныы, бэс ыйын 20 күнүттэн саҕалаан тутар.

Быйылгы үөрэх дьылыгар 3549 бүддьүөт миэстэтэ көрүллүбүт. Итинтэн 2772-тэ бакалавриакка уонна специалитекка бэриллибит. Ааспыт сылтан улахан уларыйыы суох. Арай урукку сылларга математика орто баала хайысхаларынан араас эбит буоллаҕына, 2020-2021 үөрэх дьылыгар туттарсыыга барыларыгар биир буолуоҕа — 39 баал, нуучча тылыгар — 40 баал. Итиэннэ тус ситиһии иһин аахсыллар олимпиада испииһэгэ элбээбит, ааҕыллар баалларыгар эмиэ уларыйыы киирбит. Эбии саҥа идэлэрин эппиттэр. Холобур, Автодорожнайга  “наземные транспортно-технологические средства” специалитет. Үөрэххэ туттарсыы болдьоҕун, ханнык докумуоннар ирдэнэллэрин, тус ситиһиигэ туох киирсэрин,о.д.а. туһунан сиһилии ХИФУ сайтыттан билсиэххэ сөп.  Санатан эттэххэ, университет 12 институттаах, 5 факультеттаах, 3 филиаллаах уонна 2 колледжтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...