01.06.2022 | 22:08

Бииргэ үлэлээһин — үтүө түмүк мэктиэтэ

Бииргэ үлэлээһин — үтүө түмүк мэктиэтэ
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга Евгений Григорьев «1000 тиэргэн» Уһук Илиҥҥи бырагырааманы олоххо киллэрии чэрчитинэн уокуруктарга нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэрин салгыыр. Көрсүһүү сүрүн сыала – дьон санаатын истэн, тупсаран оҥоруу бырайыагар көннөрүүлэри киллэрии.

Куорат олохтоохторун көрдөһүүлэринэн тиэргэни тупсаран оҥоруу бырайыага уларыйыан сөп. Ол курдук, ыам ыйын 27 күнүгэр куорат баһылыга Евгений Григорьев Губинскай уокурук Богатырев уулуссатын 4/1 нүөмэрдээх элбэх кыбартыыралаах дьиэтин олохтоохторун кытта көрүстэ. Дьиэ 1984 сыллаахха тутуллубут.

Евгений Григорьев, куорат баһылыга:

— Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев «Мин тиэргэним» уонна биһиги «Тупсаран оҥоруу үс сыла» бырагыраамаларбыт тиэргэн территорияларын бэрээдэктиир кыаҕы биэрдилэр. Маннык киэҥ далааһыннаах үлэ урут ыытылла илик этэ. Онон кылгас болдьох иһигэр олохтоохтору кытта сомоҕолоһон, күүскэ үлэлиир сорук турар. Кэнники, тупсарыы үлэтэ саҕаламмытын кэннэ, өйдөспөт буолуу, туох эрэ уустуктар тахсыбаттарын курдук, этэргэ дылы,  «бэтэрээ кытылга» икки сүрүн боппуруоһу чуолкайдаһыахтаахпыт – бырайыагы дьүүллэһиэхтээхпит уонна биһигини кытта ыкса үлэлэһэр олохтоохтор көҕүлүүр бөлөхтөрүн тэрийиэхтээхпит. Көҕүлүүр бөлөх биһигини кытта тэҥҥэ үлэ хаамыытын, хаачыстыбатын хонтуруоллуохтаах. Маннык бииргэ үлэлээһини – кыттыгас бырайыактааһыны быйыл саҥа киллэрдибит.

Олохтоохтору кытта көрсүһүүгэ туһааннаах тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ сырыттылар. Бырайыагынан дьарыктаммыт «Кылаабынай архитектурнай-былаанныыр управление» МБТ үлэһиттэрэ, бырайыак презентациятын көрдөрө-көрдөрө, олохтоохторго сиһилии быһаардылар, ыйытыыларга  хоруйдаатылар.

Анатолий Васильев, «Кылаабынай архитектурнай-былаанныыр управление» МБТ дириэктэрэ:

— Дьокуускай куоракка быйыл 75 тиэргэн территориятын тупсаран оҥорууну былаанныыбыт. Бу билигин кэлэн турар Богатырев уулуссатын 4/1 нүөмэрдээх элбэх кыбартыыралаах дьиэтин тиэргэнин бырайыагын биһиги тэрилтэбит оҥордо. Олунньу ыйтан саҕалаан олохтоохтору кытта үлэлэһэн барбыппыт. Маннык үс мунньаҕы ыыттыбыт, бу төрдүс, түмүктүүр, бырайыагы бигэргэтэр мунньахпыт. Кылгастык эттэххэ, бу тиэргэни барытын аспааллыахтаахпыт, парковканы кэҥэтэн, 60-ча миэстэни эбиэхтээхпит, дьоҕус тренажердары туруоруохтаахпыт уонна «линейнэй» тииптээх дьоҕус паарканы оҥоруохтаахпыт. Дьон сынньанарыгар, оҕолор оонньуулларыгар бары өттүнэн табыгастаах миэстэ буолуохтаах. Олохтоохтор баҕа санааларын барытын учуоттаатыбыт. 

Көрсүһүүгэ массыына парковкатын хайдах кэҥэтэр, оҕо балаһааккатын оҥоһуута, кытаанах бөҕү мунньар баахтары суол кытыытын диэки көһөрүү курдук кыһалҕалары дьүүллэстилэр. Итини сэргэ тиэргэннэринэн массыына курдары ааһар суолун сөбүлээбэттэрин, хайдах хааччахтыахха сөбүн ыйыталастылар. Туһааннаах тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрэ ити кыһалҕа бырайыакка киирбэтин эттилэр, дьиэ олохтоохторун уопсай мунньаҕын тэрийэн, сүбэлэһэн баран, «лежачай полицейскайы» уурдарыаххытын сөп диэн сүбэлээтилэр.

 

Джамиля Федорова, «Кылаабынай архитектурнай-былаанныыр управление» МБТ  бырайыактыыр-сметалыыр докумуоннарынан дьарыктанар салаатын начаалынньыга: 

— Исписэлииспит Мария Макарованы кытта бу дьиэ бырайыагынан былырыын сэтинньи ыйтан үлэлээн саҕалаабыппыт. Бастаан олохтоохтору кытта көрсүһэн, мунньахтаан, туох баар кыһалҕаларын, баҕа санааларын истибиппит. Ити кэнниттэн тупсаран оҥоруу схематын бэлэмнээбиппит уонна Архитектура уонна куораты тутуу уонна Куорат тутуутугар уонна тырааныспар инфраструктуратыгар управлениеларын кытта чопчулуурга үлэлэспиппит. Сөбүлэҥи ааһарбытыгар палисадник иһигэр оҕо балаһааккатын оҥорууну, парковкаланар миэстэлэри элбэтиини дьүүллэспиппит. Дьиэ иннигэр пандустаах тротуары былаанныыбыт, оччотугар доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон уонна эдэр ийэлэр кэлээскэлээх сылдьалларыгар табыгастаах буолуоҕа. Икки кэлээскэ мэһэйдэспэккэ ааһалларын курдук кэтиттээх оҥороору гынабыт. Итиэннэ дьоҕус паарка иһигэр дьаарбайар суоллар, оҕо балаһааккатыгар спордунан дьарыктанар тренажер баар буолуохтара. Аччыгый архитектурнай пуормалар – ыскамыайкалар, ууруналар, хааччахтыыр күрүөлэр бары өҥнөрүнэн, истииллэринэн биир буолуохтара. Хомойуох иһин, биир толкуйбут табыллыбата, дьоҕус паарка иһигэр 50 Вт эрэ күүрүүлээх торшердарынан сырдатыыны оҥоруохпутун баҕарбыппыт. Онтон техническэй өттүн дьүүллэһэргэ сырдатыы төлөбүрүн олохтоохтор бэйэлэрэ уйуналлар диэн буолбута, ону кинилэр сөбүлээбэтилэр, онон ити идиэйэттэн аккаастанныбыт. Ол оннугар сырдатыы тирээбиллэрин дьоҕус паарка иһигэр көһөрөбүт диэн буолла. Тоҕо диэтэххэ билигин кинилэр дьиэттэн чугас тураллар, саас сарайтан хаар түһэриитэ буоллаҕына, лаампалар алдьаналлар эбэтэр тирээбиллэр токуруйаллар эбит. Ол иһин, олохтоохтору кытта сүбэлэһэн баран, дьиэттэн тэйиччи көһөрөбүт диэн быһаарыыны ылынныбыт. Аны ууну ыытыыга, лотуоктарынан тиэргэн уута үчүгэйдик сүүрэрин курдук, сир таһымын сыыр курдук оҥорон үрдэтэн биэриэхпит. Бу хайысханан «Водоканал» АУо эмиэ үлэлэһиэҕэ.

Көрсүһүүгэ Губинскай уокурук Управатын дириэктэрин солбуйааччы Андрей Иванов баар. Олохтоохтор Управа баар кыһалҕалары суох оҥорорун туруорустулар. Киниттэн быйыл Богатырев уулуссатын 4/1 нүөмэрдээх дьиэтигэр туох үлэ былааннаммытын ыйыталастым.

 

Андрей Иванов, Губинскай уокурук Управатын дириэктэрин солбуйааччы:

— Быйыл бу дьиэҕэ киирэр ааннары уларытыахпыт, навестары, перилалары уонна кирилиэстэри өрөмүөннүөхпүт. Эһиил, олохтоохтор көҕүлээһиннэринэн, косметическай өрөмүөнүнэн дьарыктаныахпыт. Кылгастык эттэххэ, итинник.

Тиэргэн территориятын тупсарыы буолан эрэриттэн олохтоохтор ортолоругар өрө көтөҕүллүү баара харахха быраҕыллар, дьон сырдаабыт, үөрбүт-көппүт сирэйдэрэ да ону туоһулуур. Куорат баһылыгын оробуочай бөлөҕүн муусуканан доҕуһуоллаан көрүстүлэр.

 

Ольга Чемезова, дьиэ 1-кы подъеһын ыстаарастата:

— Дьиэбит таһынааҕы тиэргэн территорията тупсаран оҥоруу бырагырааматыгар хапсыбытыттан наһаа үөрдүбүт, дьоллоннубут да диэххэ наада. Уочаракка наһаа өр турдубут, 5-6 сыл күүттүбүт. Онон өрөмүөн оҥоһуллар буолбута улахан үөрүү. Бырайыакпыт бэлэм, сөбүлэҥи ааспыта. Тиэргэн уларытыллан, аныгы, тупсаҕай көрүҥнээх буолуоҕа, барыта ымпыгар-чымпыгар тиийэ учуоттанна. Бу билигин дьиэбит иннигэр баар «кэрэни» олохтоохтор бэйэбит илиибитинэн оҥорбуппут. Ол курдук, мастары олордубуппут, сылын аайы сибэкки олордобут, субуотунньуктуубут. Биир тылынан, табыгастаах, кэрэ көрүҥнээх тиэргэннээх буолуохпутун баҕарабыт. Баҕа санаабыт туолан эрэрэ наһаа үчүгэй.

Куорат баһылыга Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, Богатырев уулуссатын 4/1 нүөмэрдээх элбэх кыбартыыралаах дьиэтин территориятын тупсаран оҥоруу от ыйын ортотуттан саҕаланан баран, балаҕан ыйын диэки түмүктэниэхтээх.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...