13.04.2024 | 12:00

Биир күн Оҕо саас музейыгар

Биир күн Оҕо саас музейыгар
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Москваҕа Киин оҕо маҕаһыына (ЦДМ) 1957 сыллаахха биллиилээх архитектор Алексей Душкин бырайыагынан тутуллан үлэҕэ киирбит. Ол саҕана маҕаһыын атыылыыр остуолларын уопсай устатын ааҕан көрбүттэрэ, 2 км тэҥнэспит! Санаан көрүҥ, ол аата бэйэтин кэмигэр оннук улахан маҕаһыын эбит!

Өссө биир интэриэһинэй чахчы – бу дьиэҕэ Сэбиэскэй Сойууска бастакынан эскалатор баар буолбут. Ол кэмҥэ сорохтор (бэл диэтэр, улахан дьон) анаан-минээн хатааһылыы кэлэллэр үһү.

Маҕаһыын 2005 сыллаахха култуура нэһилиэстибэтин эбийиэгинэн билиниллибит. 2008 сыллаахха киэҥ далааһыннаах саҥардан тутуу үлэтэ саҕаламмыт. Ол кэннэ дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар эбийиэгэ 2015 сыллаахха аанын тэлэччи аспыт.

Лубянкаҕа турар атыы-эргиэн киинигэр Оҕо саас музейа үлэлиир. Манна 1950-80 сс. атыыламмыт табаардар, сэбиэскэй кэминээҕи оонньуурдар – барыта 1000-тан тахса экспонат баар. Бүгүн эһиэхэ онно тугу көрбүппүн, истибиппин кэпсиэхпин баҕарабын.

Сымнаҕас оонньуурдар

Сүүнэ улахан эһэ миискэ – Киин оҕо маҕаһыынын сүрүн бэлиэтэ. Аан бастакы Тедди эһэни 1902 сыллаахха Германияҕа Маргарет Штайфф диэн иистэнньэҥ тикпит. Бу дьахтар ыарахан ыарыы кэнниттэн кыайан хаампата, кэлээскэ көмөтүнэн эрэ сылдьара. Ол эрээри талба талаанынан, уран тарбаҕынан аан дойду саамай аатырбыт эһэчээнин айбыт.

Биһиги дойдубутугар бастакы эһэчээннэри 1930-с сылларга Загорскайга тигэр буолбуттар. Иһин баатанан, мас көөбүлүнэн толороллоро. 1950-с сыллартан дойду үрдүнэн сымнаҕас оонньуурдары маассабай оҥорон таһаарыы саҕаламмыт.

Оттон музей саамай улахан экспоната – 1964 сыллаахха тигиллибит Ростислав (Рося) эһэ.

Оҕо аймах тапталлаах дьоруойдара Умка, Винни-Пух, 1980 с. ыытыллыбыт Москватааҕы Олимпиада талисмана Мишутка – музей киэн туттуулара.

Тапталлаах доҕотторбут

Манна оҕо сааспыт аргыстара – Чебурашка уонна Гена, Леопольд куоска, “Ну, погоди!” бөрөтө уонна куобаҕа, үс сибиинньэ уо.д.а. ойуулук, остуоруйа дьоруойдара бааллар.

Сэбиэскэй кэм оҕолоро киэһэ утуйуохтарын иннинэ “Спокойной ночи, малыши!” биэриини сөбүлээн көрөллөрө. Хрюша, Филя, Степашка – үгүс көлүөнэ тапталлаах доҕотторо. 

Маны таһынан, музейга сэбиэскэй кэминээҕи остуол оонньуулара – дуобат, домино, “Морской бой”, футбол, хоккей көрдөрүүгэ тураллар. Итини сэргэ, Самуил Маршак, Корней Чуковскай, Агния Барто уо.д.а. оҕо аймах тапталлаах суруйааччыларын кинигэлэрэ, сэбиэскэй кэм үөрэнээччилэрин туттар тээбириннэрэ кэчигирэспиттэр.

Массыыналар уонна саллааттар

Сэбиэскэй кэм оҕолоро ханнык оробуочай идэлэр баалларын оонньуурдартан билэн улааталлара. Манна бааллар: тыраахтардар, самосваллар, тааҥкалар, автокраннар, бетономешалкалар уо.д.а. Барыта дьиҥнээх курдук. Бу көстүү оччолорго олоххо баар тиэхиньикэни үтүгүннэрэн оҥоруу муҥутаан сайдыбытын бэлиэтиир.

1961 сыллаахха муус устар 12 күнүгэр Юрий Гагарин космоска көтүөҕүттэн оонньуур ракета, луноход элбээбит. 1970-80 сс. дьон үтүктүһэ-үтүктүһэ спортивнай оонньуур массыыналары мунньар буолбуттара.

Араас матырыйаалтан оҥоһуллубут саллааттар, байыанньай тиэхиньикэ эгэлгэтэ – уол аймах сэҥээрэр экспонаттара. Үксэ Москва куорат “Малыш” уонна “Прогресс” собуоттарын үлэлэрэ. 1970-сс. Ленинградтааҕы карбюраторнай собуокка айыллан тахсыбыт “Ледовое побоище” набор – сэбиэскэй кэм оҕотун ыра санаата. Манна бааллар: былаахтарын өрө көтөхпүт, саабылалаах, куйахтаах, ат үрдүгэр олорор саллааттар.

Куукулалар

5000 сыл анараа өттүгэр куукулалар хаптаҕай быһыылаах эбиттэр. Үксүн туойтан сыбаан эбэтэр мастан быһан оҥороллоро. Ол кэмтэн бу оонньууру айан таһаарыы технологията уларыйан, сайдан испит.

Европаҕа куукулалары маассабай оҥорон таһаарыы XXV-с үйэттэн саҕаламмыт. XIX-с үйэттэн бу оонньуурдары мунньар коллекционер элбээбит.

1960 сс. төбөлөрө эргийэр кокууккалар айыллыбыттар. Онтон сыыйа-баайа мичээрдиир, аһыыр, саҥарар, хаамар, харахтарын арыйар-симэр буолбуттар.

Музейга сэбиэскэй кэм кыргыттара сөбүлээн оонньообут араас кокууккаларын көрүөххэ сөп. Холобур, 1960-с сыллардааҕы бастакы Барбилары эбэтэр бастакы Пупстары.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...