Биир кэлим социальнай карта баар буолуоҕа
Дьокуускай куоракка олорор элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр уонна чэпчэтиилэринэн туһанар бырааптаах гражданнар оҥоһуллар өҥө испииһэгин кэҥэтэр биир кэлим социальнай картаны ылыахтара.
Куорат баһылыгын э.т. Евгений Григорьев уонна СӨ улэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова биир кэлим цифровой сервис концепциятын олоххо киллэрии туһунан сөбүлэһиигэ илии баттаатылар.
«Аныгы кэмҥэ биир кэлим социальнай карта олоҕу чэпчэтэр инструмент буолуохтаах. Бу көмөтүнэн олохтоохтор оптуобус да, сөмөлүөт да билиэттэрин төлүөхтэрин, судаарыстыбаннай өҥөлөрүнэн туһаныахтарын, өрөспүүбүлүкэ уонна киин куорат тэрилтэлэригэр сылдьан атын бэйэни туоһулуур докумуоннар оннуларыгар социальнай картанан туһанан кыһалҕаларын быһаарар кыахтаныахтара», — диэн Евгений Григорьев эттэ.
Билигин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ уопсастыбаннай тырааныспарга айанныырга эбии чэпчэтиилэри киллэрии боппуруоһа быһаарыллар. Маны таһынан куорат муниципальнай тэрилтэлэрэ эбии чэпчэтиилэри көрөллөрө былааннанар.
«Карта бу иннинэ чэпчэтилэринэн туһанар туспа категориялаахтарга уопсастыбаннай тырааныспарынан айанныырга туһаныллар тырааныспар сыһыарыытын быһыытынан эрэ үлэлиир эбит буоллаҕына, билигин биһиги социальнай карта кыаҕын кэҥэтэр былааннаахпыт. Картанан уопсастыбаннай тырааныспарга эрэ буолбакка, бэйэни туоһулуур докумуоннары көрдөрүүтэ суох судаарыстыбаннай өҥөлөрү ылар кыаҕы биэриэхпит», — диэн Елена Волкова тоһоҕолоон эттэ.
Саха сирин олохтооҕун биир кэлим цифровой сервиһин концепциятын олоххо киллэрии дьаһалларын былаанын Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко бигэргэппитэ.