27.12.2021 | 19:51

Биир сүбэнэн, биир санаанан

Ааптар: Ньургуйаана Скрябина-Сайдыына
Бөлөххө киир

Сэтинньи 23 күнүттэн ахсынньы 3 күнүгэр диэри доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон күннэрин чэрчитинэн араас тэрээһиннэр, быһа эфирдэр, төгүрүк остуоллар, күрэхтэр ыытылыннылар. Билиҥҥи ирдэбил барыта тутуһулунна.

Ол курдук, «Бииргэ дьоллоохпут» күрэххэ тоҕус ыал кытынна.  Нам улууһун 1-кы Хомустааҕыттан Людмила Гаврильевна,  Семен Васильевич Парниковтар бастакы миэстэҕэ тиксэн, кыайыы көтөллөннүлэр. Иккис миэстэни Мэҥэ Хаҥаластан Людмила уонна Иван Слепцовтар ыллылар, оттон Дьокуускайтан Туяра уонна Василий Копыриннар  үһүс миэстэ буоллулар.

«Ийэм, аҕам уонна мин» диэн күрэххэ Амматтан Кузьминнар бастакы миэстэ буолары ситистилэр. Чурапчыттан Владимировтар иккис миэстэҕэ, оттон Бүлүүттэн Поповтар үһүс миэстэҕэ тигистилэр. Кыайыылаахтар бары сыаналаах бирииһинэн наҕараадаланан, үөрүүлэрэ үксээтэ.

Сэтинньи 29 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр уопсастыбаларын voi_sakha инстаграм страницатыгар быһа эфиргэ үлэлээх буолуу судаарыстыбаннай кэмитиэтиттэн Савва Анатольевич Михайлов, медико-социальнай экспертиза тэрилтэтин салайааччыта Лена Ивановна Лазарева ыйытыыларга эппиэттээтилэр, үлэлэрин сырдаттылар.

Сэтинньи 30 күнүгэр  доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон пандемия кэмигэр  үөрүйэхтэрин туһунан төгүрүк остуолга өрөспүүбүлүкэ инбэлииттэрин уопсастыбатын бэрэссэдээтэлэ Ирина Васильевна Лебедева көҕүлээһиннээх  үлэлээх буолуу Судаарыстыбаннай кэмитиэтин салайааччытын солбуйааччы Савва Анатольевич Михайлов,  медико-социальнай экспертиза тэрилтэтин салайааччыта Лена Ивановна Лазарева, үлэ уонна социальнай   көмүскэл министиэристибэтиттэн Альбина Владимировна Трубина,  доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон өрөспүүбүлүкэтээҕи спортивнай  киинин  дириэктэрин солбуйааччы Ньургун Валерьевич Иванов кыттыылаах төгүрүк остуол тула истиҥ кэпсэтии буолла.

Ахсынньы 3 күнүгэр Доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон күннэрин көрсө “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа нөҥүө быһа эфиринэн  сыл түмүктэрин таһаарыы, чаҕылхай көрдөрүүлээх уопсастыба чилиэннэрин бэлиэтээһин буолан ааста.   

Сыл түмүгүнэн «Бастыҥ үлэлээх тэрилтэнэн» Чурапчы улууһун Төлөй нэһилиэгин уопсастыбата ааттанна (бэрэссэдээтэл Мария Петровна Капрынова). «Бастыҥ дьиэ кэргэн» – Соловьевтар дьиэ кэргэн (Нам улууһа).

«Сыл түмүгүнэн бииргэ үлэлэспит киһинэн» Людмила Еремеевна Куприянова (Амма улууһа) буолла.

«Сыл бас-көс киһитэ» номинацияны Чурапчыттан Николай Николаевич Суздалов тутта.

«Саҥа саҕалааһын» номинацията Дьокуускайтан Александра Петровна Слепцоваҕа тигистэ.

«Искусство эйгэтигэр чаҕылхай ситиһии» номинацияны Үөһээ Бүлүүттэн Лука Николаевич Николаев ылла.

«Көлүөнэлэр билиниилэрэ» үрдүк аат Петр Евсеевич Устиновка (Амма улууһа) туттарылынна.

«Сыл суруналыыһа» ааты Амматтан Алтана Алексеевна Артемьева сүктэ.

Бу курдук доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон күннэрэ биир сүбэнэн үрдүк таһымнаахтык түмүктэннэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...