16.09.2022 | 14:00 | Просмотров: 652

«Бириэмэ ирдэбилэ” форум ыытыллаары турар

Өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр уопсастыбаларын көҕүлээһининэн уонна дьарыктаах буолуу Саха сирин судаарыстабаннай кэмитиэтэ кыттыылаах балаҕан ыйын 19-21 күннэригэр Дьокуускай куоракка Уһук Илиҥҥитээҕи инбэлииттэр үлэлээх буолууларын форума ыытыллаары турар.
Ааптар: Ньургуйаана Скрябина
Бөлөххө киир

Форумҥа Уһук Илин инбэлииттэрин уопсастыбатын бэрэстэбиитэллэрэ, дьарыктаах буолуу кииннэрин исписэлиистэрэ уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон кыттыыны ылыахтара. Форум чэрчитинэн быыстапка, үлэ дьаарбаҥката, кэпсэтиилэр, төгүрүк остуоллар ыытыллыахтара.

Даҕатан эттэххэ, бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ 58000 тахса инбэлиит олорор. Олортон 35000 киһи үлэлиир саастарыгар сылдьаллар, 28000-ҕа тиийэ киһи араас тэрилтэлэргэ үлэлииллэр. 18-тан 44-гэр диэри саастаах 18000 кэриҥэ доруобуйаларынан хааччахтаах дьон баара биллэр.

Биллэн турар, хас биирдии киһиэхэ үлэлээх буолуу – тыын боппуруос. Оттон доруобуйатынан хааччахтаах киһиэхэ ол икки бүк суолталаах. Үлэлээх киһи олоххо сыаллаах, сарсыҥҥыга эрэллээх. Киһи – санаатынан. Онон үлэ булуохтарыттан доруобуйалара тупсубут, бэл, учуоттан тахсыбыт киһи элбэх.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.