01.06.2022 | 16:00

Биир мөлүйүөҥҥэ чугаһаан эрэбит

Биир мөлүйүөҥҥэ чугаһаан эрэбит
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сирэ Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук үрдүнэн нэһилиэнньэтин ахсаана эбиллиитинэн инники кэккэҕэ сылдьар. Ыам ыйын 30 күнүгэр  «Российская газета» былырыыҥҥы Бүтүн Арасыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһин барыллаан түмүктэрин таһаарда.
Саха сирэ нэһилиэнньэтин ахсаана эбиллиитинэн Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка  саамай үрдүк көрдөрүүлээх.  Нэһилиэнньэ ахсаанын үрдээһинэ федеральнай уокурук икки субъегар бэлиэтэнэр: Саха сиригэр  — 3,9% уонна Бурятияҕа — 0,7%. Итиннэ олоҕуран көрдөххө, региоммут олохтооҕун ахсаана биир мөлүйүөҥҥэ чугаһаата. Ол курдук, 2021 сыл алтынньы 1 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ нэһилиэнньэ биэрэпиһигэр 996 тыһыынча киһи хабылынна. Саха сирин олохтоохторун ахсаана, 2010 сыллааҕыны кытта тэҥнээтэххэ, 38,8 тыһыынча киһинэн эбилиннэ. 
Арассыыйа бүттүүнүн ылан көрдөххө, куораттарга көһүү бырыһыана улахан: нэһилиэнньэ 75% куоракка, 25% — тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар олорор. Биһиги региоммутугар эмиэ итинник хартыына көстөр: 665 тыһыынча киһи (66,8%) — куорат олохтоохторо, 331 тыһыынча киһи (33,2%) тыа сиригэр олорор. Бэчээккэ тахсыбыт статистика дааннайдара – барыллаан көрдөрүү. Түмүк сыл бүтэһигэр биллиэхтээх.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Дьон | 10.01.2025 | 10:00
Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Саҥа сылбыт үүннэ, ону тэҥэ бастакы ыйбыт – Таҥха Хаан ыйа саҕаланна. Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Саха киһитэ былыр-былыргыттан бу ыйга билгэлэнэр, аһыллар, сэрэбиэйдэнэр, итэҕэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, бит-билгэ олоххо киирэр диэн этэллэр. Мин бүгүҥҥү ыалдьытым чараас эйгэни кытта үлэлиир, өбүгэ ситимин оҥорор...
Биэнсийэ туһунан
Сонуннар | 11.01.2025 | 10:00
Биэнсийэ туһунан
Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ буолбакка, үлэлии сылдьааччыларга эмиэ страховой биэнсийэ 7,3 % индексацияланар. Тоҕо чопчу 7,3 % диир буоллахха, дойду үрдүнэн бэлиэтэммит инфляция кээмэйин “сырыһыннарыы” буолар. Үчүгэйэ, үлэлии сылдьааччы билигин ыла сылдьар биэнсийэтэ буолбакка, үлэттэн тохтоотоҕуна ананыахтаах кээмэйэ индексацияланар. РФ Социальнай пуондата маннык холобуру биэрбит:           Холобур, үлэлии сылдьар...
Ыччат хотонтон сиргэммэт
Дьон | 13.01.2025 | 12:00
Ыччат хотонтон сиргэммэт
«Үөрэххин эрэ кичэй, хотоҥҥо саах күрдьээччи, ынах кутуругун эрийээччи буолаары гынаҕын дуо?» – диэни үгүс көлүөнэ элбэхтик истэн улааппыт буолуохтаахпыт. Бу сыыһа өйдөбүллэргэ ыччаппытын иитэн, тыа сириттэн тэйиттибит диэн билигин кэлэн муҥатыйабыт... 30 саастаах Мичил Кононов, 22 саастаах Даниил Романов, Иван Оконешников, Олег Пивоваров быйыл фермер буоларга холоно сылдьар, саха...
“Дыгын-2025”  сүүмэрдээһин 1-гы түһүмэҕэр
Спорт | 03.01.2025 | 14:04
“Дыгын-2025” сүүмэрдээһин 1-гы түһүмэҕэр
Кэлэр сайын Улуу Туймаала уйгу-тунах ыһыаҕар буолар “Дыгын оонньууларыгар” 2024 сылы түмүктүүр 1-кы сүүмэрдээһин күрэхтэһии үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Ахсынньы 24-25 күннэригэр “Триумф” уораҕайыгар 26 улуустар уонна куораттар 58 уоланнара түмсэннэр, ким ордук күүстээх бэлэмнээҕин быһаарыстылар. Быйылгы сүүмэрдээһин уратылаах буолла. Дьон астына көрдө. Тэрийэччи, салайааччы, Саха многоборьетын федерациятын толорооччу дириэктэрэ, “Дыгын...