28.05.2024 | 15:19

Биир кэлим босуобуйа Саха сиригэр 73 565 оҕо төрөппүтүгэр ананна

Биир кэлим босуобуйа Саха сиригэр 73 565 оҕо төрөппүтүгэр ананна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 23 күнүнээҕи туругунан Саха сиригэр биир кэлим босуобуйа 73 565 оҕо төрөппүтүгэр уонна 1 699 хат дьахтарга ананан, 8,59 млрд солк. төлөннө.
Ол туһунан Арассыыйа Социальнай пуондатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Марина Герман брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
Марина Герман маны сэргэ биир кэлим босуобуйаны анатарга элимиэн хайдах ааҕылларын быһаарда. 
Ол курдук, биир кэлим босуобуйаҕа арахсыбыт төрөппүт сайабылыанньа биэрэр түгэнигэр, кэккэ түгэннэри учуоттуур наадатын эттэ. Холобура, сайабылыанньаны Госуслуги нөҥүө биэрэргэ, «Семейное положение» диэҥҥэ «В разводе» диэни талыахха наада. Оччотугар арахсыбыт кэргэн дохуота уонна баайа-дуола дьиэ кэргэн уопсай дохуотугар ааҕыллыбат.
«Бэс ыйын 1 күнүттэн биир кэлим босуобуйа саҥа быраабыланан ааҕыллар – элимиэни учуоттуур бэрээдэк уларыйар. Өскөтүн билигин сайабылыанньа биэрээччи элимиэнтэн киирбит ханнык баҕар харчыны ыйар буоллаҕына, бу боппуруоска суут быһаарыыта суох да түгэнигэр, бэс ыйын 1 күнүттэн уларыйыы киирэр»,– диэтэ Марина Герман.
Өскөтүн элимиэн кээмэйэ суутунан олохтоммут буоллаҕына, уруккутун курдук дохуокка дьиҥ киирбит харчы ааҕыллар. Бу сууманы сайабылыанньаҕа ыйыахха наада, эбэтэр Социальнай пуонда суут бириистэптэрин сулууспатыттан бэйэтэ ылар. 
Оттон төрөппүттэр элимиэн сууматын тылынан быһаарсыбыт эбэтэр нотариуһунан бигэргэппит буоллахтарына, сайабылыанньаҕа эбэтэр нотариальнай сөбүлэһиигэ ыйыллыбыт суума учуоттанар, ол эрээри :
- биир оҕоҕо 4 810,50 солк. итэҕэһэ суох (МРОТ ¼ тэҥнэһэр);
- икки оҕоҕо 6 414,00 солк. Итэҕэһэ суох (МРОТ ⅓ тэҥнэһэр);
- үс уонна онтон элбэх оҕоҕо 9 621,00 солк. (МРОТ ½ тэҥнэһэр).
Арахсыы соҕотох төрөппүт диэн статуһу биэрбэт уонна дохуота суох буолууга төрүөт буолбат. 
«Социальнай пуонда биир кэлим босуобуйаны анатарга Госуслуги портал нөҥүө сайабылыанньа эрэ биэрэр наадатын санатар»,– диир Марина Герман.
Сиһилии 8-800-100-00-01 (босхо) нүөмэринэн билсиэххэ сөп, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....