15.07.2021 | 15:30

Бииргэ төрөөбүт оҕолору биир оскуолаҕа киллэриэххэ сөп буолла

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бииргэ төрөөбүт оҕолору дьиэтээҕи пропискаларыттан тутулуга суох биир оскуолаҕа киллэриэххэ сөп буолла. Ол туһунан уларыйыы Дьиэ кэргэн кодексатыгар от ыйын 13 күнүгэр киирдэ.
Бу иннинээҕи нуорманан биир дьиэ кэргэҥҥэ, биир дьиэҕэ олорор оҕолор эрэ биир судаарыстыбаннай уонна муниципальнай тэрилтэлэргэ  киирэр бырааптаах эбиттэр. 
Судаарыстыбаннай дума үөрэҕириигэ уонна наукаҕа кэмитиэтин чилиэнэ Алена Аршинова быһаарбытынан, ити нуорма оҕолор бииргэ төрөөбүттэрин дакаастыыр наадатын үөскэтэр эбит. Билигин ити усулуобуйа уларыйар. 
«Оҕо сүрүн хайысхаларынан – оскуолаҕа киириэн иннинээҕи уонна начальнай оскуола бырагыраамаларынан бииргэ төрөөбүттэрин кытта үөрэнэргэ быраабы ылар», - диэн сокуоҥҥа этиллэр.
Итини таһынан, бырабыыталыстыба судаарыстыбаннай федеральнай уорганнар көрүүлэригэр сылдьар үөрэх кыһаларыгар – «президент кадетскай училищетыгар», «суворовскай байыаннай училищеҕа», «нахимовскай байыаннай-муора училищетыгар», «кадетскай (морской кадетскай) байыаннай корпус», «казактар кадетскай корпустарыгар» уонна профессиональнай үөрэхтээһиҥҥэ – «байыаннай-мусукаалынай училищеҕа» үөрэнэр оҕолорго төлөнөр харчы кээмэйин, усулуобуйатын уонна бэрээдэгин быһаарар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...