Бизнес-инкубатор эргиччи барыстаах
Сардана уонна Вячеслав Сукуловтар сувенирдары, эбэҥки киэргэллэрин уонна музыкальнай инструменнары оҥорор хоббиларын сайыннаран, билигин бизнес-инкубаторга үлэлии олорор эдэр предпринимателлэр.
– Бизнес-инкубаторга хайдах киирбиккитий?
Сардана: Биһиги төрүт дьарыкка тирэҕирэн сувенирдары оҥоробут: эбэҥки киэргэллэрин уонна таба туйаҕыттан тыас-уус таһаарар музыкальнай инструменнары, тирииттэн сувенирдары оҥоробут. ИП быһыытынан 2018 сыллаахха балаҕан ыйыгар регистрацияламмыппыт. Быыстапкаларга, дьаарбаҥкаларга олох уруккуттан кыттабыт. “Якутия мастеровая”, “Сияние Севера” сыл аайы кыттан кэллибит. Ол быыстапкаларга кыттыыттан саҕалаан бэйэ дьыалатын арынарга санаммыппыт.
Бастаан мин хоббим этэ. Оскуола саҕаттан илиибинэн ону-маны оҥорор этим. Ийэм технология учуутала, бэйэм эмиэ Намнааҕы педагогическай колледжы бүтэрбитим. Бизнес-инкубаторга киирэр туһунан үлэбиттэн уурайан эрэ баран толкуйдаммыппыт.
Вячеслав: Инкубаторга миэстэ баарын туһунан истэн, онно тиийбиппит. Бизнес-былаан суруйуҥ диэбиттэрэ. Биһиги буоллаҕына ол туһунан туох да өйдөбүлбүт суох этэ. Артем Ним диэн бэйэлэрин резиденнэригэр сүбэлэттэрэ ыыппыттара. 3 чаас устата кэпсээтэ, сүбэлээтэ, бизнес-былаан ис тутула хайдах буолуохтааҕын, тугу булгуччу кэпсиэхтээхпитин сиһилии ырытан биэрдэ. Онтон умайыктанан, биир түүн иһигэр бизнес-былааммытын суруйан кэбиспиппит.
Ол иннинэ реферат курдук бэйэбит былааннаах этибит. Бизнес-былаан диэн олох атын эбит: суот-учуот, маркетинг барыта былааҥҥа киириэхтээх.
Куонкурус түмүгүн нэдиэлэ устата кэтэспиппит. “Аастыгыт” диэн эрийбиттэригэр, үөрүү бөҕө. Биһиги бизнес-инкубаторга бэйэлэригэр тиийбиппит. Билигин ИП-лар “Мой бизнес” киин нөҥүө куонкурустарга кыттыахтарын сөп.
– Инкубаторга киирэр туох туһалаах эбитий?
Сардана: 11,5 кв.м. иэннээх хоһу, коммунальнай төлөбүрдэрин эбэн туран, баара-суоҕа 4000 солк. ылан олоробут. Бастакы сылбытыгар ол аата 75 бырыһыан чэпчэтиилээх арыанданы төлүүбүт. Иккис, үһүс сылбытыгар эбиллиэхтээх. 3 сыл буолан баран инкубатортан тахсан барыахтаахпыт. Бэс ыйыгар бастакы сылбыт бүтэр.
– Матырыйаалгытын хантан ылаҕыт?
Сардана: Матырыйаалбытын – тириини, замшаны мантан атыылаһабыт. Фурнитурабытын, онтон да атын бытархайы Арассыыйа киин куораттарыттан ылар барыстаах. Биһиги дьиэ кэргэн бизнеһин арыммыт буоламмыт, ийэбит, аҕабыт кытта үлэлэһэллэр. Үксүн бэйэм оҥоробун. Оттон батарыы, атыы-эргиэн өттүн кэргэним дьаһайар.
Үлэ миэстэтин таһаара иликпит эрээри, улахан сакаас киирдэҕинэ, ыҥыран үлэлэтэр дьонноохпут.
– Нолуоккутун хайдах төлүүгүт?
Сардаана: Биһиги патент систиэмэтигэр олоробут. ИП-ларга патенынан олорбуккут судургу диэн этиэм этэ. Тоҕо диэтэххэ, сылга биирдэ патент ыларгар эрэ төлүүгүн. Патент – барыстаах уонна судургу. Элбэх отчуот, кумааҕы наадата суох.
Страховой төлөбүрдэрбит син бары тэрилтэлэргэ курдук.
– Өссө ханнык өйөбүлүнэн туһаммыккытый?
Сардана: Миигин бары “ИП регистрациялаама, докумуона мачайа бэрт”, “туох да өйөбүл син биир суох”, “бастаан хараҕын уоттанан баран уостан хаалыаҥ” диэбиттэрэ. Дьиҥэ, бизнес-инкубатор биһиги курдук ремесленниктэргэ улахан өйөбүл эбит. Босхо кэриэтэ дьиэ биэрэллэр, араас үөрэххэ сырытыннараллар.
Холобур, акселлерационнай бырагыраама диэн наһаа үчүгэй эбит. Мин 2-с сүүрээни кытта үөрэнэн бүтэрдим. Саҥа саҕалаан эрэр киһи оҥорорун эрэ билэр. Оттон бу бырагыраамаҕа прелприниматель идэтэ туохха тирэҕирэрин, хайдах барыахтааҕын үөрэтэллэр. Бизнескэ киирбит саҥа сүүрээннэр, хамаанданы кытта үлэ барыта. Буор босхо үөрэх, судаарыстыбаннай диплом биэрэллэр.
Вячеслав: Грант, субсидия диэни ыла иликпит. “Мой бизнес” нөҥүө көмө ылбыппыт – ребрендинг оҥорбуттара. Ол аата “Ректаймҥа” харчы көрөннөр, оҥоһуктарбыт упаковкатын, визиткаларбытын, бэйэбит формабытын, баннердарбытын оҥорон биэрбиттэрэ. Биир тэрилтэ сайт оҥорон биэрбитэ, электроннай илии баттааһыммытын барытын кинилэр көмөлөрүнэн босхо ылбыппыт.
Итини таһынан саамай туһалаах – үөрэтэр семинардар. Резиденнэр олох кыра төлөбүргэ үөрэнэбит. Холобур, Дьулустаан Ивановка Саха сиригэр бизнеһи хайдах салайар туһунан үөрэҕи ааспыппыт. Бэйэбит дьоммутуттан үөрэнэр ордук туһалаах. Тоҕо диэтэххэ, Арассыыйаттан кэлэн үөрэтээччилэр биһиэхэ туттуллубат ньымалары кэпсииллэр. Холобур, Арассыыйа киин куораттарыгар “Вконтакте”, “Одноклассники” социальнай ситимнэри күүскэ туһаналлар, аҥаардас онно эрэ бизнеһи сайыннарыахтарын сөп. Биһиэхэ “Инстаграм” эрэ үлэлиир. Билигин мин “Бизнес-молодость” үөрэҕин ааһа сылдьабын, онно Арассыыйа киинигэр туһаныллар ньымалары үөрэтэллэр.
Сардана: Арассыыйа ырыынагар тахсыан баҕарар киһи “Вконтакте”, “Одноклассники”, “Телеграмм” сатыахтарын, онно көхтөөх буолуохтарын наада эбит. Биһиги социальнай ситимнэргэ барытыгар үлэлээн эрэбит. Арассыыйа куораттарыттан сакаас үксүн ити ситимнэринэн киирэр. Саха сиригэр, биллэн турар, инстаграм үлэлиир – манна киһи бэйэтин сирэйин бренд быһыытынан хаартысканан, видеонан көрдөрүөн наада эбит. Оччоҕо атыылаһааччы элбиир. Кимэ биллибэт киһиттэн соччо сакаастаабаттар. Оҥоро олорорбутун, үлэ кэмиттэн сюжеттары таһаарабыт. Дьон быһа этиэ, туох эрэ диэхтэрэ диир сыыһа эбит.
– Күрэстэһии баар дуу?
Сардана: Биһиги эйгэбитигэр “Сахабулт” уонна “Сардаана” фабрика бааллар. Ол эрэн биһиги атын форматынан үлэлии сатыыбыт. Сувенирдарбытын бэлэххэ барсар гына хахтыыбыт, суруктуубут, ордук туризм хайысхатыгар сыалланабыт-соруктанабыт.
Оҥоһуктарбыт билигин “Чочур Мырааҥҥа”, “Ирбэт тоҥ саарыстыбатыгар”, Ем.Ярославскай аатынан музейга атыыланаллар. Ону тэҥэ бастайааннай сакаасчыттарбыт Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Нерюнгри, Алдан оройуонугар бааллар.
– Быыстапкаларга кыттыы тугу биэрэрий?
Сардана: Быыстапкаларга атыы соччо барбат, харчы киирэрэ кыра. Маннык тэрээһиннэргэ киһи бэйэтин көрдөрөр, рекламаланар. Атыылаһааччылар, инникитин кууһунан ылааччылар биһигини көрөн билсэллэр.
Вячеслав: Биһиэнэ тупсаҕай хахтааҕын таһынан, килийиэн баҕатынан суруктанар. Холобур, Ленскэйдэр уонна Айхаллар “С любовью из Айхала”, “На память о Ленске” диэн суруттараллар. Оннук ханнык баҕарар тэрилтэ бэйэтин аатыттан сувенир оҥотторон бэлэхтиэн, атыылыан сөп. QR-код туруоран, тэрилтэлэрин туһунан информацияны көстөр гыныахпытын сөп. Оннук сувенир логотиптаах уруучуканы кытта блокнот биэрэрдээҕэр быдан ордук буолар.
– Сыанаҕытын хайдах быһаҕытый?
– Сыанабыт сүрүннээн илии үлэтиттэн тутулуктаах. Илии үлэтэ хаһан баҕарар үрдүктүк сыаналаныахтаах. Биһиэнэ син биир айар үлэ – ис дууһаҕыттан оҥороҕун, кыһаллаҕын, үчүгэй настырыанньалаах эрэ буоллаххына табыллар. Боростуой сувенир эрэ оҥоробут диэбэппит, биһиги Саха сирин туһунан үтүө өйдөбүлү оҥорон дьоҥҥо бэлэхтиибит.