03.03.2021 | 10:24

Билиҥҥи кэмҥэ саамай наадалаах киинэ таҕыста

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

 “Лена” кырдьаҕас киинэ театрыгар кулун тутар 2 күнүгэр сэрии саҕана Чурапчылар хоту көһөрүллүүлэрин туһунан документальнай киинэ премьератын олус долгуйан олорон көрдүбүт. "Вечная память народа" диэн киинэбит олус сөпкө ааттаммыт. Көһөрүллүү оҕолорун өйдүүр, кэм сэнэх эрдэхтэринэ кэпсэтиннэрбиттэрэ наһаа үчүгэй, киинэ ис хоһоонун сытыырхатан, тупсаран биэрдэ.

Премьераҕа историческай наука доктора А.А. Борисов ылыннарыылаах тылынан, историяны сиһилии кэпсээбитэ, сахалыы өйдөөбөт дьоҥҥо уонна Чурапчы алдьархайын ситэ-хото, чопчу билбэттэргэ анаммыт чуолкай быһаарыы буолла. Дьон саҥата субтитрынан нууччалыы тылбаастанан, сурук тахсан иһэрэ өссө үчүгэй буолбут. Биһиги дьоммут урукку олоҕу таҥнан-симэнэн, уобарастаан, итэҕэтиилээхтик оонньоон көрдөрдүлэр. Күүстээх толкуй, элбэх былааннаах үлэ барбыт.

    Арассыыйа олохтоохторо сэрии кэмигэр Саха сирэ хайдах курдук ыарахан балаһыанньаҕа олорбутун биллинэр. Бэйэлэрин толук ууран, аанньа аһы аһаабакка, аччыктаан да туран, кыахтара баарынан балыктаан, бултаан фроҥҥа көмөлөспүттэрин кэпсиир киинэ билиҥҥи кэмҥэ чахчы наада.

       Сыал-сорук туруорунан, иилээн-саҕалаан,үлэлээн-хамсаан киинэни атаҕар туруорбут, киэҥ көрөөччү сыанабылыгар таһаарбыт дьоннорбутугар Сардана Михайловна Захароваҕа, Лена Матвеевна Баишеваҕа, режиссёр Марина Калининаҕа, педагогическай үлэ бэтэрээнэ  Евдокия Федоровна Захароваҕа дириҥ махталбытын тиэрдэбин, айымньылаах үлэҕитигэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт. Сыарҕаҕыт сыҥааҕа сырылаччы сырылыы турдун, киинэ куонкурустарыгар ситиһиилэхтик кыттаргытыгар эрэнэбит.

Анна КОЗЛОВА

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...