Бизнеһи сайыннарарга көмөлөһөр платформалар
Тиэкиһи суруйарга көмөлөһөр
“Главред” – сервис тиэкис сыыһатын көннөрөр, ордук-хос туттуллар сыыс тыллары ыраастыыр. Информация тиэкис истиилигэр барсардык суруллубутун-суоҕун бэрэбиэркэлиир.
Киэҥ эйгэҕэ тарҕатар
PROnline – информацияны тарҕатарга 30 тыһ. тахса маассабай информация тиһиктэрин кытта ситимнээх. Бу платформа үлэлээбитэ 10 сыл буолбут – Арассыыйа уонна СНГ PR-сервистэрин үс бастыҥнарын испииһэгэр киирэ сылдьара да элбэҕи этэр.
Unisender – e-mail-рассылкалары оҥорор сервис. Судургутун уонна туттарга табыгастааҕын иһин дьон сөбүлүүр. Түргэнник, кыраһыабайдык сурук суруйа охсорго уонна дьоҥҥо тарҕатарга көмөлөһөр. А/B-тест ньымата баар буолан, аахпыт дьоҥҥо төһө дьайыылаах буолбутун билэр кыаҕы биэрэр, сурутааччылар интэриэстэринэн бөлөхтөрү оҥорон, кинилэргэ туһалаах эрэ суруктары ыытарга көмөлөһөр кыахтаах.
«Мегаплан» – онлайн CRM-систиэмэ, хампаанньаны салайарга көмөлөһөр: килийиэннэри кытта үлэни сааһылыырга, хампаанньа иһигэр алтыһарга, күннээҕи үлэни автоматизациялыырга төһүү буолар.
Онлайн алтыһыы
«Яндекс.Телемост» д – А рассыыйаҕа Zoom платформаны солбуйда. Ханнык да ордук-хос дьайыылары эрэйбэт буолан, судургу, Яндекс сервискэ электроннай почталаах эрэ буолуохтааххыт. “Телемостка” конференциялары (мунньахтары) ыытыаххытын, доҕотторгутун мунньуоххутун сөп. Саамай үчүгэйэ – бириэмэтинэн хааччаҕа суох.